ТОП просматриваемых книг сайта:
Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн. Иван Дьячковский
Читать онлайн.Название Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн
Год выпуска 2024
isbn 978-5-7696-2973-0
Автор произведения Иван Дьячковский
Издательство Айар
Бу туран көрбүтүм, били аҕам кыталык үҥкүүтүн көрдөрбүт сиригэр, Амма өрүс кытылыгар турар эбиппин. Үөрүөхпүн да, хомойуохпун да билбэтим. Бу сылтан ордук сыралаһан туран, бэйэм хааман кэлбит, өйбүттэн-санаабыттан арахпатах, куруук миигин угуйбут «Ыраах да ыраах» диэн сиргэ кэлбитим – кыталыктарым олох да суохтар. Ийэм олордубут сибэккилэрэ эмиэ көстүбэттэр. Бу сир тоҕо маннык уларыйда? Урут бу сарай суоҕа. Бу алдьаммыт техника хантан манна кэллэ? Туох айылаах элбэх буочукаларай? Онно-манна ыһылла сытар араас көлүөһэлэр, ол-бу тимирдэр, дьааһыктар, кууллар, умайбыт саппыкылар, бытыылкалар, бааҥкалар, онон-манан тарҕана сытар уокка оттуллар мас… Сыта куһаҕаныын! Бу сир барыта солярка сыттаммыт. Аны бу сиргэ кыталыктар үҥкүүлээбэттэрэ чахчы. Ийэм да сибэккилэрэ үүнэллэрэ саарбах. Уруһуйдуурум курдук, кыталыктары сибэккилээх хонууга үҥкүүлүүллэрин көрүөхпүн баҕарбытым. Аны ханна көрдүү барабын, кыталыктарым үҥкүүлүүр сибэккилээх хонууларын? Ыксыахха наада, оннук сиртэн кинилэри дьон үргүтэ илигинэ!..
Киэһэрэн, хараҥаран барда. Аччыктаатым аҕай! Харыстыы-харыстыы сиэбит килиэбим хоруоската бүппүтэ ыраатта. Аныгы сырыыга дьиэбиттэн ыраах барарбар, өйүөбүн сиэппэр ылбакка, убайым үрүсээгэр уктар буолуом. Оччоҕуна маннык аччыктыам суоҕа. Ол үрүсээкпэр өссө инчэйбэт уонна сылаас таҥаһы, испиискэ уонна чэй өрөр кыракый бааҥка ылар буолуом. Ычча-ычча-а! Халлаан халлыаҕынан халынна. Күнүс наһаа итийбитин боруостаан, салгын тымныйдар-тымныйан истэ. Таҥаһым чараас буолан, түргэнник куурбута эмиэ үчүгэйгэ дылы. Ол эрээри бу хаһыҥҥа таҥас буолан улаханнык абырыа суох. Бүгүн мин өлөрбүн дуу, тыыннаах ордорбун дуу көрөөрү, сулустар чаҕылыччы тыкпыттара сүрдээх. Хамсаабакка турдахха, киһи манна тоҥон өлүүһү. Хаамар буоллахха, дьиэм хайысхатынан – бааһынам диэки хаамтахпына сатанар. Чэ, бу кумах кытыл устун киһи өссө хаамыан сөп. Оттон бааһынам баар ээ, бааһынам! Онно үктэнним да, олох сууллубатахпына сатанар. Суулуннум да, бүттэҕим ол – бадарааҥҥа хам тоҥобун. Дьиҥэр, бу «Ыраах да ыраах» диэн сиргэ ийэм баар буолуохтаах этэ ээ. Уопсайынан, бүгүн букатын табыллыбатым: кустугу да сиппэтим, үҥкүүлүү сылдьар кыталыктарбын да көрбөтүм, ийэбин да булбатым. Ээ, арба да, билли-им-биллим,