ТОП просматриваемых книг сайта:
Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн. Иван Дьячковский
Читать онлайн.Название Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн
Год выпуска 2024
isbn 978-5-7696-2973-0
Автор произведения Иван Дьячковский
Издательство Айар
– Эн бу Чарли Чаплин ханна бараары сылдьаҕын?
– Эһигини кытта походка.
– Оҕолоор, биһиги Чарли Чаплинныын ыраатыахпыт дуо?
– Суох, суох, хааллын!
– Ээ, суох, учуутал кэлэ илигинэ дьиэлээтин! Кини кэлбитин көрдөҕүнэ, учуутал биһигини походка илдьиэ суоҕа!
– Ваня, биһиги эйигин хас хардыы аайы кэтэһэн турар санаабыт суох! – диэн Кыталык Кыыс мин баҕа санаам туманын бүтэһиктээхтик үрэйдэ. Ол да буоллар, учууталым санаатын билиэм, тылын-өһүн истиэм диэн, аан аттыгар олордум.
Учууталым кэлээт, миигин көрүдүөргэ ыҥыран таһаарда:
– Ваня, мин бу эйиэхэ анаан олус интэриэһинэй, туһалаах кинигэ аҕаллым. Үс эрэ күҥҥэ уларыстылар, бүгүн саҕалаатаххына эрэ бүтэрэҕин. Билигин дьиэлээ. Бу кинигэттэн походтааҕар элбэх туһаны ылыаҥ.
Дьиэбэр киирээт, туһалыахтаах кинигэбин мөхпүтүнэн бардым: «Эн тоҕо булан-булан бүгүн көһүннүҥ?! Сарсын көстүөҥ этэ буоллаҕа дии! Оччоҕо наһаа үчүгэй кинигэ буолуоҥ этэ. Бүгүн миигин туохтан матарбыккын билэҕин дуо?» – дии-дии үчүгэйдик өйдөөтүн диэн кинигэбин сахсыйбахтыы түһэн баран, остуолга саайталаатым. Хараҕым кырыытынан көрбүтүм, уон чаас буолбут. Арба даҕаны, подвигым бириэмэтэ саҕаламмыт! Кинигэм уһаат кэтэҕэр элээрбитин билбэккэ да хааллым. Үрүсээгим биирдэ көхсүбэр баар буола түстэ да, тахсан Партизанскай уулусса уһугун диэки түөрэҥэлии турдум. Аара уулуссаҕа оҕолор: «Көрүҥ эрэ, көрүҥ эрэ ити уол үүт-үкчү Чарли Чаплин курдук хаамар», – дэһэ-дэһэ мин хаамарбын үтүгүннүлэр. Ол аайы сельмаг айаҕар турар улахан дьон үөннээхтик күлүстүлэр. Мин кинилэри кытта аахсар-этиһэр кыаҕым уонна солом суох буолан, көрбөтөҕө-истибэтэҕэ буоллум. Испэр: «Чарли Чаплин диэн хос ааттыылларыттан өһүргэммэппин. Ити мин биир кыайыым да диэхпин сөп. Сатаан хаампакка ороҥҥо сытарбынааҕар Чарли Чаплин курдук хаампытым быдан ордук», – дии санаатым. Бэйэбин уоскутунаары «ыраах айаҥҥа туруммут киһи ыт үрэригэр кыһаммат» диэн тыллары хаста да хатылаатым.
Дэриэбинэ бүтэһик дьиэтин сабараанньатыгар сынньана олорон хараҕым ыалдьыар диэри киэҥ хочону кыҥастаһа сатаатым да, биир да оҕону көрбөтүм. Кырдьык даҕаны, оҕолорум олус түргэнник хаамаллар эбит. Киһи хараҕар көстүбэт гына ырааппыттар. Ол да буоллар, «подвигы ситэри оҥоруох тустаахпын» диэн санааттан, туран салгыы айаннаатым. Дэриэбинэттэн тэйдэҕим аайы, сынньанарым үксээн истэ. Иннибэр үрэххэ майгынныыр уһун күөл көһүннэ. Күөлгэ били убайым Кеша кэпсээбит «кууруссатааҕар кыраһыабай, мээтиргиир кустара уонна кинилэрдээҕэр обургу хаастара» уста сылдьаллар. Уу кытыытыгар араас дьүһүннээх-бодолоох кыра диэн, улахан диэн бараах бииһин ууһа бөҕө мустубут. Кинилэри үчүгэйдик көрөөрү уонна үргүтүмээри, күөх окко олорунан кэбистим. Сылайбыт, аччыктаабыт да эбиппин.