Скачать книгу

курдук.

      – Хайа, номнуо оскуолаҕын аҕынныҥ дуо? – Мотуруона хороччу улааппыт кыыһын диэки соһуйбуттуу көрөр.

      – Ээ, манна олоруох кэриэтэ, үөрэммит быдан ордук!

      – Мин эмиэ инньэ дии саныыбын… – Лидыкка эдьиийин диэки буолар.

      – Ийээ, убаай Миитэрэй куораттан аҕалбыт тимир бэстилиэтэ ханнаный? – Баанньыска мас дьааһыгын хаһа туран ыйытар.

      – Тукаам, уурбут сиргэр баар ини!

      – Оттон суох ээ!

      – Ол аата дьиэҕэр хааллардаҕыҥ!

      – Ол бэстилиэтэ суох хайдах да табыллыбаппын! – Баанньыска ытыахча.

      – Ону мин дьэ хайыыбыный? Дэриэбинэҕэ сүүрэн тиийэн аҕалабын дуо?

      – Аҕал! – Баанньыска кыһыытыттан атын оонньуурдарын сиргэ кыыратар.

      – Ээ, дьэ, бу да уолбут атаахтаан түһэн! Бүт, нохоо! – Лидыкка кыыс быраатын буойа сатыыр.

      – Кырдьык даҕаны, бачча улахан эрээригин, наар сыыҥк-сыраан буолуоххар дылы ытыы сылдьаҕын! – Любуска быраатыттан адьас сөп буолбут быһыылаах. Ол эрээри Баанньыска, итиччэ атаах уол, кими истиэ баарай? Өрө баран иһэр. Аттыгар сытар сурунаалы эдьиийин диэки кыыратар. Дьолго, кыыс сурунаалы хабан ылар.

      – Наһаалаама эрэ! Ийээ, аҕаа, уолгутун тоҕо үчүгэй соҕустук буойбаккытый? – Любуска бу сырыыга баҕас чахчы да кыыһырыан кыыһырбыт көрүҥнээх. Ол аайы Баанньыска аһары түһэн, эдьиийигэр өссө тылын көрдөрөр.

      – Оҕолор, билбэт сиргитигэр үктэнэн баран, мээнэ иирсимэҥ, бэрээдэктээхтик сылдьыҥ! – Мотуруона буойбута буолла.

      – Оттон Баанньыска наһаалыыр дии! Тоҕо уолгутун буойбаккытый? Туой кини буруйа суох буолан иһэр, – Любуска ийэтигэр туһаайан этэр.

      – Оттон тоҕо саҥа бэстилиэппин хоруопкабар уурбатаххытый? Үспүйүөннээх оонньоотохпутуна, ити Алаастыыраптар уолаттарын үчүгэй соҕустук ытыалыахтаах этим.

      – Ээ, һычы, төрүт долгуйума. Мин эйиэхэ мастан кыһан, бэртээхэй бэстилиэт оҥорон биэриэм, адьас дьиҥнээх курдугу, – Уйбаан атаах уолун уоскута сатыыр.

      – Пахай, ол былыргы оҕо курдук мас бэстилиэтинэн оонньуом дуо? – Баанньыска кыһыытыттан тэбиэлэнэн ылар.

      – Айыка, кыыс курдук кыҥкыйданан бүт! Түксү! Эйигинэ да суох кыһалҕа элбэх! – Мотуруона, киһи эрэ буоллар, уолун буойар.

* * *

      – Хайа, ыаллар дорооболоруҥ! – суоппар Бааска Санниковтар дьиэлэригэр киирэр.

      Дьөгүөр, ааҥҥа көхсүнэн олорор буолан, сыччах нэһиилэ хайыһан эрэ көрөр. «Дорообо-дыраастый!» түһэрбэт. Ыалдьыт эрэ, сах эрэ киниэхэ төрүт да син биир быһыылаах. Арай Ылдьаана эмээхсин, сааһырбыта бэрдиттэн, уота-күөһэ мөлтөөбүт, будулуйбут харахтарыгар кыл түгэнигэр туох эрэ кыым тыган ыларга дылы буолар.

      – Хайа, Лэгэнтэй уола кэллиҥ дуу?

      – Ээ, мин, мин, Лэгэнтэй уолунабын.

      – Хаһан да сылдьыбат бэйэҥ, хата хайаан үктэннэххиний? – эмээхсин соһуйбуттуу ыйытар.

      – Сайылыкка дьону тиэйэн аҕаллым. Таммах ууну иһэрпэтилэр, онон эһиэхэ киирдим.

      – М-мм, чэ, олор, олор. Биир чааскы чэйи баҕас кутаа инибин.

      Бааска остуолга олорор, эмээхсин чэй кутар. Бааска итии чэйин сыпсырыйан иһэр. Лэппиэскэни

Скачать книгу