Скачать книгу

биллигириирин биллэримээри: «Эрдэ эбит», – диэт, суорҕанын бүрүнэ тарпыта. Түүлүн кэпсии барбатаҕа. Дьон араастаан сыыһа тойонноон кэбистэҕинэ, түүл куһаҕан өттүгэр көһүөн сөп диэн истэрэ. Сарсыарда таһырдьа тахсан, анаан оҥостон туран, оллур-боллур намыһах сири булан, «түүлүм туолбатын» диэн ботугуруурун быыһыгар хаҥас өттүнэн саннын нөҥүө үстэ төхтөрүйэн силлээбитэ буолан, санаатыгар, түүлүгэр туочука туруорбута. Убайа Баһылай Андросов Дьокуускай куоракка учуутал семинариятын бүтэрбит, Саха сирин бастакы үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ, Саха сиригэр Сэбиэскэй былаас олохтоноругар нэһилиэгэр ревком бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 20‐с сылларга гражданскай сэрии күөдьүйэн, дьон сэргэ улаханнык аймаммыта, аҕыйах ахсааннаах сахалар икки ардыларыгар өһүөннээһин тахсан, хаан элбэхтик тохтубута. Маарыйа оччолорго 22‐лээх эдэр дьахтар бастакы уола Миитээтэ үстээх, иккиһэ Ыстапаана биирдээх этилэр. Көтөххө сылдьаллара. Миитээтэ үстээх да буоллар сүрдээх иринньэх этэ. «Киһи дуу, кии дуу буолара таҥараттан тутулуктаах», – диирэ эбэлэрэ Балбаара. Эһэлэрэ Киргиэлэй мындыр өйдөөх кырдьаҕас буолан сэрии саҕаланан, кинилэр улуустарыгар куттал суоһаабытыгар дьиэ кэргэнин бултуур кыһыҥҥы үүтээнигэр илдьэн кыстаппыта. Онтон убайа Баһылай Андросов дьонун кыайан көһөрбөккө, олорон биэрээхтээбитэ, ол түмүгэр бэйэтин уонна аҕыйах ыйдаах кыыһын былдьатаахтаабыта. Кэргэнэ Марыына эрэйдээх аһыытын тулуйбакка, улаханнык ыалдьан, суорҕан-тэллэх киһитэ буолан, сыл аҥаара эрэ сыппыта… Ол ыар кэми Маарыйа умнубат. Убайын тутан илдьэ баралларын төһө да илэ хараҕынан көрбөтөр, быраата Лука, таайын Ньукулай Орлов кэпсээннэриттэн барытын билэр. Ийэтэ Мотуруона эрэйдээх хара өлүөр дылы ол алдьархайдаах кэмнэри ахтан хараҕын уутунан суунаахтыыра.

      Гражданскай сэрии харах уулаах ыар тыына киһи өйүттэн-сүрэҕиттэн сүппэт гына дьахтар дууһатыгар ойууланан хаалбыта хараҕар субу баардыы көстөр…..Ааны тоҥсуйар тыас улам күүһүрэн истэ. Хостон саар тэгил уҥуохтаах баттыктаах тайахтаах эдэр киһи тахсан, ааны аһан биэрдэ. Аан аһылларын кытта сааларын өрө туппутунан, уонча киһи субуруһан дьиэҕэ көтөн түстүлэр. Кинилэр кэпсэтэ да барбаккалар, хоһу барытын түөрэ сүпсүйдүлэр, дьиэлээхтэри биир муннукка хаайдылар. Тойонноро быһыылаах, кылгас сонун нэлэккэйдэнэн, истиэнэҕэ өйөнөн туран саҥата суох табахтыыр. Кини кыараҕас, сүүрэлэс харахтарынан эдэр киһини быһыччы көрөр.

      – Эн дуо, Андросов?

      – Мин.

      – Эрэпкиэҥҥин дуо?

      – Кыра-хара дьон баттыгастан тахсалларын туһугар төһө күүһүм кыайарынан көмөлөһөбүн уонна көмөлөһүөм даҕаны.

      Бандьыыт, ымах гынаат, Баһылайы сирэйгэ биэрдэ. Тойоннорун аттыгар турар кыыллыйбыт бандьыыттар кэрээнэ суох күлэн алларастастылар. Кинилэр Баһылайы, быраатын Луканы, таайдарын Ньукулай Орлову түҥ-таҥ түһэрэн, уорааннаах тохсунньу ый тымныытыгар түҥнэритэ анньыталаан илдьэ барбыттара. Сотору буолаат, олбуор иһэ им-дьим буолла. Дьиэ иһигэр инчэҕэй

Скачать книгу