ТОП просматриваемых книг сайта:
Кытылга кыыс ытыыра. Галина Нельбисова
Читать онлайн.Название Кытылга кыыс ытыыра
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-2135-8
Автор произведения Галина Нельбисова
Издательство Айар
Поэзияҕа дьэ ити курдук, быһыты тоҕо тарпыттыы, кыргыттар күргүөмүнэн биирдэ көҥү анньан киирдилэр. Оттон проза, драматургия эйгэтигэр бастаан чуумпу соҕус этэ, онон-манан эрэ, сэниэтэ суох фонтаннардыы, өрүтэ тыгыалаан көрө-көрө уостан иһэллэрэ. Ол эрээри мин, хаһыаттарга үлэлиир публицист, очеркист кыргыттары ааҕа-ааҕа, күүтэр этим – прозабытыгар эмиэ кыргыттар тоҕо анньан киирэллэрэ буолуо диэн. Тоҕо диэтэххэ, хаһыат, сурунаал, телерадио үлэтэ, ол эбэтэр журналистика, уус-уран айымньыга киириигэ бастакы уонна эрэллээх олук буолар. Нуучча биллиилээх суруйааччылара хаһыаттан үүнэн тахсыбыттара, омуктар да оннуктар этэ (холобура, Хемингуэй), оттон саха суруйааччыларын үксүлэрэ бэчээккэ үлэлээбиттэрэ. Кыргыттар литератураҕа күргүөмүнэн анньан киириилэрэ билиҥҥи кэмҥэ сокуоннай – бэйэтин айылҕатынан кыыс оҕо нарын-намчы, иэйиилээх уйулҕалаах уонна куттаах-сүрдээх, онон кэрэни, үтүөнү ылбаҕайдык ылынымтыа. Аны туран ол да быһыытынан уонна эмиэ айылҕаттан кини иитэр, үөрэтэр-такайар аналлаах – санаан көрүҥ: үөрэҕэ суох саха ийэлэрэ-эбэлэрэ төһөлөөх үгүс оҕолорун, сиэннэрин иитэн, сүһүөхтэригэр туруоран киһи оҥорон таһаарбыттара буолуой! Оттон билиҥҥи кыргыттар ити үтүө айылгыларын таһынан өссө үрдүк үөрэхтэнэн билии-көрүү бөҕөнү ыллылар, аан дойдуну иилии эргийэн культуралара үрдээтэ, ис эйгэлэрин туруга бөҕөргөөтө – кинилэр хайа да нуучча, омук кыргыттарыттан-дьахталларыттан бэйэлэрин итэҕэстик санамматтар. Онон, былыргылыы эттэххэ, киһи сатыырын кини тоҕо сатыа суохтааҕый?!
Түбэһэн аахпаппынан уонна соло да буолбаккабын, мин билиҥҥи сахалыы прозаны барытын кыайан билбэппин буолан баран, аһаҕас көхсүм тоҕо эрэ сэрэйэр. Дьиибэ баҕайы, тумуулаары гыммыппын аан бастаан көхсүм билээччи – кини дьагдьайда да, ол аата сэрэтэр, дьаһалла ылына оҕус диир: ытырдан, сөтөллөн киирэн барабын, муннум уута сүүрэр… «Көхсүбүнэн сэрэйдэхпинэ» диэн төрүттэрбит ол иһин уос номоҕо оҥостоллоро эбитэ буолуо. Дьэ ол «сэрэйдэхпинэ», прозаик кыргыттар үөскээн-тахсан эрэллэр. Өссө саха кырдьаҕастара: «Сэрэйбит да, көрбүт да биир», – диэн этэр буолаллара, ол эмиэ саамай сөп эбит.
Мин Галина Нельбисова уус-уран суруйууга сыстыаҕа диэн сэрэйэр этим – кини очеркалара уус-уран өттүнэн олус табыллыбыт буолаллар, ис хоһоон да өттүнэн киэҥ ааҕааччыны кэрэхсэтэллэр, долгуталлар.
Кэпсээннэрин ааҕан сүрдээҕин үөрдүм. Тыла-өһө оннук уурбут-туппут, уус киһи ыпсарбытын курдук үчүгэй. Саамай сөбүлээбитим – бу уон кэпсээнин ис хоһооно барыта биһиги бүгүҥҥү олохпутун көрдөрөр, аныгы ыал, дьиэ кэргэн сыһыана. «Табыллыбатах абонент» геройа Егор Саввич кыһалҕатын кырдьаҕас дьон тута өйдүөхтэрэ уонна бэйэлэригэр чугастык ылыныахтара. Атын кэм, атын олох, туспа эйгэ оҕолоро, ордук киньиит, кинилэргэ «араабы» буолар оҕонньору истэригэр соччо киллэриэ суохтарын сөп, оттон оҕонньор эмиэ бэйэтин курдук огдообону, куорат эмээхсинин Марфа Михайловнаны, булсан бииргэ өйөһөн олороору тиийбитин эмээхсин туспа олорор уола кэлэн бэлэм дьиэҕэ бэрт буолан киирэҕин диэн үүрэн таһаарарын эмиэ өйдүүгүн: ол бүгүҥҥү олохпут иитиитэ. Куорат таас дьиэтигэр квартира билигин мөлүйүөнүнэн сыаналаах хамнаабат хаппытаал – «ийэм урут өллөҕүнэ дьиэ бу туора киһиэхэ тиксэр» диэн билиҥҥи олох сиэринэн баайга хараҥарыы төрдө дьэ итиннэ сытар. Урукку кэм буоллар, уол соҕотоҕун тэһийбэт ийэм муҥнаах үчүгэй оҕонньорго түбэһэн нус-хас суулаһан олордоллор диэн үөрүөхтээх этэ. Биэс уонуттан лаппа тахсыбыт Павел Ильич («Кырдьыгы эппэтэх ордук») тыаһа-ууһа суох дьахтар булунан баҕатын ханнаран кистээн «аралдьыйа» түһээри гыммытын киньиитэ алҕас билэн кэбиһэн тойонуттан кэлэйэн, тугу да уорбалаабакка оҕонньорун үлбүрүйэр аакка сылдьар хотунун аһынан, кэлин мин кэргэним эмиэ итинник буолуон сөп диэн санаа бөҕөҕө түһэр. «Ыал дьолун түстээтэҕэ» кэпсээҥҥэ Анна Семеновна төрөөтүн кытта ииттэрэ биэрбит көрө да илик кыыһа кэргэн тахсаары саахсаланарын истэн, чугас тыаттан куоракка кэлэн кистии-саба көрөн муҥҥа-таҥҥа түһэрин хайа баҕарар ийэ, кыыс харааста ааҕыаҕа. Сааһыран иһэн огдообо Володяҕа кэргэн барбыт Анфиса саҥа олоҕор, суох буоллар да, хаһаайка бокуонньук күлүгэ түһэн (Володя таптыыр кэргэнин букатын умнубат) эрэйи көрдөрбүтүн («Олох салҕанар аналлаах»), Хочуолунай Биичэ («Аҕа кэһиитэ») иһэн-аһаан тэмтэрийэ да сыстар көннөрүнэр кыахтааҕын, оттон Оля, Андрей, Софья «үс муннук» («Оо, тоҕо, тоҕо?») уһуктанан-кырыыланан хаалбыт олохторун муннуктара кыайан кыларыйбакка үһүөн өйдөрө-санаалара муҥ-кыһалҕа бөҕөтүгэр эриллэрин сүрэххинэн-быаргынан ылына, итэҕэйэ ааҕаҕын.
Галина Нельбисова кэпсээнньит быһыытынан хас да уратылаах. Бастакытынан, тыла-өһө хомоҕой, үчүгэй диэбитим (оннук буолбатаҕына, кэпсээнньит да дэниэ суохтаах этэ). Иккиһинэн, билиҥҥи дьиэ кэргэн тематыгар суруйар, кини ону өҥүн-талатын хойуннара, нөҥүөттэн нөҥүө наһаа түһэ сатаабат: үчүгэй геройдара киһи быһыытынан туох эмэ итэҕэстээх, мөлтөх геройдара үтүө өрүттээх, итэҕэстэрин көннөрүнэр кыахтаах буолаллар. Инньэ гынан ааҕааччы күүппэтэх, таайа охсубат түгэннэрин