ТОП просматриваемых книг сайта:
Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов
Читать онлайн.Название Ийэм кэпсиир… (2 чааһа)
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3154-2
Автор произведения Семен Маисов
Издательство Айар
Хотуурум суолун көрөн эмээхсин:
– Суолун көр… кыһыйара ырааһын, үөрэннэххинэ, ситтэххинэ-хоттоххуна арааһата отчут дьахтар буолууһуккун дуу, хайдах дуу… – дии-дии миигин саҥа көрбүт киһилии сыныйа одуулуур.
Маарыйа ыамыгар тахсарыгар өтөххө үлэлии хаалаары гынабын, ону:
– Барыах, барыах, иккиэн бииргэ сылдьыахпыт, чэйдиэхпит эҥин дии, – диэн хайаан да илдьэ барар, бэйэтиттэн араарбат. Дьиэбит чугас буолан утах эҥин илдьэ киирбэппит. Эбэм ынах ыыр кэмигэр түптэ түптэлиибин, бырдах сүүллээн түспүт кэмэ буолан сүөһүлэр чукаа таһыттан арахпаттар, мэччийэн кэлэ-кэлэ, түптэ буруотугар уһун күнү быһа салгыбакка биир кэм кэбинэн дьаадьаҥната сыталлар.
Сүөһүлэр ыаммыттарын кэннэ, оонньуу сылдьар Баһыычааммытын ыҥыран ылан баран чэйдиибит. Настаа кыыһа Биэрэ дьиэҕэ киһи суох кэмигэр Намыынап Хабырыыл кэргэнигэр Маарыйаҕа хаалар.
Күөрчэхтээх лэппиэскэни чэйи кытта сиибит. Баһыычаан баһын иһэ барыта саҥа, саатар тардыас, тардыаһын ааһан кэлэҕэй, аһыы олорон онтубут «сэһэнин» истэбит. Уолбут тугу эмит этээри гыннаҕына уһун баҕайытык: «Ии-ии-ии… ити көрүүй!..» – диэн баран харахтарын симириҥнэтэ-симириҥнэтэ уоһа үмүрүҥнүүр, онтон саннын дьигиһитээт эмискэ төлө биэрэн өрүһүспүттүү кэпсээн чабыгыратар. Ону истэн эбээ эмээхсин күлэр, мин айахпар уган испит лэппиэскэбин тохтотон, сонньуйан ылабын. Баһыычааммыт «тиэргэн киһитэ» диэтэххэ бүппэт сэһэннээх хаарахан. Эмээхсин:
– Тоом, сороҕун аныгыскы аһылыкка кэпсээр, аны бүтэн хаалыа, хаһаанан кээс, – диэн дьээбэлиир. Оччоҕо Баһыычаан тохтоон, «кырдьык да оннук ээ» диэбиттии турулус-ирилис көрөр, муннун аннын ньухханаат, күөрчэхтээх лэппиэскэтин бэрт минньигэстик мотуйбутунан барар…
Мин эмээхсин биэрбит бэйэбэр сөрү-сөп ынах этэрбэһин мэлдьи кэтэ сырыттым, онон атахтарым уруккум курдук хатыран хайыта баран хааннырбаттар. Аны туран мэлдьи этэрбэс кэтэ сырыттаххына, ардыгар уу киллэрэн уһун күнү быһа холлурҕатарыҥ эҥин да ханна барыай, киһи атаҕын чэрэ хоҥнон хаалар, устунан сымныыр, били муостуйа чэрдийбит тилэхтэриҥ атаҕыҥ таҥаһын уһуллаххына хас оллуру-боллуру, очуру-чочуру барытын билэр буолаллар.
Баһыычаан этэрбэстэрин устан тэлгэһэҕэ мээнэ, онно-манна тэбиэлэтэлээн кэбиһэр, наар атах сыгынньах сылдьарын сөбүлүүр. Атаҕа хатыран лабыай курдук чэр…
Оппутугар киирэрбитигэр уолбут батыһаары гынар да бырдаҕа, күлүмэнэ бэрдиттэн илдьэ барбаппыт, ыалбыт оҕолоро баар кэмнэригэр, олорго туттаран, оонньото хаалларабыт. Бэйэтэ-бэйэтигэр устар уһун күнү быһа тэлгэһэ иһигэр соҕотоҕун арааска аралдьыйан букунайарын да сирбэт киһи. Ардыгар оттон кэллэхпитинэ дьиэтигэр киирэн утуйан буккуруу сытар буолар. Эмээхсин барарыгар Маарыйаҕа: «Биһиги бардыбыт, били киһиэхэ хараххын хатыы сылдьаар…»