ТОП просматриваемых книг сайта:
Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов
Читать онлайн.Название Ийэм кэпсиир… (2 чааһа)
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3154-2
Автор произведения Семен Маисов
Издательство Айар
Хороҕор муостаах
Хотун ынах буолаар,
Үрүттээх астаах
Үтүө ынах буолаар,
Төрөл төрүөхтээх
Төһүү сүөһү буолаар!..
– диир, ити кэннэ бургунас үүтүн, бастакытын, түөрт эмиийин үстүүтэ тардан сиргэ ыыр, онтон дьэптэркэй, киэҥ сүмэлээх, үүттээх ынах буоллун диэн аны өссө көҥдөй сүүтүк иһинэн тыктарар. Уоһаҕынан алаадьы сырдьыгынаталлар. Дьоро киэһэ үүнэр.
Настааччыйа хотуттан кэлбит буолан сүөһүгэ тутуһуллар сиэри-туому билбэт. Оттон Огдооччуйа бэл сүөһү алгыһын этэри кытары сатыыр. Кини кэпсииринэн сорох кырдьаҕастар холбуу тутуллубут тымтыктары уматан, саҥа төрөөбүт туҥуй ынах сиһин устун барбах охсуолаан таптайа-таптайа алгыыллар үһү. Онтон кир-хох сыстыбатын диэннэр сүгэнэн туйаҕын охсуолууллар эбит.
Эбээ эмээхсин хотонуттан киирбэт да буолла, күн солото суох. Уоһах алаадьытын астына сиэтибит. Кэлин синньээн ыаппакка да турбут ынахтар аны күҥҥэ түөртэ ыаналлар. Муоһа Суох уонна Кучур үүттээхтэр, оттон Туҥуй соччо үүтэ суох, кыра баҕайыны ыатар, ону эмээхсин: «Сорох сүөһү иккис, үһүс төрөөһүнүн кэннэ тобуллааччы…» – диир. Тарбыйахтар үҥүлүйэ-үҥүлүйэ ходуччу эмэллэр. Маарыйа ыабыт үүтүн киллэрэн чабычахха кутан икки-үс хонукка үгэххэ туруорар, онтон чараас анал хамыйаҕынан халбыйан сүөгэйдиир. Сүөгэйин сороҕун ытыйан арыылаан, уутун ыган, таптайан баран таска таһааран туспа иһиккэ мунньар. Онтубутуттан кыра-кыралаан киллэрэн лэппиэскэбитин умунуохтаан сиибит. Арыыбыт уутун иһэн кэбиһэбит. Эмээхсин күөрчэхтиир, көбүөрдүүр. Күөрчэх киһи айаҕар киирдэҕинэ симэлийэ ууллан хаалар, минньигэһэ сүрдээх, үрүҥ астан биир ураты бастыҥ аспыт. Собо сиэн баран мэлдьи суоратынан «баттатар» үгэстээхпит. Эмээхсин суораты сиидэҕэ кутан уутун сүүрдэн сүүмэҕин хаалларар, ону күөрчэххэ холбуу ытыйан биир туспа ас оҥорон аһатар.
Төһө да арыт-ардыгар тиийиммэт-түгэммэт олоххо сылдьыбыппыт иһин, биһиги, оҕолор улаханнык быста-ойдо ыалдьыбаппыт. Салгына ырааһа, чөл айылҕа барахсан мэлдьи арчылыы, араҥаччылыы турара улахан сабыдыаллаах. Аһылыкпытын да барытын айылҕабыт тугу бэрсэринэн аһаан эрдэхпит. Онон эт-хаан, өй-санаа өттүнэн чэгиэн-чэбдик буоларга ол суолтата улаханын эбээ эмээхсин мэлдьи ахтан, санатан аһарар. Кырдьаҕас дьоҥҥо кыра