ТОП просматриваемых книг сайта:
Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов
Читать онлайн.Название Ийэм кэпсиир… (2 чааһа)
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3154-2
Автор произведения Семен Маисов
Издательство Айар
Эбээ эмээхсин үс хос кылы хатан туһахтаан, хаптаһын сирэйин быһах төбөтүнэн хайа анньа-анньа, онно кыбытан ытаһалаан доҕуур оҥордо, онтон үөрэнэн биһиги бэйэбит эмиэ доҕуур оҥостон бодьуустастыбыт. Ыалларым оҕолоро: Морууса, Маарпа, Модьу уол буолан бары бииргэ сылдьабыт. Доҕотторум оскуолаларыгар барбыт кэмнэригэр туһахтары Баһыычаанныын көрөбүт, сир уларытан төттөрү-таары бэрийэбит. Иҥнибит туллуктары эргэ хотоҥҥо, күкүр иһигэр мунньабыт. Киэһэ оҕолор оскуолаларыттан кэлэллэрин кэтэһэн аартыгы манаһабыт, дьиэҕэ киирэ-тахса доҕуурдарбытын кэтиибит. Маарпалаах кэллэхтэринэ, улаханнык бултуйбут дьон быһыытынан омуннуран кэпсии-кэпсии, бултаабыт туллуктарбытын көрдөрөбүт, бары үллэстэбит. Күн уһаан халлаан хойукка диэри имнээх, онон киэһэ борук буолуор, лаппа хараҥарыар диэри кыбыынан, далынан, хотон үрдүнэн тэлэкэччиһэбит…
Доҕотторум барахсаттар, оол курдук, айан суолун аартыгыттан тахсан, халыҥ көмнөх саҕынньахтарын устубут, сытыы чыпчырхай лабааларынан хаалбыт чэчир хатыҥнар быыстарынан күлүкүччүһэн, тиритэн-хорутан, тиэтэйэн-саарайан ахан, хаамар-сүүрэр ыккардынан иһэн: «Аа-наа!.. Аанаа!.. Биһиги иһэбээ-эт!..» – дэһэ-дэһэ салгыы сүүрэн туораахтанан кэлэн саба түһэн көрсүһэллэрэ кэтэһиилээх түгэн…
Сааскы өттүгэр өтөхпүт оҕолоро өрөбүллэригэр эрэ буолбакка, көлөлөөх көһүннэҕинэ, хаһан баҕарар кэлэн бараллар…
Муоһа Суохтааҕы үөскэ үүрэн киллэрэн ойбоҥҥо уулаталыыбын. Ойбон мууһа кыһыҥҥытын курдук дөйө тоҥмот, хаар типтэҕинэ төрүт да сиикэй буолар, чоргу да күҥҥэ чараастык чарчыйар, анньыынан биирдэ астыІ да тэстэр, сөп буола-буола оһоору гыннаҕына куйуур ойбонун курдук хайаан да куодаланар. Алларан курдурҕатан баран, мууһун сүүрүнэн ыраастаан кэбиһэбин. Тула өттө сүөһү халтарыйбатын диэн модьоҕолонор, ону ойо охсумаары сэрэнэн туттабын. Ойбонум «тиэргэнэ» ыраас баҕайы күрдьүүлээх. Анньыы, сүүр куруук хайыҥҥа анньыллан үөскэ тураллар. Боруохтара мууһурдаҕына сэмээр «топ-топ» тоҥсуйан, тэбээн ыраастыыбын. Киэҥ ойбоҥҥо хас да сүөһү холкутук кэккэлэһэ туран уулууллар. Ардыгар харсыһан хачымахтаһаллар, онон уулаан бүтэллэрин кэтээн, кэтэһэн турабын. Харса суох дьирэҥкэлэһэн үтүрүһэ сылдьан аны ойбоҥҥо түстэхтэринэ да көҥүл, бэйэтэ да киэҥ киэлилээх ойбон. Сүөһүлэр бытарҕан тымныы саҕанааҕы курдук уулуу охсоот, «оҕолоох суордуу» төттөрү хотонноругар түһэллэрэ тохтоон, халлаан сылыйан, нэһирэн, сүрэҕэлдьээбиттии аат эрэ харата ыадаҥнаһаллар.
Муоһа Суох минньигэс баҕайытык сэмээр сыыйан уулуурун сэҥээрэн көрөбүн. Маҥнай омурда туолуор диэри сүүгүнэччи оборор, онтон куолайын «кулк» гыннаран дьэ ыйыстар. Хас ыйыртаҕын аайы «биир буолла… икки, үс, түөрт, биэс…» диэн ааҕабын. Сотору ынаҕым аҥаар муостаах саллайбыт төбөтүн өрө көтөҕөн тулатын атын аҕайдык, кыраҕытык сыныйбыкка дылы көрүөлэнэр, айаҕын чамырҕата-чамырҕата туора-маары салбанар. «Тыын ылар» быһыылаах.