ТОП просматриваемых книг сайта:
Күнүү. Ирина Харайданова
Читать онлайн.Название Күнүү
Год выпуска 2022
isbn 978-5-7696-6599-8
Автор произведения Ирина Харайданова
Издательство Айар
Холкуос бэрэссэдээтэлэ Торуун бэрт ыраахтан барыны бары саба тутуохтуу:
– Таҥара дьиэтин таһыгар барыҥ! Байыаннай үөрэххэ мустуҥ! – диэн ордоотуур саҥатын иһиттэр эрэ, суорҕан анныгар саһара.
Биичэ, тугу да куоттарбатарбын диирдии, өрүтэ табыгырыыр ат туйаҕын тыаһын олус да куттана, тэһииркии истэрэ.
Биир киэһэ Маайа киирбитэ уонна Сөдүөрэҕэ кыра миискэни ууммута.
Түргэнник сылыбыратар куолас олус кыратык:
– Мэ, ким да көрбөтө, тарбыйах хааһытыттан нэһиилэ ордордум. Кыыһыҥ иэдэйээри гыммыт, – диэн сибигинэйбитэ.
Онтон сылбырхай ууну иһэ олорон кэпсээбитэ:
– Өстөөх көтөр кынаттаахтара туохтан да иҥнибэт үһүлэр. Ол дьарапалааннар өрө уһуутаан кэлэр күннээх буоллахтарына, хотоммут үрдүгэр оппутун кэбиһэр үһүбүт. Түннүкпүтүгэр чүмэчи да уота көстүө суохтаах үһү.
– Тыый, ол оппутун хайдах таһаарар үһүбүт? – диэн Сөдүөрэ ыйыппыта.
– Билбэтим, оннук ирдииллэр.
– Тура-тура ирдээһин. Торуун бэйэтэ тугу аһаан итинник айылаах сэниэлээх эбитэ буолла? Сорох ити биир сыарҕа маспытын эрэйинэн эрбээн бу оһоҕу оттобут. Сарсын тугу аһыырбыт биллибэт.
– Тугу эмит быһаарар инилэр.
– Сотору, мин бу оронтон кыайан турбат буоллахпына, оҕолорбун ханна тиэрдэрэ биллибэт. Торуун саҥата кулгаахпар куһаҕан биттии иҥэн хаалбыт. Киэһэ бурдукка ыттыбыт аһыҥаны быанан түһэртэрэн, куулга хаалатан, аччык оҕолору эрэйдиирин эппитим иһин миигин олус да абааһы көрөр. Туохха туһалаах салайааччыный?
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «ЛитРес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.