ТОП просматриваемых книг сайта:
Күнүү. Ирина Харайданова
Читать онлайн.Название Күнүү
Год выпуска 2022
isbn 978-5-7696-6599-8
Автор произведения Ирина Харайданова
Издательство Айар
Маайалаах ити курдук сып-сырдык баттахтаах, мрамортан чочуллан оҥоһуллубут кэриэтэ ыраас эттээх-сииннээх Нюта диэн кыыстанан хааллылар. Кыыс муннугар тумуу да киирбэккэ, сылтан сыл улаатан истэ. Киниэхэ дьоно уонна эдьиийдэрэ икки ийэлээҕин туһунан мэлдьи кэпсииллэрэ, Нютаны тула өттүттэн маанылаан, тугунан да тутахсыппакка хаан оҕо, балыс оҥостубуттара. Онно-манна бардахтарына, дьон-сэргэ Нюта сырдык баттаҕын муодарҕаан саҥа аллайалларын эдьиийэ Зоя, төрдүс кылааска үөрэнэр кыыс, олус уйуһуйа истэрэ. Балтын Нютаны атын дэтиэн туох да иһин баҕарбата.
Арай биирдэ Зоя балтын сиэтэн маҕаһыыҥҥа киирбитэ, дьон: «Кырааска, кырааска», – дэһэ-дэһэ атыы-тутуу бөҕө. Киниэхэ, хата, Нюта баттаҕын кырааскалыыр санаа көтөн түстэ. Кини биһигиттэн туох да уратыта суох буолуо, биир буолуохпут дии санаата да, дьиэтигэр тиийээт кырааскалаабытынан барда. Кыыһын баттаҕын таҥаһынан баайан баран, улахан үлэни бүтэрбит киһилии, билэр-билбэт ырыатын ыллыы-ыллыы өрө тэбэн үҥкүүлүү, мэниктии сырытта. Арай ким эрэ соһуйбут саҥатыттан өрө хонос гына түстэ! Кини иннигэр ийэтэ Маайа Нютаны сиэппит, кинилэр иннилэригэр-кэннилэригэр балтылара кэчигирэспиттэр. Зоя Нютаны өйдөөн көрөөт, тылыттан матта. Бу ынырыгын! Кини иннигэр хара да буолбатах күрүҥ дьүһүннээх баттахтаах кыыс күп-күөҕүнэн чоҕулуччу көрөн турар! Сирэйэ муус маҥан. Оо, сүөргүтүөн! Бу кини тугу-тугу оҥорбутуй? Оннооҕор оһох кэннинээҕи абааһы маннык буолбатаҕа буолуо… Зоя аны күн аайы кыыһын баттаҕын сууйартан ордубата. Хата, таҥас кырааската буолан абыраата.
Аны биир сарсыарда иһит сууйа сылдьан ыскаап үөһээҥҥи долбууругар араҕас эми көрдө. Бу эми Зоя аҕата «титириир эмэ» диэн үөһэ уурарын көрбүтэ. Зоя өр толкуйдуу барбата. Эмиэ Нютабыт баттаҕа алыс сырдык дии санаата да, эми кып-кыра ууга суурайбытынан барда. Ити кэнниттэн оҕолор тула өттүттэн көмөлөөн Нюта баттаҕын кырааскалаан кэбистилэр. Ол кэнниттэн, дьэ, эмиэ ээр-сэмээр кэтэһии буолла. Дьонноро үлэлэриттэн кэлиэхтэрэ ыраах. Онон кинилэр бу сырыыга бэйэлэрэ эрэ эрдэ көрөн сыана быһыахтара. Сатамматаҕына туох буолуой, сууйуллуо. Арай хараҕар эрэ киллэримиэххэ наада диэн санаалаах Зоя кыыһын баттаҕын сүөрдэ уонна… Аны үөрүүтүттэн тылыттан матта. Кыыһын баттаҕа ромашка сибэкки чопчутун курдук саһархай дьүһүннэммит. Кыыстарын бары эргитэ сылдьан көрдүлэр. Дьэ уонна оонньуу ыстаннылар! Эчи үчүгэйин! Нюта баттаҕа саһархай өҥтөн сыыйа сырдаан тахсара үүт-үкчү ромашка сибэкки!
Киэһэ бааһына кытыытынан Маайа кыыһыныын дьиэ- лээн истилэр. Эмискэ кэннигэр Зоя соһуйбут, үөрбүт саҥата чугдаарар:
– Ийээ, көр, ийээ, көр! – Маайа кыыһа ыйбыт сирин диэки көрбүтэ, бааһына ортотунан, бурдук быыһынан оҕолоро бу бытарыһан иһэллэр.
– Ийээ, ийээ, Нюта ромашка сибэкки курдук дии! – диэн Зоя үөрэн-көтөн мичилийбит хараҕын көрөн, Маайа кыыһыгар тугу да хардарбата. Арай, кырдьык, бурдук быыһыгар көрдөххө, ромашка сибэкки сүүрэкэлиир курдук. Кылгас