Скачать книгу

иһэрэ.

      Ньуккуу аны үс хонугунан Аллан арыытыгар дьоҥҥо от кээһиитигэр көмөлөһө киириэхтээҕэ. Кини сүрүн үлэтэ Дьархан уолугар оҕус сиэтиитэ этэ. Ол иһин бу сар- сыарда ким хайа иннинэ уһуктаат, тиргэтин көрө сүүрбүтэ. Аҕылаан-мэҥилээн тиийээт, хараҕар көрбүтүн итэҕэйбэккэ, тыынан бөтүөхтүү турбута. Кини көрдөҕүнэ, эгэлгэ кэрэ дьүһүннээх куорсуннаах, кыһыл атахтаах кус тиргэҕэ эриллэн тиэрэ түһэн сытара. Чочумча турбахтаат, аны көтөн хаалыа диэбиттии, оргууй сурдурҕаан тиийэн имэрийэн көрбүтэ… Сыыспатах эбит! Кус иҥнибит! Ньукулай дьоллонон хараҕа уоттана түспүтэ, икки өттүгүн таһыммыта, кырдьаҕас дьон үөрдэхтэринэ тутталларын санаан, бэдьэрэ былаастаах үҥкүүлээбитэ. Куһун туһаҕыттан нэһиилэ арааран ылбыта, ыарахана илиитигэр улаханнык биллэрэ. Маҥнайгы булда буолан долгуйан да, кыбыстан да дьоҥҥо көрдөрүмээри, ырбаахытын иһигэр уктан дьиэтигэр төннүбүтэ. Ааны аһан киирээт:

      – Ийээ, мин бултуйдум! – куһун туттаран эрдэҕинэ, Сүөкүлэ уоһун иһигэр ботугураан:

      – Иннигэр кэһиилээх, кэннигэр сүгэһэрдээх, бааттаах, байанайдаах булчут буол, – диэн алҕаабыта.

      Куһу сирийэн көрөн иһэн, саҥа аллайа түспүтэ:

      – Хор, оҕом булчут буолан аһатар-сиэтэр кэмэ кэлбит эбээт! Атыыр көҕөнү бултаабыккын дии, оҕом сыыһа! Бу дьолу! – ийэ барахсан хараҕа уунан туолбута, уолун бэйэтигэр сыһыары тардан, төбөтүттэн сыллаан ылбыта.

      Мантан ыла Ньуккуу булт амтанын билбитэ.

      ТУҺАХХА ИҤНИБИТ КУОБАХ

      Биир киэһэ аһыы олорон, Сүөкүлэ уолун ыйытыытыттан өрө ходьох гыныар диэри соһуйда:

      – Ийээ, биһиги далбыт кэтэҕинээҕи тыаны бэйэбит бас билбэппит дуо? Тоҕо итиннэ туһахтаабаппытый? – уонна харда күүтэн, чоҕулуччу көрөн олороохтоото. Сүөкүлэ чочумча саҥата суох олордо. «Бастаах» дьон «кыраларга» сыһыаннарын оҕо өстүйбэтин курдук хайдах быһаарыан билбэтэ. Онтон санаабытыттан олох атыны эттэ:

      – Ыы, оҕом санаата модьутун көр. Биһиги бас билэр кыахпыт суох. Итиннэ Кубалаахтан балтараа көстөөх сиргэ олорор Дыадай баай туһахтыыр. Биһиги кыттыспаппыт, ити туһунан аны санаама. Онуоха Ньукулай:

      – Ити биһиги тыабыт! Биһиги эрэ бултуохтаахпыт! – диэн кэлиилии кэбэ олордо. Дьэ, иннин биэрбэт киһи буолан биэрдэ.

      Ити итинэн ааһан хаалыа эбитэ буолуо да, уол биир күн, отонноон сиэри, ыллык устун ойуур иһигэр киирбитэ. Онтон эмискэ туох эрэ букунайар тыаһын истэн, ойоҕоһун диэки хайыһа түспүтэ, маҥхайан эрэр бөп-бөдөҥ куобах туһахха иҥнэн өрө мөхсө сытар эбит. Өйүгэр ийэтин кытта кэпсэтиитэ охсуллан ааста да, «тыата – биһиэнэ, аһа – биһиэхэ» диэн өйдөбүл кытаанахтык иҥэн хаалбыт эбит. Ыстанан тиийдэ да куобаҕын кууһа түһэн өлөрөөрү гыммыта – кыайтарбат, ырбаахытын дуомун хайа тэбэн, иһин сиирэ-халты хайыта тыытар. Хата, киниэхэ анаммыт курдук, бугул тоһоҕото саҕа мас сытарын ылан төбөҕө охсор, онуоха туһаҕа быһа барар. Куобаҕа дөйүөрэн кыайан хамсаабат буолбутун ураҕаһынан сабыта эттээн өлөрөр. Дьиэтигэр аҕалан:

      – Ийээ, бу биһиги тыабытыгар туһахтаабыт киһи куобаҕын ыллым, – диэбитигэр ийэтэ бултаатыҥ диэн үөрбэтэ. Уола кини санаатын сэрэйэн, ааспыкка эппитин кубулуппакка этэ турда. Сүөкүлэ эрэйдээх, хайыыр да кыаҕа суоҕун билинэн, үөһэ тыынан кэбистэ, оҕотун диэки уйарҕаабыт хараҕынан көрөн олороохтоото…

      Дыадай икки хонон баран туһаҕын көрө сылдьан, арҕаа ыалга чэйдии олорон, Ньукулайы ыҥыртаран ылла:

      – Нохоо, мин туһахпыттан куобаҕы тоҕо ыллыҥ?! – диэн баран илбиркэй таҥастаах уолу сүр суостаахтык өрө-таҥнары эриличчи көрбүтэ буола-буола саҥарда. Ньукулай иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии:

      – Аны кэлимэ, ити мин тыам, бэйэм бултуоҕум! – иэдэстээх кулгааҕа итийбэхтээн, икки чабырҕайа быһыта кэйиэлээн ылла да уол тас ааны былдьаста.

      Аан сабыллар тыаһын тилэх баттаһа:

      – Сүрдээх уол дии, дьэ!.. – диэн эмиэ да сөхпүт, эмиэ да бэркиһээбит саҥаны истэн хаалла.

      Дыадай балаҕан түннүгүнэн оҕо дьиэтин диэки сүүрэн элэстэнэн эрэрин «киһи киһитэ тахсыах уол эбит» диэн сүргэтэ көтөҕүллэ көрөн хаалла.

      Оҕону кытта күрэс былдьаһыан кэрэйэн эбитэ дуу, дьон тылыттан саллан эбитэ дуу, эбэтэр атын туох санаа- лааҕа эбитэ дуу, Дыадай аны ити тыаҕа биллибэтэҕэ.

      МАҤНАЙГЫ СААЛАНЫЫ

      Ньуккуу булка бааттааҕын туһунан кэпсээн алаас- алаас ыалларын тилийэ сүүрбүтэ. Сотору буолаат эдьиийэ Боккуо кэргэнэ Куоҕас, баара эрэ уон орто доруобунньугунан иитиллэр дьоппуонускай сааны булан аҕалан биэрбитэ. Хаһан да киһиттэн бэлэх диэҥҥэ тиксибэтэх оҕо барахсан үөрэн, саха тэҥэ суох буолбута. Кирилэ да, Ньуккуута үөрбүтүн көрөн, киниттэн итэҕэһэ суох сирэйэ-хараҕа сырдаата:

      – Эһиннэҕинэ тыаһа бөстүөн тыаһыттан ордуга суох, уоһунан иитиллэр, – Кирилэ кэпсии-кэпсии саатын имэрийэ-томоруйа турбута, сотору-сотору сөтөллөн ылара.

      – Аны уһуурум биллибэт. Оҕом миигин өйдүү-са- ныы сылдьар буол… – бөтөн, куолаһа титирэстээн саҥатыттан маппыта.

      Күһүн. Биир хаһыҥнаах сарсыарда, Ньукулай (аны кини улахан, Ньукулайын эрэ билинэр) арҕаа тыаҕа саатынан ытан көрө таҕыста. Көрдөҕүнэ, арай, куобах манан сүүрэн ааһар, итинэн быһа көтөн ааһар. Үстэ ииттэ-ииттэ

Скачать книгу