Скачать книгу

Аар Тойон сытыы харахтааҕынан, аһыҥастаах аарыматынан сирдэтиннэрээри анаабыт бадахтаах… Үөһэ дойду суолун хомпоруун хотойтон ордук билэр, ама, баара буолуо дуо? – диэн ботугуруу, хотой хотоҕойун көннөрө имэрийбэхтээтэ. – Аһыҥастаах чулуута буоллаҕыҥ… Хоһуун эрэйдээх-буруйдаах сирдээҕи олоҕуттан бүтэһиктээхтик арахсар сырыытын сылдьыбыт ыырдарынан кэрийтэр… – диэмэхтии, хоһуун тилэхтэрин баттаһыннара бөрөнү сытыардылар. Өссө даҕаны буруолуу сытар ураһаттан Үргэн аҕалбыт чохтоох маһын сылбах анныгар анньан, үрдүгэр туос ууран, үрэн бурулатта. Чох кыыһырбыттыы кытара кыыһа сөҕүрүйэн иһэн, туоһу түүрэ харбаан, күлүбүрэччи умайан барда. Өтөр буолбата, араҥас бары өттүнэн уот төлөннөрө быгыалаан, күүһүн ылан, сириэдийэн барда. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр күөх буруо өһөх хара буруоҕа кубулуйан, өрө харбаста.

      – Бараахтаатылар…

      – Абага, оттон биһиги ханна барабыт? – Үргэн уоттан тэйэ-тэйэ ыйытта.

      – Саҥарба! Аар айылҕа быттыгар-хонноҕор хорҕотуо… Эбэ мууһа туруор диэри булан сылдьыахпыт. Кээнньэли дьоҥҥо эрэ түбэспэтэрбит… Эн оту-маһы алдьаппакка, тыаһаппакка, кыра көтөрү-сүүрэри мээнэ эккирэппэккэ, көрө-истэ, сытырҕыы сырыт.

      – Оттон били ынырык тиистээх кыыллардаах тимир куйахтаахтарга барбаппыт дуо?

      – Туоҕа Боотур илдьит ыыппыт уолбун көрбөтөххүт диэн, бэйэбитин буруйдуо… Бу алдьархайтан тыыннаах орпотоҕо буолуо… Кэбис. Уҥуор дьоммутугар тахсыахпыт. Онуоха диэри тулуй, – Ньыычык аттыгар сытар ураҕаһы ылан, уоту булкуйан, мастары хамсатан биэрдэ. – Ниэн, улаатан булчут, хоһуун буолан, ыраах даҕаны тэлэһийдэххинэ, бу төрөөбүт түөлбэҕин умнума. Таарыйдаххына, туох баарынан, бэлэхтэ-туһахта ууран, ахтан-санаан ааһар буолаар…

      Бэлэм астан маппыт суордар араастаан халаахтаһа, абаларыгар бэйэ-бэйэлэрин эккирэтиһэ, арҕам-тарҕам даллаахтаммыттара. Хара буруо быыһынан күһүҥҥү күн күүһүн сүтэрэн, кытарымтыйа санньыйбыта. Аар айылҕа бырастыылаһан эрэрдии суугунаан ыла, соҥуорбут хатыҥнар саһарбыт сэбирдэхтэринэн кыргыс хонуутун саба сатыырдыы, оргууй намылыппыта. Сир Ийэ иһийэ чуумпурбута.

      2.

      – Ычча даҕаны! Тоҥмоккун дуо, кырдьаҕаас? – диэбитинэн Туоҕа Боотур ураһаҕа киирэн, Лүксүрээн ойууҥҥа быар кууста сүгүрүйэн ылла.

      – Ээ, дьыл эрдэ дии. Дьогдьоот күһүн кэллэ дии санаабытым, хаарын аҕалар буолла. Ол гынан баран, биһиги түөлбэҕэ дьогдьоот күһүн буолуо… Баччаларга тоҥнохпунуй, санааны сааһылыырга уонна аал уоту кытта сипсиһэргэ чуумпута ордук. Балаҕаҥҥа аралдьыйарым элбэх ээ, – диэн кэһиэҕирбит күөмэйинэн хоруйдуу, Лүксүрээн араанын уотугар мас эбэн биэрдэ. – Хайа, тугу биллиҥ-көрдүҥ?

      – Эчикийэ суох курдук… Түүл-бит билээри уонна эйигин ыытарбыттан санаам ытыллан, сүгүн даҕаны утуйбат буоллум. Эн хаалбаккын ээ…

      – Суох, суох. Хайаан даҕаны бардахпына сатанар… Истэр кулгаахтарым, көрөр харахтарым олох күрэниэхтэрин иннинэ дьоммор-сэргэбэр көмөлөһүөм этэ буоллаҕа… Хайа уонна Мукучу

Скачать книгу