ТОП просматриваемых книг сайта:
Иччи. Сибиэн. Абааһы. Народное творчество
Читать онлайн.Название Иччи. Сибиэн. Абааһы
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3365-2
Автор произведения Народное творчество
Издательство Бичик
Оттон суотчут Сэмэн олох утарара: «Туох эрэ баарынан баар. Мин, үөрэхпин бүтэрээт, хоту баран үлэлии сылдьыбытым уонна куттанан быһыылааҕа, сотору дойдубар төннүбүтүм. Олох эппинэн-хааммынан билбит түбэлтэм онно буолта. Кыра холкуос кэнсэлээрийэ дьиэтигэр чүмэчинэн үлэлии олордум. Бэрэссэдээтэллиин иккиэ этибит да, киһим ыалдьар буолан, икки сыарҕалаах атынан оройуон киинигэр балыыһаҕа барбыта. Кэнсэлээрийэбит икки дьиэ силбэһэ турарыттан түгэх өттө. Киирэр өттө тоҥ турар. Арай, ол олордохпуна, таһырдьа сыарҕалаах аттар хоочугураһан кэлэн, дьиэ ааныгар тохтоотулар. Сотору тугу эрэ сыһаҕастаан киллэрэн, тоҥ дьиэҕэ турбут остуол үрдүгэр уурарга дылы гыннылар.
Онтон барыта уу чуумпу буолан хаалла. Мин хайдах эрэ сээбэҥнээн, таҥнан, чүмэчибин туппутунан тас дьиэҕэ тахсыбытым – туох да суох. Таһырдьа бааллара буолаарай диэх курдук санаан тахсыбытым – эмиэ туох да суох. Арай ыраах ыаллар уоттара кылахачыһаллар. Мин туох да бокуойа суох дьиэм диэки түһүнэн кэбистим. Син барбахтыы түһэн баран кэннибин хайыһан көрбүтүм, кэнсэлээрийэм түннүктэрэ сандааран олороллор. Өссө дьон күлүгэ элэгэлдьиһэргэ дылы. Мин саараан турдум. Ол туран көрдөхпүнэ, биир килэйээҥки бэргэһэ чүмэчи уотугар килэбэчис гынан ааста. Мин олох холкубар түһэн, дьон кэлбит диэн төттөрү тэбинним. Тоҥ дьиэнэн лүһүргэйдээн киирэн, кэнсэлээрийэ аанын аһа баттаабытым – хабыыс-хараҥа, туох да суох. Икки хараҥа иччитэх дьиэ икки ардыгар буола түспүт киһи туох да аһара куттанан, соһуйан, сарылаатым быһыылаах, туох эрэ куһаҕан баҕайытык «хаах» дииргэ дылы гынна да, биирдэ өйдөммүтүм суолу ортолоон, дьиэбэр сүүрэн иһэр эбиппин. Онтон сүрэҕим баара-суоҕа биллибэт курдук тэбиэлээн, сүһүөҕүм нэһиилэ уйан дьиэбэр дьүһүн-бодо бөҕө буолан киирэн, дьоммун куттаатым. Ийэм уокка арыы кута-кута алҕаан, кэргэним дэлби көрөн-истэн, сарсыарданан син утуйан ыллым. Киһи баттаҕа турар дииллэрэ кырдьыгын онно билбитим.
Сарсыныгар хойутаан, төбөбүн баанан кэнсэлээрийэҕэ тиийэн үлэлии олордум. Остуорас оҕонньор кэлэн оһох оттубут да, дьиэ иһэ тыбыс-тымныы. Оччолорго үлэҕэ тахсыбат диэн улахан аньыы этэ, онон эрэ үлэлээбитэ буола олордохпуна, оҕонньор киирэн ааны саппакка барбыккын, бүгүн хойутаатыҥ, төбөҥ баайыылаах, аһыыр оҕо быһыылааххын диэх курдук саҥартаата. Ол иһин барытын кэпсээн биэрдим. Оҕонньорум улаханнык соһуйда, киэһэ оһоҕу сабан баран, иккиэн тэҥҥэ дьиэбитигэр барарга сүбэлэстибит. Киэһэ хараҥа буолбутугар чүмэчинэн олордохпутуна, түннүкпүт аннынан сыарҕалаах аттар тыастара хаарга хоочугураһан кэллилэр. Мин оҕонньорбун көрө түспүтүм, мин диэки куһаҕан баҕайытык көрөн баран олорор эбит. Куттаныах курдук буоллубут. Сотору үүт-үкчү бэҕэһээҥҥи курдук тыаһаан-ууһаан, тас дьиэҕэ турар остуолга тугу эрэ уурдулар. Онтон утуу-субуу үс киһи киирэн кэллэ. Кырыа-хоруо бөҕө буолтар. Билэр дьоммут киирэн кээлтэрин көрөн, хайа муҥун, биһиги дьэ холкутаатыбыт. Бэрэссэдээтэлбит балыыһаҕа киирэн биир эрэ хонон хаалбыт,