ТОП просматриваемых книг сайта:
Иччи. Сибиэн. Абааһы. Народное творчество
Читать онлайн.Название Иччи. Сибиэн. Абааһы
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3365-2
Автор произведения Народное творчество
Издательство Бичик
Суруйдум 67 саастаах
Екатерина Алексеевна Кашлакова
Сэттээх-сэмэлээх буолара чахчы
«Ньурбачаан Бакамдатын арҕаа өттүгэр Хонорҕох Алааһа, эбэтэр арыт Арыылаах Алаас диэн ааттыыр сирдэрэ баар. Бу 1959 сылтан «Заготскот» диэн тэрилтэ соҕотуопкаҕа киирбит сүөһүнү хаайан аһатар киэҥ даллаах, сүөһү өлөрөр сирдээх, бостууктары олордор дьиэлээх сирэ этэ. Дьиэттэн аллара, Бакамда диэки өттүгэр ыарҕа саба үүммүт көлүйэлээх сиргэ, муус туран эт тоҥноҕуна сүөһү өлөртөрүллүө диэн бүтэй туттараары, алта-сэттэ оробуочайы таһаарбыттар. Саас. Көлүйэлэрин үрдүгэр бүтэй тоһоҕото, сиэрдийэтэ буолар бэртээхэй арыы мас баара. Үлэһиттэр үөрэ-көтө бу маһы кэрдэн барбыттар. Ол кэрдэн эрдэхтэринэ, ыарҕа иһигэр турар былыргылыы хабарҕа муннуктаах, арааһа, кус түөһэ диэн ааттыыр төкүнүк мастан оҥоһуллубут (тутуллубут диир ордуга дуу) ойуун дүҥүрүн тыаһа лүһүгүрээбит, кыаһаанын тыаһа өрө кыынньа түспүт. Үлэлии, аймалаһа сылдьыбыт дьон, соһуйан, уолуйан, сүгэлэрин кытта ыһыктыбыттар. Бары ах баран турбуттар. Саҥа саҥарар, тыл таһаарар суох үһү. Онуоха арыый аҕа саастаахтара, сэриигэ сылдьыбыт киһи, Чуукаартан төрүттээх Дабыыт Данилов-Буруо Хоноһо, бэргэһэтин устан туран, ити тыас кэлэр сирин диэки хайыһан билэринэн ааттаспыт:
– Тойон убайбыат! Биһиги диэн кыра дьон муҥнаахтарбыт, аһыыр-таҥнар кыһалҕатыгар, тыыннаах буолар туһугар тойоттор сорудахтарынан үлэлии тахсыбыппыт. Алҕаска, билбэккэ, эн чуумпугун уйгуурдубуппут. Ону биһиэхэ буруйга холоомо. Алҕаспытын бырастыы гын. Ирдэһэр, туоһулаһар да буоллаххына, тойоттортон туоһулас, олортон ыйыт, – диэбит үһү. Онуоха тыас эмискэ уурайан барбатах, аа-дьуо намыраан барбыта үһү.
Бу дьонуҥ бүтэй тутар сирдэрин үрдүттэн охторон, тутаары гыммыттара – табыллыбат. Тохтоон хаалбыт. Кэрдибит мастарын да харайбатахтар. Билигин да, арааһа, сытара буолуо. Туох харайбыт үһү, ону.
Икки биэрэстэ курдук Борокуруор Маара диэн сиртэн сиэрдийэлэрин көлөнөн таһан, сиэрдийэлэрин тутан бүтэрбиттэр.
Онно баар дьонтон Н. диэн киһи өлбүтэ. Ол олох кэпсээбэт этэ, саллар этэ. Арай итини Н. кэпсээбитэ. Бииргэ үөрэммит уолум. Кини билигин да саллар. Уонна ити туһунан санаппат. Иннинэн-кэннинэн барыах-кэлиэх да, хамныах да кыах суох. Буолар да эбит. Оннук саллыбытым, куттаммытым диир этэ.
Онтон 1972 сыллаахха этэ. Аны, дьэ, били бүтэйи сэлбийэ тахсаллар. Сүөһүлэрэ киириэн иннинэ. Сайын оттуу таарыйа. Ол тахсаннар, ол саҕана арыгы диэн ас буолунай, дэлэйбит ахан кэмэ, аһаан-сиэн баран, дьэ, кэпсэтии буолар. Киэһээҥҥи аһылыктарын аһыы, арыгылыы олорон: «Дьэ, онно өрдөөҕүтэ, биһиги күрүө тута сырыттахпытына, ол сыһыы уҥуор сытар кырдьаҕас,