Аннотация

Ааптар бу айымньытыгар Халыма кыһыл көмүһүн кимнээх хаһан, хайдах арыйбыттарын уонна чинчийбиттэрин туһунан номохторго, докумуоннарга олоҕуран сэһэргиир. Кыһыл көмүһү көрдөөһүн, чинчийии үлэлэрэ үгүс ыарахаттардаах, күчүмэҕэйдэрдээх, мүччүргэннээх. Сырыыны-айаны кыайар дьулуурдаах, идэлэригэр өй-санаа өттүнэн уһулуччу бэриниилээх дьон үлэлэрэ-хамнастара ромаҥҥа сиһилии кэпсэнэр.

Аннотация

Ромаҥҥа Саха сиригэр Гражданскай сэрии 1922–1923 сыллардааҕы түгэннэрин туһунан кэпсэнэр.

Аннотация

Хомуурунньукка киирбит суруйуулар ааҕааччыны абааһы, иччи баарыгар, ойуун аба-хомуһуна күүстээҕэр итэҕэтэр эрэ буолбакка, ордук ыччат дьону өбүгэ саҕаттан баар сиэри-туому тутуһарга, тулалыыр эйгэҕэ убаастабыллаахтык сыһыаннаһарга үөрэтэллэр.

Аннотация

В сборнике «Исповедь», выпущенном к 75-летию писателя, собраны, как считает сам автор, наиболее удачные его стихи и проза, драма и киносценарий. Особое место занимают его статьи на темы древней истории народа саха и религии – тенгрианства. Айсен Дойду, билингвист, пишет на двух языках – русском и якутском, как и в своих предыдущих сборниках, на темы актуальные, остропроблемные, и он, как истинный гражданин, ратует за Правду и Справедливость. Некоторые произведения Айсена Дойду опубликованы за рубежом, в том числе и во Франции. Он автор-сценарист фильма «Снайпер саха», который получил главный приз на Международном кинофестивале в Монако.

Аннотация

Саха тылын үөрэҕэр топонимиканы төрүттээбит М. С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ «Талыллыбыт үлэлэрин» бу алтыс томугар сир аатыгар сыһыаннаах тус бэйэтэ уонна кини үөрэнээччилэрэ араас дьону кытта кэпсэтэн хомуйбут үһүйээннэрэ, номохторо улуустарынан, кыраайдарынан наарданан киирдилэр. Сэһэнньиттэр саастара уонна улуустара ыйыллан, кэпсээннэрэ уларытыллыбакка, хайдах баарынан бэрилиннилэр. Кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

Аннотация

Бу томҥа саха народнай поэта Семен Петрович Данилов 1937–1965 сылларга суруйбут хоһоонноро, поэмалара киирдилэр.

Аннотация

Төрөөбүт дойдубут хамсыыр харамайын туһунан интерактивнай кинигэҕэ эбии таайбараҥнар, таабырыннар, тургутуктар киирдилэр.

Аннотация

Айымньы Саха Республикатын бастакы президенин оҕо уонна оскуолатааҕы сааһын, студенныыр кэмин, республиканы салайбыт сылларын уонна билиҥҥи кэмнээҕи үлэтин-хамнаһын докумуоннарга, кини бэйэтин этиилэригэр, кинигэлэригэр, дьон кэпсээннэригэр, ахтыыларыгар олоҕуран ырытан көрүү быһыытынан сурулунна. Ону таһынан Михаил Николаев президеннээбит ааспыт үйэ тиһэх уон сылларыгар барбыт күүрээннээх реформаларга даҕатан бүгүҥҥү олохпутугар тахса турар тыҥааһыннаах уларыйыылар тула барар мөккүөр, уустук быһыы-майгы көрдөрүллэр. Саха Республиката тэриллибитэ 90 сылын уонна М.Е. Николаев 75 сааһын көрсө тахсар.

Аннотация

3D книга. Раскрась и оживи картинки. В маленьком северном городе на свет появился необычный малыш. Его зовут Мэник. Как он родился? И что его ждет? Какие приключения ему предстоит пережить, прежде чем он найдет свое место в этом мире? Следуйте за ним в увлекательное путешествие по страницам книги.