ТОП просматриваемых книг сайта:
Буолар да эбит. Огдо
Читать онлайн.Название Буолар да эбит
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3773-5
Автор произведения Огдо
Издательство Айар
– Татыйык, эмиэ талахха олорор чыычаах курдук чуопчааран түһэҥҥин, уоскуй эрэ, – утуйаары сытар Муокка, мэһэйдэтэн, дьүөгэтин дьарыйар.
Суох, Татыйык ону истибэт. Кыргыттарын остуол тула мунньан олорон тугу эрэ бүппэккэ сибигинэһэр, ол аайы анарааҥҥылара күлэн кычыгыраһаллар.
Саҥа дьыллааҕы өрөбүл элбэх сонуну аҕалбыта. Дойдутугар этэҥҥэ сынньанан, эдэр кыыс сиэринэн эбии тупсан-төлөһүйэн, онуоха эбии чахчы таптал кутаатыгар буһан-хатан, Татыйык көтө сылдьар кэриэтэ буолбута. Үөрэҕин да кыайара, дьыалатын да куоһарара кимиэхэ баҕарар холобур буолбута.
Саас, лаппа сылыйыыта, биир күн эмиэ Кириил тиийэн кэлбитэ. Эдэрдэр киинэлээн, куорат устун дьаарбайан кэлиилэригэр, Татыйык илиитигэр тэп-тэтэркэй тюльпан дьөрбөтө тутуурдааҕа. Оруобуна оннук иэдэстэригэр сибэккитин сыһыары туппута уонна турар сириттэн сыҕарыйбакка эрэ:
– Кыргыттар! Мин Кириилгэ кэргэн барар буоллум! Кини миэхэ бүгүн дьиҥнээхтик таптыырын эттэ уонна холбоһуох диэн көрдөстө! – диэтэ уонна омунугар турар сиригэр өрүтэ ыстаҥалаан ылла.
– Ону эн аккаастаабатыҥ! – кыргыттара, салгыы сиһилии кэпсэтиннэрээри, тэптэрэн биэрдилэр.
– Суох! Сайын сыбаайбалыах буоллубут! Бука бары тиийэҕит, миэхэ?
Кыргыттар, сибэккилэр, үөрүү-көтүү, омун-төлөн… Ити барыта эдэр саас диэн өйдөбүлүнэн быһаарыллан эрдэҕэ.
Петр Егорович биир ыйга, Алма-Атаҕа лиэксийэ ааҕарынан сибээстээн, командировкаҕа барбыта. Барарыгар Маргобар көмө буолаар диэн Олегы соруспута. Онон кини күннэтэ кэриэтэ манна таарыйар. Ол аайы мааны Марго араас дьикти бүлүүдэлэринэн күндүлээн Олегы соһутар. Биирдэ эмэ Мариналыын кэлиэхпит диирин хотун дьиэлээх сөбүлээбэт.
Ыһыах саҕана Олег эмиэ соҕотох хаалбыта. Кэргэнэ тыаҕа, үөрэтэр оҕолорун илдьэ, экспедицияҕа тахсыбыттара. Онон, букатын холку киһи, Марго кэпсээннэрин истэн, ардыгар муҥун ытыырын аһынан уоскута сатаан, лаппа хойутуур идэлэннэ.
Биир оннук киэһэ, туох быһа имнэммитэ буоллар, Олег эр киһитэ өттөҕө дуу, талыы-талба тыллаах-өстөөх Марго барахсан соҕотохсуйбут саҥатын сүмэтигэр туймаарыйан, тимир ньиэрбэтин өҕүллүбэт кылларын сылаастык илгийэр иэйиинэн булгурутан… тугу да уһуну-киэҥи ырыыппалыыр кыаҕа суох, имэҥҥэ бас бэриммитэ, имигэс сип-синньигэс биили сэрэнэн имэрийбитэ, таалалыыр таҕылга, букатыннаахтык ылларбыттыы, бэлэм баҕайытык… бэринэн кэбиспитэ. Бу аата таҥнарыы диэн санаа кини төбөтүгэр ити түгэҥҥэ тоҕо эрэ охсуллан ааспатаҕа. Сыччах ыгыллыбыт хаанын эргиирин тиэтэтэ охсубутуттан эмискэ кылгаабыт тыынын дириҥник уһуутаан кэҥэппэхтии, тыҥатын