ТОП просматриваемых книг сайта:
Буолар да эбит. Огдо
Читать онлайн.Название Буолар да эбит
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3773-5
Автор произведения Огдо
Издательство Айар
Петя үксүн командировкаларга барыталыыра. Мин саҥа олоҕу саҥа сиргэ саҕалаабытым. Били манна кэлиэхпит иннинэ докумуоннары толорбуппут диэбитим дии? Онно миигин саха диэн суруйтарбыппыт, детдом миэтирикэтэ соччо айылаах суолталаах докумуон буолбатаҕын быһыытынан, ааппын эмиэ уларыппыппыт. Онон, чахчы саҥа төрөөбүт киһилии кэлбитим.
Сахалыы билбиппин чиҥэтэн наар кинигэ ааҕан кыстаабытым. Сааһыары олус түргэнник ааҕар буолбутум. Онуоха бэйэм итэҕэйбитим: мин хааммар, туох да диэҥ, үөрэнэр кыах баара, тугу да ааҕыым, барытын бэркэ ылынарым, ыраастык өйдүүрүм. Суот да буоллун, сурук-бичик да буоллун, барыга сыстаҕаһым. Ол иһин Петябын соһуталыырым. Кини ону эмиэ сыаналаабыта. Кэргэним диэн кимиэхэ баҕарар кыбыстыбакка билиһиннэрэр буолбута, тоҕо диэтэххэ, ханнык да боппуруоска, нууччалыы да, сахалыы да иҥнигэһэ суох хардарсар кыахтаахпын…
Петя майгыта олус сымнаҕас, үлэтигэр, кырдьык, олус үлүһүйбүт буолан, тугу-ханныгы быраҕан туран, онон эрэ дьарыктанар. Бэйэтэ эмиэ элбэх аймах-билэ дьоно суох. Кырдьаҕас ииппит аҕаһа былырыын бараахтаабыта. Олус бэрт эмээхсин этэ. Оттон ойоҕос аймахтары кытта соччо алтыспат, онон биһиги кинилэртэн ыраахпыт.
Мин үөрэнэ сатаабатаҕым, эппитим курдук, дьиэни-уоту дьаһайыам диэбиппин толорон, күн бүгүҥҥэ диэри олордоҕум. Оҕолоно сатаан иккитэ куоттарбытым. «Маама» буолар баҕам олус киэптээн, саатар ыарахан буолаат, Петябын «Рита» диэн ыҥырарын тохтотон, «маамата» дэттэрбитим да… табыллыбатахпыт. Онтон аймаммытым. Олус айманар дьахтартан эр киһи саллар ээ, ол да иһин буолуо, сыһыаммыт даҕаны сөрүүдүйбүтэ. Устунан убай-балыс курдукпут. Мин киниттэн тоҕус сыл балыспын.
Аны, туох хааннааҕым эбитэ буолла, санаабар кэриэй эҥин баара дуу… Көстөр дьүһүнүм соччо-бачча уларыйбат, ити аата, кырдьан иһэрбин биллэрбэт туох эрэ хааннаахпын диэн этэбин. Петюнчик баараҕадыйан иһэр, мин кинини, биллэн турар, анаан туран маанылыыбын. Аһын-үөлүн көрөбүн. Дьиҥэр, киһини уотар аһынан күндүлээбэппин эрээри, бэйэтэ этэрин курдук «боруодата» оннук уонна үлэҕэ киэптэппит, кэһиллибит эрэсиимэ, сырыыта-сылбата, турбакка олорон үлэлиир үөрүйэҕэ охсон итинник модьу-таҕа… Сүрэҕэр эрэ оҕустарбатар диэн сэрэнэбин да, хайыаҥ баарай, науката – к ырдьык.
Оттон ыарыы чааһа диэ… Урукку, ситэ илик оҕо сааска марай-сарай сырыы-сылдьыы суола-содула хаалбыт дьүһүнэ да буоллаҕа. Саатар кэмигэр төрөөн испитим, оҕоломмутум буоллар, быыһаныам эбитэ дуу, билбэтим. Дьахтар искэннээх буоллаҕына, бастаан утаа төрүү оҕус дииллэр эбит, оччоҕо ол баҕайы уостан ааһыан сөп үһү. Оттон миигин… итинник эппиттэрэ ыраатта да, кимтэн төрүөмүй? Онно-манна тылланан, ускул-тэскил бардахпына Петябын дьон туох диэй?