ТОП просматриваемых книг сайта:
Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов
Читать онлайн.Название Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-7696-4
Автор произведения Семен Маисов
Издательство Айар
Бырабылыанньа таһыгар киэҥ чалбах тахсыбытын ити ыкардыгар хоро охсубуттара үөскэ хордоҕой анныгар түһэн, сылгы хаһыытын уута өссө эбии кэҥээбит. Ити килэйбит киэҥ ууга хомурах куһун ытаары, арыы талах анныгар, хайалара эрэ хайыы-сахха дурда оҥосто охсон чөкөппүт. Дэриэбинэ иһигэр, тэпсилгэҥҥэ, кир-хох быһа сиэн күүскэ ууларан, садырым уута харса суох халдьыгыраан, чэмэлкэй күн уотугар күлүмүрдүү-күлүмүрдүү онно-манна үрүҥ сүүрүктэр сырсыбыттар… Хоруур, тээпкэ, күрдьэх тутуурдаах оҕолор айманаллар, сүүрэкэлэһэллэр…
Балаҕаччыттан үөрэх оҕолоро дьиэлэригэр кэлбиттэр. Таппаҕаараптар тэлгэһэлэрин таһынан ааһан истэхпинэ, хотон кэннинээҕи ыллык суолунан сиэттиспитинэн аргыстаһан испит, төрдүс кылааска бииргэ үөрэнэр Болчох Сэмэн уонна Дьорой Маарыйа уун-утары тахсан кэллилэр… Аны хотон халҕана хаачыгыр гына тыаһаатын кытта Таппаҕаараптар ийэлэрэ Маарпа күрдьэх тутуурдаах түөрэҥэлээн таҕыста.
– Аана хантан кэллиҥ? – Болчох Сэмэн сүүрэн кэлэн атым көнтөһүн төрдүттэн тутан туран, Үргэл сымнаҕас сымыһаҕын имэрийэ-имэрийэ ыйытар.
Маарпа үөрэх оҕолорун көрөн:
– Хайа, үөрэммэтигит дуо тоҕойдорум? – диир.
– Тыый, бүгүн ханнык үөрэх кэлиэй!.. Кыайыы буолбут дии!.. Сэрии букатыннаахтык бүппүт үөрүүлээх сураҕа кэлтин кэннэ!.. Сэрии отой бүппүт!.. Аны сэрии суох!.. – Дьорой Маарыйа сүүрэн кэлэн Маарпаны кууһар, бэйэтэ да сылламтаҕай ахан кыыс, Маарпаны харса суох иэдэһиттэн сыллаталаан ылар.
– Оо, оҕолорум барахсаттарыа… – Маарпа кэмэ суох үөрэн, уйадыйбыт куолаһынан: – Бээ эрэ, оттон, били, мин киһим?.. Биэрэ?.. Ханна баарый, тоҕо кэлбэтэ?.. – аны баҕар көрбөккө турарым буолаарай диэбиттии тула-мала көрүөлэнэр…
– Биһиги эрдэлээтибит, ынтах, Балаҕаччыга кыайыы миитинэ буола турдаҕына манна түһүннүбүт. Биэрэлээх миитиҥҥэ сылдьан баран кэлиэхтэрэ, аныаха диэри бүппүттэрэ буолуо, иһэллэр ини… – диир Дьорой.
– Суол устун урут-кэлин түсүһүү… – Болчох Сэмэн биир кылааска үөрэнэр доҕор кыыһын саҥатын ситэрэн биэрэр, онтон салгыы: – Уу, аара суол устатын тухары, кэлэн иһэн хас да сиргэ көҕөттөрү көрдүбүт; чөркөөкүлэр, мородулар, моонньоҕоттор да бааллар. Кураанах кус, бу сылыйбытыгар, эмискэ билиннэ.
– Дьэ бэрт-бэрт… Оо, оҕолорум барахсаттар… – дии-дии Маарпа, Дьоройу бэйэтигэр эпсэри тардан, былаат нөҥүө оройуттан сыллыыр. – Чыычаахтарым кэлэн истэхтэрэ, оччоҕо мин бэйи, тугу эмэни боролутан тоһуйбут киһи. Кубус-кураанах кулугураа олорорум сүрэ бэрт, – Таппаҕаараптар ийэлэрэ күрдьэҕин хотонун киитэ хастанан суйдаммыт эркинигэр өйөннөрөн кэбиһээт дьиэтигэр тиэтэйэр. Баарыын сарсыарда Маарпа соҕотох ынахтааҕа оҕус тарбыйахтаммыта.