ТОП просматриваемых книг сайта:
Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов
Читать онлайн.Название Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-7696-4
Автор произведения Семен Маисов
Издательство Айар
Бырабылыанньаҕа уонна кулуупка мустубут Маҕан Халдьаайы хотонун ыанньыксыттара: «Бээ, Кыдыбылтан, Уолбуттан дьоммут кэлиэхтэригэр диэри үлэбитин бүтэрэ охсуохха» диэн хотонноругар ойдулар…
Мин, эдьиийим соругар куруук миинэр да, көлүнэр да аппынан Үргэлинэн – Кыдыбыл бэтэрээ өттүгэр баар Тоҥус Хоммут толооно диэн Улахан Баһылайдаах бүтэй маһа кэрдэр сирдэригэр бэрт кудуххайдык айаннаттым… Атым төһө да сааһырдар, хоноһутан түһэн, хааман-сиимэн чырбалдьыйан, киһи көлөлөөхпүн диир сылгыта. Хайа да диэки салайбытыҥ иһин, ис хааныттан сүрэхтээх-бэлэстээх сүөһү, айана ахсым. Сорох ат хаһаатыгар, далыгар эрэ чугаһаатаҕына, төннөрүгэр эрэ хаамыытын эбэр, түргэтиир үгэстээх. Үргэл оннук буолбатах, аны сымнаҕаһа сүрдээх, ол да иһин Өксөөн миэхэ мииннэрэн эрдэҕэ, дэлэҕэ да быһыыта куһаҕан, айаас аты туттарар үһүө. Биирдэ дьириммин тардан холуммун чиҥэппэккэ ыҥыырбын атым өрөҕөтүгэр эргитэ сылдьыбытым. Миҥэм сиргэнэн дьэ мөҕөр эбит дии санаабытым – Үргэл, хата, бэрт холкута, ыҥыырын өрөҕөтүгэр иилиммитинэн чигди суолга сыарҕаттан сыыйыллан хаалбыт оту итигэстээн сиэн сымыһаҕын хамсатан ибигирэтэн барбыта. Төргүүгэ иилиллибит куул соһулларыгар, көнтөс быата атаҕар иилиллибитигэр да отой кыһаммата. Атын, сиргэмтэх ат эбитэ буоллар туома орулуу-орулуу мөҕүөх, сүгүллэхтэниэх этэ: холунун быһыта тэбиэлээн, ыҥыырын ыһан баран биирдэ тохтуохтааҕа. Устунан сыыстарыан да сөп. Хас биирдии сылгы быһыыта киһи майгытын курдук тус-туспа, араас. Холуммун төлөрүтэн, ыҥыырбын оннун-туойун булларан хат ыҥыырдаан баран, туох да буолбатаҕын курдук, миҥэбин миинэн айанната турбутум… Үргэл бааллыбакка, тот да сылдьар кэмигэр сыбыдахтыы кытта мииннэрэн кэбиһэр. Иҥэһэтэ суоҕар, дырайан уҥуоҕа үрдүгүн иһин, туохтан эмит салҕанан тэбинэн маҥнай сиһигэр быардыы түһэбин, онтон дьэ миинэн оннубун булабын… Үнүр, Өксөөнү кытта иккиэн аппыт туйаҕа уһаабытын «туйах кырыйарынан» сарбыйан биэрбиппит, туох да быата-туһаҕа суох. Мин ат такыппыт атаҕын туппутум, Өксөөн кырыйан лыһыргатан кэбиспитэ. Сылгы туйаҕа наһаа уһаатаҕына усталыы тостон этигэр тиийиэн сөп, оччоҕо атаҕа суох буолар. Аны наһаа уһаабыт туйахтаах ат, туйаҕын төбөтүн силискэ-мутукка, окко-маска саайан бүдүрүйүмтүө буолар. Туруору туйаҕа суох сүөһү тирэҕэ суох буолан, ити халтарыйан, бу халтарыйан бэйэтэ да эрэйдэнэр. Анна муус килиэ үрэҕи кэстэрэн истэххэ халты тэбинэн суулунна да уула сытыйдаҕыҥ ол…
Айдаҥ Быркылаахха түһэр үрэҕин күргэтин лүһүгүрэччи хаамтаран тахсаат, сылгы хаһыытын устун уу-хаар булкаастаах, дулҕа быыстаах сиринэн сиэллэрэн истэхпинэ, бэрт чугастан, тыһылаах атыыр көҕөн көтөн тилигирэһэн тахсан, тэйэ көтүөх курдук гынан иһэн, «ээ, бу саата суох оҕоттон тугун тэһииркээн» диэбиттии, сааскы дьэрэкээн өҥнөрүнэн киэн туттубуттуу, төттөрү иэҕиллэн, отой субу ойоҕоспунан кэлэн кынаттарын тыаһа салгыны хайытан, атын аҕайдык куһугурайан аастылар. «Һуу!..» – диэт иҥэһэбиттэн тэбинэн өндөс гынаат илиибин