ТОП просматриваемых книг сайта:
Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов
Читать онлайн.Название Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-7696-4
Автор произведения Семен Маисов
Издательство Айар
Лыыба уонна сыма ыкса күһүн, үөн-көйүүр суох буолбутун, уу тымныйбытын кэннэ, буһук саҕана эбэтэр муус үрдүнэн оҥоһуллар астар. Сыма лыыбаттан атына диэн – ууга оргутан тэптэрэ түһэн ылбыт мундугун иһиккэ кутан ныһыйан хааһы оҥорон баран тоҥоруллар. Лыыба кэм ысталлаах эбит буоллаҕына, сыма – биир кэлим ньолҕоорхой ас, онон аҥаардастыы сиэниллибэт, үксүн үөрэҕэ кутан булкуйан туспа суол ас гынан аһаныллар…
Күнүс дьоммут дьиэлэригэр көстүбэттэр даҕаны, холкуос үлэтэ хаһан бүтүөй. Халлаан сылааһа, үчүгэйэ, бэл күөл уҥуор сээкэйи түбүгүрээччилэр, күннэрин-дьылларын халтайга бараамаары өйүөлэнэн, ыһыктанан сылдьан үлэлиир сирдэригэр үрдүттэн аһыыллар…
Билигин, эбэм биһикки сүрүн үлэбит – балык астааһына. Туһугар эмиэ элбэх сыралаах, бадьыыстаах үлэ. Күн аайы олорор эбэбит барахсан эмис соботун тото-хана сиибит, хамыйаҕынан халбыллар хоргуннаах миинин астына-дуоһуйа иһэбит. Дьоммут үлэлэригэр ыһык гынан үөлбүт собону, мундуну мэлдьи илдьэ бараллар.
Мунду хохтулуур сибиэбит даардалара тэлгэһэбитигэр, тыал-куус сайа охсор, күн уота үчүгэйдик көрөр аһаҕас сиригэр тураллар. Былырыын туттуллан баран, түүрүллэн, чөкө баайыллан ууруллубут сибиэлэрбитин даарда үөһэ тэлгэтэбит. Сибиэ – туу киэнинээҕэр сонос маһынан, син биир туу курдук үксүн ситиинэн өрүллэр. Сорох дьон быстахха алдьаммыт ардьа эҥэлэйин да туһаналлар. Тымтайга сүгэн аҕалбыт мундубутун чабычахха кутан баран көтөҕөн мадьалыта сылдьан иҥнэрэн сибиэҕэ тарҕата кутабыт, баҕатын, чохутун, уутун кыыһын ылҕаан ылан ыраастыыбыт. Мундуну сибиэҕэ халыҥ гына куппаккын, олус хойуу гыннахха, тыал-куус курдары охсубат, сургуйбат буоллаҕына кыайан хаппат, сахсырҕа саахтаан сытыйыан-ымыйыан да сөп.
Мунду – омос көрүүгэ, төһө да хараҕа хойуоран түүрүччү барбыт курдугун иһин, истэҕэ, өлө элбэх буолан түргэнник хаппат. Ордук, күнэ суох, сөрүүн күннэргэ, тыаллааҕын да иһин, биир кэлим уһуннук сытар. Ардах түһэр да түбэлтэтигэр сибиэ үөһэ тэлгэтиллибит мундубутун хомуйбаппыт, эрдэ бэлэмнээбит хатырыкпытынан, самыыр хоппотун курдук таҥалайдаан чөкө сабан кээһэбит.
Куйааска сибиэ үөһэ кутуллубут мундуну сахсырҕа буулуур, тыалга эрэ арай ама. Онон сибиэ анныгар, тимир солуурга түптэлиибит. Буруону хойуннараары кытыан эбэн биэрэбит. Сылгы сааҕын түптэлээтэххэ бэрт минньигэс сыттаах, от күөҕэ өҥнөөх буруо тахсар. Кытыан умайбыт буруотугар ыһаарыллыбыт хохту амтана өссө эбии минньийэр. Балык сибиэҕэ симэ соҕус кутуллубут буоллаҕына, үөһээ өттө хаппытын кэннэ эргитэн бэриллэр. Сөптөөҕүн хаппыт дии санаатахпытына, хохтубутун сибиэтиттэн хоҥнорон, чабычахха хаалаан, дьоҕус сандалы сирэйин саҕа айахтаах огдоммутугар аҕалан кута-кута үрүллүбүт ынах тириитинэн бүрүйэн баран, чиҥиэр диэри дэлби тэпсэбит. Бу курдук хас эмэ күнү быһа үлэлээн огдоммутун толоробут. Мунду отой сурдьугунуу сылдьар буолуор диэри хатыахтаах. Көрөн-истэн ситэ хатарыллыбатах балык түүнүгүрүөн