ТОП просматриваемых книг сайта:
Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов
Читать онлайн.Название Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-7696-4
Автор произведения Семен Маисов
Издательство Айар
Огдооччуйа кистии-саба, биилэммит харахтарыттан халыйан түспүт көмүскэлэрин уутун сотторун көрөн, мин, саҥаспын ис-испиттэн сүрдээҕин аһына санаан кэлэн, хата, бэйэм уйаргыах курдук буолбутум…
– …Һуох… Һин биир, хайдах эрэ, һатамньыта һуох… Ол оннугар… кэлин хайа буолар… сыһыанын биллэриэ буо… – Огдооччуйа синигэр түспүт киһилии сыҥааҕын быччыҥын күүрдэн сирэйин өрө эгдэс гыннаран ыла-ыла, умса көрө-көрө өрө тыынан ылара…
– Чэ онтон хайыахпытый… кэм-кэрдии, күн-дьыл бэйэтэ көрдөрөн иһиэ… – диэбитэ эбэм.
Ылдьаа – ийэлээх аҕатын батан бэрт холку майгылаах, ыгым санаа, быһыы сыстыбатах киһитэ. «Оҕото суох – ордук оҕомсох» дииллэринии, ыамайдар санааларын баҕас табан ымманытар дьикти айылгылаах. Оҕо аймах куттарын туттаран таптаан иилэҥкэйдэнэ, сөбүлээн сырса сылдьар дьонноро баар буолаллар. Биһиги Ылдьаабыт оннук дьоннортон биирдэстэрэ. Дэриэбинэҕэ баар кыра уолаттар чаачар саалара үксүлэрэ Ылдьаа оҥоһуктара. Эмээхсин уолун: «Оҕо куттаах айыллан төрөөбүт…», – диэччи. Мин маҥнай утаа, атах балай мээнэ ускаай сылдьан баран, Быркылаахха эбээ эмээхсиннээххэ саҥа кэлэ сырыттахпына, Ылдьаа миэхэ эргэ балаакка хаалбытын чөлүн талан кырыйан, дьууппа тигэн биэрэн турар. Ылдьаа, көр, өссө бэл дьууппа кытта тигэр иистэнньэҥ. Эр киһи иистэнэрэ, буолаары буолан кыыс оҕоҕо дьууппа таҥас тигэрэ сэдэх көстүү. Оҕоҕо чугас киһи, баҕар мин санаабын да алы гынаары, көтөҕөөрү гынта буолуо. «Биһиги Аанабыт лоһолдьуйар дьууппалаах…», – дии-дии, ордьоҕор тииһэ килэйэн күлэ олороро бу баарга дылы…
Улахан Баһылай тиргэлээн, Кыра Баһылай үлэтин быыһыгар сааланан куһу баһаан сиэтибит. Баһыычааннаах бараахтыыллар, икки сахсарыма бараах этэ чөркөй этиттэн итэҕэһэ суох. Кус да дэлэйэ сүрдээх. Көлүччэ, көрдүгэн ууларыгар кытта биир кэм хараара усталлар. Дэлэҕэ да «халлаан хараҥарар куһа» диэхтэрэ дуо. Кэлин, сымыыттаары, төрөөрү-ууһаары – аабы, маар, ээй сирдэргэ тарҕаннылар да, син биир киһи хараҕар көстөр араас кус эгэлгэтэ баһаан. Мууһа сулан бүппүт Арыылаах эбэбит үөһүгэр андылар түһэн халыҥнык үөрдээн бараннар биир үтүө күн суй гыннылар. Арай сыл аайы төрүүр-ууһуур олохтоох андылар хааллылар. Кураанах куһу киһи ааҕан сиппэт, тыыраахы, чөкчөҥө бииһин ууһа оннооҕор ордук элбэх.
Эбэбит арыытын кутатыгар: хоҥор, хара баттах тыыраахылар, тэкээхтэр, хоптолор, кураҕаччылар уйа туттан сымыыттыыллар. Тыҥырахтаах, сойуо тумустаах көтөр күөл арыытын ыксатынан көттөр эрэ өй-мэйдээх тулуйбат аймалҕанын тардаллар. Биир кэм быыһа-арда суох көтөн эймэнэллэр. Ол айылаах үгүс саҥа-иҥэ барыта холбоһон, киһи иилэн ылбат, арааран истибэт биир күрүс күйгүөрүн үөскэтэр. Ону истэргэ астыга сүрдээх. Дьиэ иһигэр киирдэххинэ биирдэ кулгааҕыҥ сынньанар. Сорсо кустара хайыы-сахха үөрдүһэн эрэллэр. Уончалыы-сүүрбэччэлии буола-буола күөлтэн-күөлгэ сулукучуһаллар. Сотору сүүһүнэн ахсааннаах халыҥ үөр буолуохтара