ТОП просматриваемых книг сайта:
Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов
Читать онлайн.Название Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-7696-4
Автор произведения Семен Маисов
Издательство Айар
Тымныы, тыал-куус күн уонна этиҥҥэ – балык көбөн иһэн тимирэн хаалар. Куйааһырда, ылааҥытыйда да төттөрү көбөр, үөс илимнэргэ туппутунан барар. Сайын, өҥүрүк куйааска, дьара уулаах күөллэр балыктара, уулара сылыйдаҕына, аны сөрүүн сиргэ, кута анныгар хорҕойоллор. Ичигэс, сылаас ардах кэннинээҕи, тыаһа-ууһа суох луҥку түүн балык үчүгэйдик көбөр.
Улахан Баһылай мундутун, күөнэҕин туутун саха хотуурунан кутаны быһан баран онно угар. Мэнээк киирэр.
Күөнэх саас отой эрдэ, аҥхалаат сир хаара өссө ситэ уулла илигинэ, күөл кылдьыыланна, үрэх үрдүн уута хамсаата, сыркы сыккыраата да толоон-сыһыы ньалыар уутугар тахсан ыыр. Үрэхтэр уулара хото туолан баран саҥа түһэн эрдэхтэринэ, кыра сыккыстары, тырытыалары батан, сүүрүккэ сайҕанан күөлүгэр төннөр. Ону «төннүү күөнэҕэ» дииллэр, кус түркүнүн курдук, аҕыйах хонуктаах. Кэмин, нэмин табан, төннүү күөнэҕэр түбэспит киһи бултуйар, тууга балысханнык киирэр. Ол да иһин «күннээн-күөнэхтээн сылдьар» диэн, төннүү күөнэҕэр холоон, табыллан, тобуллан олоҕун өрөгөйүгэр сылдьар киһини этэн эрдэхтэрэ.
Оҕонньоттор балык сырыытын сүрдээҕин билэллэр. Урут уутун булкуйан аһаабатах күөллэригэр кэллэхтэринэ бастаан, чуумпуга тыынан сэмээр кэрийэ сылдьан балык ханна тиксиэн сөптөөх сирин бэлиэтии көрөллөр (ол хойут муҥхалыылларыгар, куйуурдуулларыгар олус туһалаах). Кинилэр диэтэх дьон күөл быйаҥа ууга оонньуурунан, эбэ уутун түгэҕин, отун көрөн сылыктаан балык ханна сытарын, хата, эндэппэккэ билэллэр. Чуумпуга, кытыыга балык тиксэрин кэтээн олорон, быркыран таҕыстаҕына, үөс өттүгэр сэмээр илимнэрин үтэн, унньуктаан собону сонно араарбытынан бараллар. Бу ньыманан балыгы хото бултууллар. Оҕонньоттор былыр-былыргыттан үөрэнэн да хаалбыттара бэрт быһыылаах: балык үөрдүүрүн, хайдах быһыылаахтык, күөл хайа уутунан устарын, ханан тиксэрин билэллэрэ, нэмин табаллара сүрдээх. Эдэр киһи элбэхтик сыралаһан бадьыыстастаҕына эрэ үөрэнэр сатабыллара. Онон балыгы бултааһын тус-туһугар эмиэ бэрт элбэх, оҕо киһи эрэ дьиктиргиэх, ымпыктардаах-чымпыктардаах. Олохторун устата арааһы бары билбит-көрбүт мындыр кырдьаҕастарбыт барахсаттартан эрэ ону барытын ситэри ситэн сыныйан билиэхпитин сөп. Кинилэр кэпсииллэрэ барыта кэрэхсэбиллээх, олоххо олус туһалаах…
Эбэбин кытта бииргэ сылдьан мин үгүһү-элбэҕи билбэтэхпин билэбин, көрбөтөхпүн көрөбүн, истибэтэхпин истэбин. Эмээхсин – үөрэтэр, сүбэлиир, такайар. Ээр-сэмээр наҕыллык, тылын-өһүн сааһылаан, лоп бааччытык, айаҕа хам буолбакка бэрт үтүмэн үгүһү, дьиктини, сонуну сэһэргиир. Мин ону мэлдьи кэрэхсээн, болҕойон ахан истэбин. Бу билигин балыктыы,