ТОП просматриваемых книг сайта:
Төлкөнү түстүүр түгэннэр. Иван Шамаев
Читать онлайн.Название Төлкөнү түстүүр түгэннэр
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6079-5
Автор произведения Иван Шамаев
Издательство Айар
– Уолаттар, били Ильменскэй уулуссаҕа саллаат уол турбута, онтубутун мэлиппиттэр дии.
– Куорат былаастара күрдьэн кээспиттэр дуо?
– Баар, баар. Көһөрөн кэбиспиттэр. Бестужев-Марлинскайга. Бэтэрээннэр ол дьиэҕэ ыстааптаналлар. Онон бэйэлэрин тастарыгар куоттараахтаабыттар.
– Дьэ, кэм буолан истэхпит.
– Туспа сэрии…
– Ээ, сэрии кэнниттэн сэрии.
Эмиэ хас да сыл ааспыта. Мин олорор сирим уларыйан, үлэбэр Ильменскэй уулуссанан кэлэр-барар буолбутум. Биирдэ эмэтэ сатыылаатахпына, били кураанахсыйбыт муннугунан ааһан иһэн, аптамааттаах уолбун саныы биэрэбин. Харахпар кини умса туттан сөҥөдүйэн, дьиппиэрэн турара көстөн кэлэр.
Биир саас Ильменскэй уулусса куорат кытыытын диэки өттүгэр эргэ мас дьиэлэр күрдьүллүбүт миэстэлэригэр туох эрэ үлэтэ саҕаланна. Кумах, гравий куттулар. Кытыытын бетон модьоҕолоотулар, онно намыһах тимир күрүө оҥорон олортулар. Туох эрэ скверэ буолар буолла быһыылаах. Итинник үлэҕэ өрүүтүн омук дьоно үлэлээччи. Бу сырыыга барыта саха уолаттара молоруһа сылдьаллар, онон ордук интэриэһиргээтим. Кинилэри паапка тутуурдаах тойоннуҥу моһуоннаах дьон салайар курдук тутталлар-хапталлар, сөмүйэлэринэн ол-бу диэки ыйа-ыйа, тугу эрэ соруйаллар, онтон омук массыынатыгар олорон баран хаалаллар. Оптуобуһум ити сиргэ чугаһаата да, кыҥастаһа-кыҥастаһа көрө сатыыбын да, уолаттар тугу оҥоро сылдьалларын кыайан быһаарбаппын.
Биирдэ муус устар бүтүүтүгэр, сааскы ылааҥы күн киэһэриитэ, үлэбиттэн эрдэ тахсыбычча, дьиэм диэки сатыы хааман истим. Бадараан куура илик буолан, онон-манан быһалаабакка, Ильменскэй кытыытынан чалбаҕы-бадарааны кыйа сатыы иһэбин. Били сиргэ чугаһаан иһэн, дьэ, үчүгэйдик чинчийэн, көрөн ааһар санаа киирэн, уулусса хаҥас өттүттэн уҥа өттүгэр туораатым.
Сквер түгэҕигэр улахан эркин оҥоһуллубут, оттон ол эркин уҥа өттүгэр пааматынньык көстөр. Бай, «били уолум» бу кэлэн турар эбит дии! Һэй-эбэтээ, ол аата бу сквер Ильмень күөлгэ охтубут саха саллааттарыгар ананан оҥоһуллубут эбит дии! Таайыахха да баар эбит. Дьэ, хата, бу үчүгэй буолаарай!
Чугаһаан көрбүтүм, кырдьык, таас эркиҥҥэ Ильмеҥҥэ өлбүт саха саллааттарын ааттарын суруйан бачыгыраппыттар, аптамааттаах уолум бииргэ сэриилэһэ сылдьан охтубут доҕотторугар сибэккилээх кэлэн турар курдук эбит.
Мин бөтө бэрдэрдим, хас да сыллааҕыта сүтэрсэн баран умна сыспыт чугас доҕорбун көрсүбүт курдук үөрдүм. Бу ааспыт үүт тураан түөрт уонча сыл тухары, уолум дойдуларын көмүскээн охтубут доҕотторун туһугар биһигини – сүрэҕэ суох, умнуган-тэмнигэн, тымныы сүрэхтээх, барыга барытыгар ээл-дээл сыһыаннаһар буолан хаалбыт дьону – кытта мөккүһэн-мөккүһэн, этиһэн-охсуһан, сэриилэһэн ылбыт лоскуй сирин аны кимиэхэ да биэрбэт, доҕотторун көмүс ааттарын кимиэхэ да тыыттарбат булгуруйбат кытаанах санааны ылынан турара. Бу сырыыга уолбун букатын атын харахпынан көрбүтүм. Кини уоттаах сэриини ортотунан ааһан, уодаһыннаах