ТОП просматриваемых книг сайта:
Төлкөнү түстүүр түгэннэр. Иван Шамаев
Читать онлайн.Название Төлкөнү түстүүр түгэннэр
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6079-5
Автор произведения Иван Шамаев
Издательство Айар
Хос быһаарыылар:
Орлов Юрий Федорович (1924, Москва) – биллиилээх чинчийээччи, физика-математика билимин дуоктара (1963). Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа.
1953 сылтан ССРС Билим Академиятын атомы чинчийэр кистэлэҥ лабораториятыгар үлэлээбит. 1956 сыллаахха Н.С. Хрущев ССКП ХХ сийиэһигэр оҥорбут дакылаатын дьүүллэһиигэ Сталины уонна Берияны буруйдаабыт, «социализмҥа олоҕурбут демократияны» туруорсубут. Ол кэннэ партияттан таһаарыллыбыт уонна кистэлэҥ үлэттэн туоратыллан, уурайарга күһэллибит.
Армения ССР-тын Билим Академиятын член-корреспондена (1968). 1979 сыллаахха ити солотун быспыттар.
1976 сыллаахха Москваҕа киһи көҥүлүн туруулаһар «Хельсинки» бөлөҕү тэрийбитэ. 1977—1984 сылларга – хаайыыга, 1984—1986 сылларга көскө олорбут. ССРС Холбоһуктаах нациялар тэрилтэлэригэр бэрэстэбиитэлистибэтин үлэһитэ, АХШ-гар үспүйүөннээн тутуллубут Геннадий Захаровка атастаһыллан уонна гражданствота быһыллан, 1986 сыллаахха Сэбиэскэй Сойуустан таһаарыллыбыт.
1986 сылтан Америкаҕа олорор. Корнелль университетын профессора.
СГУ физикаҕа-математикаҕа факультетын деканыгар чахчы кини кэлэ сылдьыбытын туоһулуур докумуон билиҥҥитэ суох.
Егоров Иннокентий Герасимович (1935—2003) СГУ физико-математическай факультетын 1966 сыллаахха бүтэрбитэ. 1974 сыллаахха Ленинград университетыгар физико-математическай наука кандидатын солотун көмүскээбитэ. 1977—1987 сыллардаахха СГУ математическай факультетын деканынан үлэлээбитэ. Орто оскуола математикаҕа биэс учебнигын сахалыы тылбаастаабыта, сахалыы математическай термин тылдьытын оҥорбута.
Өһөс саллаат
(Сирэй кэпсээн)
Отуттан тахса сыл анараа өттүгэр букатын атын кэм, атын дойду эрдэҕинэ мин, сүүрбэччэлээх уол киһи, сайыҥҥы куйаас күн Сайсары буор-сыыс уулуссатынан туохха эрэ ыксаан-бохсоон иһэн, киниэхэ кэтиллэ түспүтүм. Туох да суруга-бичигэ, кырааската да суох, онон-манан көөрөттүбүт сиэмэн сыбахтаах таас туумба үрдүгэр уһун синиэллээх саллаат хаҥас илиитигэр аптамаатын умса тутан, уҥа илиитигэр туох эрэ бөчөх курдугу бобо харбаан, бэйэтэ умса нөрүйэн турара. Бу диэки ханан эрэ саха саллаатыгар пааматынньык туруорбуттар үһү диэни истэр этим, онон «ээ, ол кини буоллаҕа дии, хата, көрөн ааһыахха» диэн санаа кылам гыммыта. Онтон тоҕо эрэ эмискэ кыбыстар курдук буоллум, «ким эрэ одуулуура буолуо» диэбиттии уҥа-хаҥас көрүтэлээбитим, тулабар ыт охсор киһи суох, онтон холкутуйбут курдук чочумча пааматынньыгы өрө мыҥаан тура түстүм.
Кимий бу? Федор Попов дуо? Суох, маарыннаабат. Саатар, сахата да, нууччата да чуолкай биллибэт гына оҥоһуллубут. Саха диэҕи били «антах харах, бэттэх мурун» диэх айылаах, нуучча диэҕи иэдэһэ олус кэтит. Бээрэ, бу Лонгиновынан иһэбин дии, оттон саллаат Лонгинов уулусса диэки хайыһан турар. Лонгинов буолуо дуо? Суох, Лонгиновы хаартыскатынан билэбин, бэрт нарын мөссүөннээх нуучча уола, бу лаппа томороон диэххэ сөп дьүһүннээх уол турар. Уонна дьоруойу