ТОП просматриваемых книг сайта:
Өтөх иинэ оспот. Татьяна Находкина
Читать онлайн.Название Өтөх иинэ оспот
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4536-5
Автор произведения Татьяна Находкина
Издательство Айар
Маарыйа икки улахан уолаттарын ахтан-суохтаан ыарахан санааҕа ылларбытын төһө кыалларынан чугас дьонугар биллэрбэккэ кыһанара. Вералара ыараханнык оҕолонон, кийиитигэр оҕо көрүүтүгэр көмөлөһөрө. Сиэннэрэ кыыс буолан, кыыстамматах дьон улаханнык үөрбүттэрэ эрээри, Миитээлэрэ оҕотун да көрбөккө барбытыттан истэригэр хомойо саныыллара. Эбиитин эһэлэрэ сиэннэрэ сэриигэ барыахтарыттан мөлтөөн, сытынан кэбиспитэ. Дьиэ иһигэр сороҕор син иэҕэҥнээн турар эбит буоллаҕына, бэҕэһээҥҥиттэн олох турбата.
– Оҕолорум кэлэллэригэр тиийбэт киһи буоллум, – диэхтээбитэ, сарсыарда ньуосканан итии миин иһэрдэригэр. Миинин кыайан испэтэҕэ, дьабадьытынан төттөрү таһаарарын сото олорбута. – Ыстапааны ыҥырбаттар ини. Кинини ыҥыралларыгар тиийбэтэх киһи…
– Ыстапааны ыҥырбаттар. 50 саастаах киһини сэриигэ ылбаттар, – диэн уоскуппута…
Бүгүн Ыстапааҥҥа бэбиэскэ кэлэн, биригэдьиир уол отчуттарынан барбыта. Өйүүн сарсыарда улуус военкоматыгар баар буолуохтаахтар, биэс киһи ыҥырыллыбыт. Утуу-субуу баран, сиидэлэнэн да бүтэн эрэллэр. Миитээ уонна Кыра Ыстапаан от ыйынааҕы бастакы хомуурга барбыттара. Ыстапааннарын көрбөккө да ыыппыттара. Ыһыах кэнниттэн, саҥардыы окко киирэн үлэлээн эрдэхтэринэ, нэһилиэк аҕыс эдэр уолаттарыгар бэбиэскэлэр кэлбиттэрэ. Ыксал бөҕөнөн оттуу сылдьар Баһылайдарын ыҥыран, Киристиинэни мэҥэһиннэрэн, Миитээлээҕи кытта барсан, Ыстапааны атааран кэлбиттэрэ. Ыстапаана эрэйдээх «төрөөбүт дойдум көмүскэлигэр бүтүн олохпун да биэриэҕим» диэн сурук хаалларбыт этэ. Эдэр киһини Киристиинэни аһынар. Атаарарыгар сэниэтэ эстиэр диэри ытаабыт үһү. Быраата Баһылайынан: «Кийииккит курдук санааҥ. Быйыл күһүн холбоһуохтаах этибит. Эргилиннэхпинэ, хайаан да ыал буолуохпут», – диэн илдьит ыыппыт этэ. Миитээтэ барахсан оҕотун да көрбөккө бараахтаата. Хайдах-туох сылдьаахтыыллар. Уолаттары атаарарга кийииттэр иккиэн да амньыраан биэрдилэр. Ийэ ону олох сөбүлээбэтэҕэ. «Кыаныҥ. Ытаан атаарымаҥ. Аньыы», – диэн иккиэннэригэр этэ сатаабытын истибэтилэр. Чэ, эдэр дьону хайыаххыный? Барыта этэҥҥэ буолуоҕа. Хайдах эрэ санаата бөҕөх. Эһэбит түүлүн тойоннуур буолар этэ, кэлин олох саҥарбат. Кырдьан, эбиитин санаа-оноо баттаан, түҥ-таҥ барда, тута умнан кэбиһэр. Уола өйүүн сэриигэ аттанаары турдаҕына аны быстан хаалан иэдээни оҥороро буолуо. Ыстапаан: «Наһаа мөлтөөтө. Бэйэм баарбар ситэри барара буоллар, уҥуоҕун тутан бардахпына, санааҕа астык буолуо этэ», – диэхтиир. Чэ, ханныгын да иһин, иэдээннээх олох иһэр. Билигин өссө урукку үгэспитинэн олордохпут дии. Сэрии уһаатаҕына, дьэ буолан-хаалан туруохпут. Аччыктааһын, эстии-быстыы саҕаланыа, дьоммут бука бары бардахтарына, хайдах олороохтуубут? Баһылайа холкуос баар-суох, соҕотох тырахтарыыһа буолан, ыҥырылла илик. Кыһыннары-сайыннары от тиэйиитэ, сир тиэриитэ, бурдук ыһыыта, хомуура,