Скачать книгу
көрөллөрүттэн саллан хаалбыт. Кини ыанньыксыттыырын таһынан, кыһыннары-сайыннары ыйга иккитэ буостаны таһар. Ахсынньы-тохсунньу ыйдарга, торулуур тымныыга саҕынньах кэтэн, оройуоннар биэрбит улахан баҕайы хаатыҥкаларын анньынан айанныыра. Биир хоноро. Сарсыҥҥы күнүгэр, сымнаҕас баҕайы аттааҕын биллэр да суолга моһуогуруохтара диэн, Уйбаанчык барахсан, кэлэр кэмин учуоттаан, хайаан да утары барара. Дьон ону билэрэ да саҥарбата. Уйбаанчыктаах Мачыана биир алааска улааппыттара. Оҕо эрдэхтэриттэн бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэһэ көрсөллөрө эрээри түҥкэтэх алаас оҕолоро кыайан чугаһыспатахтара. Онтон 1921 с. Саха сиригэр гражданскай сэрии буолан, «баай», «дьадаҥы» икки ардыгар кылаассабай охсуһуу саҕаланан, дьон-сэргэ ортотугар өстөһүү саҕаламмыта. Аҕыйах ахсааннаах да буоллар, сэниэтик олорор ыал кыра-хара быстар дьадаҥы дьону кытта тэҥнэһиэн баҕарбата. Мачыана аҕата уонтан тахса сүөһүлээх сэниэ ыал этэ, быстар дьадаҥы ыал уолларын Уйбаанчыгы киһинэн да аахпата. Атын алааска сэниэтик олорор Тэрэнтэй дьонун кытта уруурҕаспыта. Оҕонньоттор иккиэн да бардам дьон этилэр, бандьыыттарга кистии-саба көмөлөспүттэрэ диэн үөлээннээхтэрэ тыыннаахтарыгар элбэхтэ сирэй-харах анньыбыттара. «Ревкомнар сүөһүбүтүн былдьыахтара диэн куттанан, ньылбыйан олорбуппут. Тыын тыыҥҥа харбас. Ревкомнар да, бандьыыттар да диэки буолбатахпыт», – диэн тумсуларын дулҕаҕа соттоллоро. Туох билиэй? Оччолорго түҥкэтэх тыа сирин дьоно былаас иһин буолбакка, бэйэлэрин тыыннарын көмүскэлигэр олороллоро, ол да буоллар төрөппүт былааһа улахан этэ. Оҕо аҕатын утары үрүҥ хараҕын өрө көрбөтө. Мачыана аҕа былааһын сиэртибэтэ буолан, таптаабат киһитигэр Тэрэнтэйгэ кэргэн тахсан, кини Ыстапаанынаан араа-бараа кыыстаах уонна уончалаах Сиэнньискэ диэн уоллаах. Дьон этэринэн, Сиэнньискэ Уйбаанчык уола. Уйбаанчык дьиэ кэргэн тэриммэтэҕэ. Тимир ууһа буолан, сэриигэ ыҥырылла илик эрээри, барарга тылланар үһү диэн сурах иһиллэр. Чугастааҕы холкуостар бары кэлэн уһаннараллар, тимири хаамтарбатах эрэ буруйдаах, чугас эргин суох уус киһи.
Онтон кини Баһылайа сэриигэ ыҥырыллыбыта биэс ый буолла, Смоленскай фроҥҥа ручной пулеметчигынан сылдьар. Ааспыт суругар аҕатын ыйытаахтаабыт этэ да хантан билиэй? «Үөрэҕэ суох, аахпат-суруйбат, нууччалыы билбэт киһи төһө эрэ сүрэхтиин-дууһалыын тулаайахсыйан сылдьар» диэн Маарыйа санааргыыра. Ол эрээри Ыстапаанын эрэнэр, өлөн-охтон биэрбэтэх буолуохтаах. Олоххо дьулуурдаах, сатабыллаах, үлэһит киһи онно да дьоҥҥо, салалтаҕа сөбүлэппитэ буолуо диэн эрэнэр. Ону таһынан, хас суругун ахсын сиэн оҕолору – Маасыҥканы, кыракый Өстүөпүскэни ыйыталаһан суруйар. Оҕом сыыһа гражданскай сэриигэ сэбиэскэй былаас иһин олоҕун толук уурбут убайын Андросов Баһылай Георгиевич олоҕун салҕааччы, аатын ааттатааччы, аймаҕын тэнитээччи соҕотох Андросов кини эрэ. Ити кини туһугар улахан эппиэтинэс буоларын оҕо эрдэҕиттэн куруутун такайар буоланнар, бэл, мэник-тэник сааһыгар улахан оҕо курдук оттомнооҕо.