ТОП просматриваемых книг сайта:
Өтөх иинэ оспот. Татьяна Находкина
Читать онлайн.Название Өтөх иинэ оспот
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4536-5
Автор произведения Татьяна Находкина
Издательство Айар
– Хайа, өйдөннүҥ дуо?
– Өйдөөн турабын.
– Чэ, эт!
– Эһиги бандьыыттар диэн дьиҥнээх ыттаргыт. Эһиги… – диэн истэҕинэ, бандьыыт тойоно эмиэ түҥнэри охсон түһэрдэ. Баһылай туох баар күүһүн түмүнэн, тоҥуу хаартан туран кэллэ. Бандьыыттар сааларын сомуогун туруоран халыгыраттылар. Бассабыык Баһылай саа уоһугар туран бассабыыктыы эрчимнээх тыллары эппитэ:
– Саллааттар! Эһиги кыһалҕаҕа кыпчыттаран, баайдар албыннарыгар оҕустаран сылдьаҕыт. Ким иннигэр эһиги тосту тоҥон, толоон аайы охтоҕут? Кимнээҕи өлөрөөрү тураҕытый? Биһиги аҥаардас эһиги иннигит иһин бу буолан турар дьоммут. Хамначчыт кыра-дьадаҥы дьон көмүскэллэрин иһин, баайдар суостаах батталларын кытта мөккүспүт «буруйбутугар» охтон эрэбит. Ону бэйэҕит өйдөөҥ, санааҥ! Бассабыык баартыйа барҕардын! Кыһыл аармыйа кыайдын! Туругурдун Сэбиэскэй былаас! Чэ, бэлэммин!
Сотору буолаат, хас да бинтиэпкэ тыаһа тоҕо ыстанан, ыраахха диэри дуораһыйда.
Ити курдук, бандьыыттар Сэбиэскэй былааһы олохтоспут, ревком бэрэссэдээтэлин, бассабыык, Андросовтар баар-суох убайдарын Баһылай Андросовы 1922 сыллаахха тохсунньу 11 күнүгэр ытан өлөрбүттэрэ. Ити күн кини лоп курдук 33 сааһын туолбута.
Убайын өлөрүөхтэриттэн 19 сыл ааста. Ол аһыыта-абата ааспат. Биир дьиэ кэргэн уота умуллубута… Итинтэн тэптэрэн, Андросовтар аймахтар эстибиттэрэ. Быраата Лука тоҥ хаһаа ампаар дьиэҕэ сытан, сэбиргэхтэтэн күүскэ ыалдьыбыта. Элбэхтик эмтэммитэ эрээри сэллик ыарыыга хаптаран, дьиэ-кэргэн тэриммэккэ кылгас үйэлэммитэ. Соҕотох Маарыйа эрэ хаалбыта. Ол иһин Ыстапаанынаан сүбэлэһэн баран, кыра уолларын Баһылай Андросов диэн сурукка-бичиккэ киллэрбиттэрэ. Оҕонньордоох эмээхсин да утарсыбатахтара. Өтөх иинэ оспот. Оҕото Баһылайа ситтэҕинэ-хоттоҕуна, үлэһит бэрдэ буолан, оҕо‐уруу төрөтөн, Андросовтар ааттарын ааттатыа, хаан аймаҕы тэнитиэ.
Маарыйа бүгүҥҥү күннээх курус санаатыттан босхолонон, чэпчии быһыытыйда.
Бэс ыйын 19 күнэ. Сир-дойду ситэн-хотон, күөҕүнэн силигилээн, самаан сайын саамай күөҕүнэн чэлгийэр, минньигэс сытынан сүрэҕи нүөлүтэр кэрэ кэмэ. Сырдык, ыраас үрүҥ түүннэр үүнэннэр, чыычаахтар чыбыгыраһар саҥалара сири-дойдуну ылан кэбистэ. Куула тыаҕа чоргуйар кэҕэ куолаһа олох уйгулаах тойуга буолан иһиллэр.
Бүгүн ыһыах. Оҕо‐дьахтар ыһыахха анаан тиктибит саҥа халадаай былаачыйаларын, ырбаахыларын кэтэн, бары ыһыах буолар түһүлгэтин диэки субустулар. Эр дьон бэрт дьоһуннаахтык туттан, бэйэлэрин икки ардыларыгар дорҕоонноохтук кэпсэтэллэрин быыһыгар ыһыах ыһыллар сиригэр наллаан хаамтылар.
Маарыйа дьонун ыһыахха атаартаан баран, түһүлгэҕэ олорон аһыыр астарын бэлэмнээтэ. Бэҕэһээ Ыстапаан илимнээн сарсыардаттан собо ыһаарылаабытын, оҕолор кэллэхтэринэ ыһыахха сиэхпит диэн хаһааммыт ынаҕын этин кырбаһынан буһарбытын, сибилигин астаабыт алаадьытын туос ыаҕайаҕа сааһылыы уурталаата. Онтон былырыын сайын ыһыахха кэтиэм диэн анаан тиктэрбит халадаай былаачыйатын, үрүҥ сарыы этэрбэһин кэтэн,