Скачать книгу

кытта барсыбытым. Ойуурга, кырдьык, отон элбэх этэ да, уолум тохтоон хомуйбакка баран испитэ. Мин кураанах ыаҕайабын туппутунан кинини батыһан испитим. Олус өр барбыппыт.

      Онтон эмискэ уолум мэлис гынан хаалбыта. Маҥнай уолбун ыҥыра сатаабытым да, киһим суоҕа. Онтон ыксаан, куттанан, ийэбин ыҥыра-ыҥыра ытаабытым – ким да кэлбэтэҕэ. Ыаҕайабын туппутунан бара сатаан баран, сэниэм эстэн, хараҥарбытын кэннэ сыгынах хоонньугар киирэн саспытым. Ол сытан утуйан хаалбыт этим. Нөҥүө күнүгэр, ичигэс буолбутугар уһуктан, иһим тотуор диэри отонноон сиэбитим. Ытаабат этим. Күнү быһа дьиэбин көрдөөн хаампытым да, булбатаҕым. Итинник үс хонукка муна сылдьыбытым.

      Үһүс күнүм сарсыардатыгар, эрдэ быһыылааҕа, тымныы баҕайы этэ. Суор хаһыытыттан уһуктубутум. Аттыбар сүрдээх чугас баҕайы сүүнэ улахан хара суор олороро. Бастаан куттана санаан баран, тоҕо эрэ кинини тутуохпун баҕаран кэлбитим. Батыспытым. Суор миигиттэн нэһиилэ куотар этэ. Эккирэтиһии буолбута. Иккитэ хаста ыаҕайабынан охсубутум да, таппатаҕым. Саамай итийэн-кутуйан эккирэтиһэн истэхпинэ, суорум «хоох» диэт, көтөн хаалла. Сонно тута дьон саҥатын иһиттим. Көрбүтүм – хас да киһи миэхэ сырсан иһэр. Куота сатаан көрдүм да, тараччы тутан ыллылар. Ыаҕайабын былдьаары гыммыттарыгар күүһүм баарынан кииристим. Онон былдьаабатылар. Бэрт түргэнник ат ыҥыырдааннар, биир киһи миигин көтөҕөн илдьэ барда. Аара утуйан хаалбыт этим. Ийэм айманар саҥатыттан уһуктубутум. Ийэм ытыы-ытыы миигин сыллыы турара.

      Мин сүппүтүм кэннэ маннык буолбут. Сүттэҕим түүнүгэр дьону-сэргэни, чугас эргиннээҕи отчуттары барыларын хомуйан, көрдөөһүнү тэрийбиттэр. Икки түүннээх күн көрдөөн булбатахтар. Ыксаан олордохторуна ким эрэ Аана эмээхсиҥҥэ биллэрэр туһунан тыл быктарбыт. Дьэ онно өйдөнөн, аҕам эрэйдээх ааттаах ат үөһэ түһэн, сэттэ көстөөх сиргэ, Мастаахха (Кучаҥҥа. – М.П.), олорор Аана эмээхсиҥҥэ ыстаннарбыт. Эмээхсиннээх дьиэлэригэр түүн тиийбит уонна эмээхсинтэн көмөлөс диэн ытыы-ытыы көрдөспүт. Аана эмээхсин оҕо сүппүтэ бу түүн үһүс түүнэ буоларын истэн баран, ыксыы түспүт. «Үс хонукка диэри тоҕо биллэрээхтээбэтэх бэйэккэҕитий? Уу диэн эмиэ баар. Кыыл диэн эмиэ баар. Ону тэҥэ түүн тымныыга тоҥон иэдэйиэ буоллаҕа», – диэн аҕабын сэмэлээбит. Ол кэннэ: «Бэйи, мин билигин билэ сатыам», – диэт, хаппахчытыгар киирбит. Онно хамсалаах табах устата сүтэ түһэн баран, үөрэн-көтөн тахсан кэлбит уонна аҕабар: «Тоойуом, оҕоҥ этэҥҥэ сылдьар эбит. Эрэйдээҕим сыыһа охтубут тиит сыгынаҕын хоонньугар утуйан буккуруу сытар», – диэбит. Ол кэннэ аҕабын: «Уоскуй. Оҕоҥ сарсыарда түөртүүр саҕана дьиэтигэр кэлиэҕэ. Хата аһаан-сиэн, сынньанан манна утуйан хаал», – диэбитин истибэккэ, дьиэтигэр тэбиннэрэ турбут.

      Инньэ гынан сарсыҥҥы күнүгэр миигин саҥа аҕалан турдахтарына, дьигиһитэн кэлбит.

      Ойууну-удаҕаны төһө да арбаабатах иһин, Аана эмээхсин барахсан миигин оҕо эрдэхпинэ өлөр өлүүттэн итинник быыһаабыта. Ити барыта кырдьыктаах суол. Ону бэйэҕит сыаналыаххыт. Оттон мин бэйэм чааһым Аана эмээхсин үрдүк аатыгар сүгүрүйэбин», – диэн

Скачать книгу