Скачать книгу

Айыы ойууна буолара саарбаҕа суох. Apaaha, кини идэтин салҕааччы оҕолорун истэригэр баар буолуон сөп. Дьэ ол киһи Тумус Мэхээлэни Айыы ойууна буоларга үөрэппит быһыылаах. Айыы ойууна үөрэнэр, кини уһуйуллубат. Уһуйуу диэн хара эйгэлээх тыл диэн этэ сатаан кэбистим. Ону баара, педагогтарбыт кытта оҕолору уһуйабыт дии сылдьаллар. Өйдөөн кэбиһиҥ: Айыы эйгэлээх барыта үөрэтэр. Холобура, хотой оҕотун үөрэтэр, мохсоҕол оҕолорун үөрэтэр, кус оҕолорун үөрэтэр. Уһуйар диэтэххитинэ ыар аньыылаах өйдөбүл тахсан кэлэр. Оттон абааһы эйгэлээх оҕотун уһуйар. Холобура, суор оҕотун yhyйap, бөрө оҕотун уһуйар уо.д.а.

      Эбиитин Мэхээлэ айылҕаттан ураты дьоҕурдаах киһи буолан, Айыы ойууна буоларга бэрт түргэнник үөрэммитэ. Онуоха аптаах-хомуһуннаах, уус-уран тыллааҕа улахан көмө буолбута. Аны билигин хайдах дьүһүннээх-бодолоох киһи этэй диэн кэпсэтиэҕиҥ. Мэхээлэ бэрт улахан, көбүс-көнө уҥуохтаах, күүстээх-уохтаах көрүҥнээх, кэтит сарыннаах, куударалаах хара баттахтаах, сулардыы бытыктаах, киэҥ, дириҥ харахтаах, сырдык, ыраас сэбэрэлээх, эдэригэр бэрт кырасыабай киһи этэ. Кини тас көрүҥүн ойуулаан хаалларбыт сэһэнньиттэр элбэхтэр. Олортон сорохторун кэлин ахтан ааһыахпыт. Ол аата Тумус Мэхээлэ атын омуктан эбии хааннааҕа тас көрүҥэр көстө сылдьара. Кини дьон-сэргэ ытыктыыр киһитэ этэ. Бэрт өйдөөх-санаалаах, эйэҕэс, кыаммакка-кыраҕа, оҕоҕо-дьахтарга, кырдьаҕастарга бэрт үтүө сыһыаннааҕа.

      Мэхээлэ Ирина Иванова диэн кыыһы кэргэн ылан, үс уол оҕону төрөппүтэ. Олору аҕыннахха маннык: Софрон – 01.03.1891 с.т., Алексей – 1892 с.т., Федот – 10.05.1894 с. төрөөбүттэр. Маны таһынан хас да атын дьахтарга оҕолоох диэн биир дойдулаахтара быһаараллара. Холобур, Сис Миитэрэйэ диэн киһи. Бу киһи Киччэҥинэн, Түөрт Уон Арыыларынан бултаан сылдьыбыт. Онон дойдутугар ыытыллар биэрэпистэргэ киирбэтэх. Кэлин дойдутугар кэлэн Тыымпынан, Мундуҥданан, Баҕадьанан олорбут. Николай, Бүөтүр Михайловтар диэн икки уоллааҕа. Тумус Мэхээлэ аатынан уолаттарыгар фамилия биэртэлээбит. Ол аата Миитэрэй аҕатынан Тумус Мэхээлэни билинэр эбит. Иккис, Тумуска күтүрэнэр киһинэн, Сынтаа Дьөгүөр-Егор Алексеевич Иванов эбит. Сынтаа Дьөгүөр Тумус Мэхээлэ Мария Васильеваттан уола эбит. Өссө «Мэхээлэ уола» дэнэр киһинэн Бүлүү Бороҕонугар төрөөн-үөскээн ааспыт Сулар Ойуун-Сулар Ыстапаан буолар. Ол туһунан сээркээн сэһэнньит Иосиф Тимофеевич Мальцев маннык кэпсээбит: «Хаппай кыыһа Ыстапаанньыйа кыыс дьахтар эрдэҕинэ, Бастакы Лүүчүн улахан ойууна Тумус Мэхээлэ оҕо оҥорон турар, ол оҕо кэлин улаатан Ыстапаан-Сулар Ойуун диэн ааттаммыта. Сулар көстөр дьүһүнүнэн Тумус ойуун курдуга дииллэрэ. Тумус Мэхээлэ көстөр дьүһүнүнэн олус улахана, күүстээҕинэн биллэр киһи эбитэ үhү. Баҕадьалар Сулар Ыстапааны «биһиги сиэммит» дииллэрэ. Ыстапаан кэнники кэргэнэ Дьапта Кыыһа диэн этэ, оттон манна Бороҕоҥҥо Биэрэ диэн кыыһа баар. Бастакы кэргэниттэн Ойуунускай-Дарбыдыанап Өлөксөй төрөөбүтэ». Иосиф Тимофеевич Мальцев 2-с Лүүчүнтэн Бүлүү Бороҕонугар көһөн олохсуйбута. Кини ити Сулар Ыстапаанныын саастара кыратык уратылаһар, биир көлүөнэ дьо�

Скачать книгу