ТОП просматриваемых книг сайта:
Үс Бүлүү айдарыылаахтара. Сборник
Читать онлайн.Название Үс Бүлүү айдарыылаахтара
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5529-6
Автор произведения Сборник
Издательство Айар
Дьөгүөр ыксаан быраатын Алыһардаахха ыытар. Аппанаас тиийбитигэр Алыһардаах: «Оо дьэ, эрэйдээхтэргэ хара тыаттан көрдөһөн ылбыт оҕом этэ, ону кыайан туппатахтар, ити Дьөгүөр бэйэтэ да муокас идэлээх эбит. Ити икки улуу булду бултаан баран малааһыннаабата», – диэбит. Кырдьык, ойоҕо оһоҕостоох сырыттаҕына биир бэлиэ саһылы өлөрбүт, ол саһыл түөһүгэр бэчээти уурбут курдук үрүҥнээх, баһырҕастаах атахтаах, чахчы бэлиэ көстүүлээх саһыл эбит. Дьөгүөр бултуйдаҕына уокка ас куппат, байанайдаабат идэлээҕэ үһү. Ол дьонтон кэлин биир да оҕо төрөөбөтөх.
Аана салгыы Аппанааска этэр: «Оттон эйиэхэ эһиил биир кыыс оҕо төрүөҕэ. Билигин эйигин кытта барсан, кинилэргэ оҕо аҕалар кыаҕым суох», – диэн кыккыраччы аккаастаан кэбиһэр. Эһиилигэр Аппанаастаахха биир кыыс оҕо төрүүр. Ол оҕо төһө да ыарыһаҕын-иринньэҕин иһин өлбөтөх. Улаатан ыал ийэтэ буолта үһү (С.В. Сметанин).
Өтө көрүүлэрэ
Алыһардаах удаҕантан «иккистээн эргиллиэҥ дуо» диэн ыйыппыттарыгар эмээхсин эппит: «Ол дойдуттан киһи иккистээн эргиллэн төрүүрүн билбэппин. Кэлэр өттүгэр ойуун оруола намтыаҕа, ол эрээри олохтон сүтүө суоҕа. Лүүчүнтэн барбыт дьахталлартан, баҕар, үөскүөхтэрэ» – диэбит.
В.А. Кондаков Аананы өтө көрөөччү быһыытынан билинэр. «Саха дьоно кэскилбит хайдах буолуой?» диэн ыйыттахтарына Улуу Удаҕан долгуйара, ыксыыра үһү. «Оо! Дьэ кытаанах, кытаанах! Алдьархайдаах сэрии буолуо. Элбэх ыччаппыт сэриигэ баран өлүө. Манна хаалбыттартан кытаанах үлэттэн, ас-үөл суоҕуттан баһаам киһи хоргуйан өлүө. Биһиги дьоммут кыайыахтара. Онтон олох тупсан барыа. Дьон элбэхтик үлэлиэхтэрэ да, хамнастара кыра буолуо. Ол гынан баран эйэлээхтик олоруохтара. Иҥсэ-обот элбиэҕэ. Сири үлтү сүргэйдилэр. Умайар убаҕаһы хаһан таһаараннар, онно улахан эргиэн буолла. Ол убаҕаскыт кыайан дьаһаллыбакка, сири-дойдуну тунуйда. Иһэр уу хаалбата, барыта киртийдэ, салгын бүттэ. Биир испиискэ маһын уматан баран бырахтыҥ да – уулуун, ойуурдуун, салгынныын умайар кутталланна. Дьэ итини билбэтим туох кыайан тохтотуон? Ол барыта куһаҕаны аҕалыа. Оттон тимир тиһилик ыллыгынан уһун субурҕа сыарҕалаах улуу дьаалы оҕустарынан соҕурууттан-арҕааттан от-мас ахсаанынааҕар элбэх киһи кэлиэҕэ, онно түмсүүлээх эрэ буоллахпытына ордуохпут!» – диэн эппиэттээбит. Бу өтө көрүүтэ – киһи буруйунан айылҕабыт алдьаныыта улуу Ванга көрүүтүн кытта сөп түбэһэр.
Аана ийэ айылҕатын олус таптыыра, ис сүрэҕиттэн иэйэн, Ийэ кутунан таптаан, Буор Кутунан сөбүлээн, Салгын кутунан ылынан, Сүдү Сүрүнэн билэн, харыстыыра, көмүскүүрэ. Кини намчы иэйиилээх кута-сүрэ, үрдүк өйө, уһулуччу талаана, үөһэттэн анала барыта Ийэ Айылҕатын кытта ситимнээҕин үчүгэйдик өйдүүрэ. Ол-бу араас ойууннар алҕаан, аптаан этэн дархаһыйдахтарына: «Күтүрдэр! Сыыһа саҥарымаҥ! Ол эһиги суолгутун араас абааһыларынан