Скачать книгу

сүтэрэллэр…

      Үрэххэ сохсо көрсөөрү Улахан Баһылайы батыһан барса сырыттым. Мундулуҥдаҕа саппай уопсааччым суох, сайын ынах көрдүү эҥин сылдьан, буор холумтаннаах сохсолор сэлиилэрэ кэчигирэччи анньыллан туралларын көннөрү көрөн эрэ ааһарым.

      Баһылай миэхэ сохсо ымпыгын-чымпыгын бэркэ быһааран кэпсиир, билиититтэн бэрсэриттэн сүрдээҕин астынар быһыылаах, сэҥийэтигэр үүммүт абына-табына бытыга биир кэм сэпсэҥэлээн олорор. Булчут киһи тылын-өһүн сэҥээрэн истэбин, сэмэй киһи тыаҕа тахсан уратытык сэргэхсийбит сирэйин-хараҕын үөрэ, эмиэ да дьиктиргии көрөбүн.

      Саҥа сохсо охсон булт тэрилэ тэринэр киһиэхэ, кырдьыга да, үлэлээх буолар эбит. Ол эрэн, Баһылай этэринэн, маҥнай эрэ бадьыыс, эһиилгититтэн бэлэм сохсолору «өндөтөҕүн» эрэ үһү. Биирдэ сохсо охсуннуҥ да онтуҥ «үйэ-саас тухары» сытар диэн эгэ-дьэгэ буолар. Кэлин көрө-истэ сылдьан сөргүтэн эрэ бэриллэр: сорох сэлиитин саҥардан, баттык маһа чэпчээбит буоллаҕына уларытан, эбэтэр икки баттык мас ыккардыгар эбии үөл мас ууран биэрэн эҥиннээн.

      Сохсо баттык маһа икки буолар, ортолорунан сүгэнэн хайа охсуллар уонна онно сис мас диэн кыбыта анньыллар. Сис мастан ылан киһи аҥаар илиитинэн холкутук көтөҕүөхтээх, наһаа ыарахан буоллаҕына кылыы буолар мэҥиэ от быста туруон сөп. Баттык икки өттүнэн кэккэлэччи сэлии анньыллар. Сис мас төрдө сиргэ батары сааллыбыт ачаахтаах маска кыбытыллар. Сохсо айаҕын уҥа өттүгэр «тирэх мас» диэн сааллар. Ити «тирэх маска» сохсо охсоро ууруллар, охсор уҥа-хаҥас халты барбатын диэн «тирэх маһы» быһаҕынан уостаныллар. Баттыгы, били, сис маһыттан көтөҕөн таһаараҕын уонна охсор төбөтүгэр, «тирэх мас» тас өттүгэр ууруллар. Баттыккын сис маһыттан охсорунан «тирэх маскар» баттаан өрө тэптиргэлээн таһааран баран, охсорго бааллыбыт кыллаах элбэрээк төбөтүн икки баттык мас ыккардыгар тирэннэрэҕин, элбэрээк быһах төбөтүнэн сиирэ анньыллыбыт аҥаар өттүгэр оккун кыбытаҕын, аҥаара хайа сотуллубут сэлии маһыгар эрийэ тутан кыбытыллар. Сохсо айаҕын анныттан саҕалаан, ортотунан, бэлэһигэр диэри хаарга мэҥиэ от кэккэлэччи, туруору анньыллар. Өссө сохсо ыксатыгар хатыҥ лабаатын, талаҕы бысталаан быраҕыллар. Табысхаан маҥнай талаҕы булан кэбийэр, ол сылдьан мэҥиэ отун сиир, устунан сэлии иһигэр киирэр, кылыы буолан турар элбэрээктээх оту быһа ыстыыр, сохсо эстэр…

      Мэҥиэҕэ сөлөгөйүн, сүмэһинин сүтэрбэккэ иҥэриммит хаппыт күөх от, бурдук ото, ардыгар ньыыраайы талах эмиэ барсар. Саас эрдэ, күн сырама суоһаан, хаары уулларан мэҥиэ буолан турар оту суулларан кээспэтин диэн сохсо айаҕа мэлдьи хоту диэки хайысхаланар.

      Куобах сохсо айаҕынан да киириэн сөп, кэннинэн да киириэн сөп. Ордук саас, бэйэ-бэйэлэрин батыаккалаһар кэмнэригэр, биир сохсоҕо икки табысхаан баттатара баар суол. Сохсо – бэрт булт тэрилэ: булда собооботунан, суор сиэн бадьыыстаабатынан. Тэптиргэҕэ тэйгэйбит табысхааны баламат суор кыһытыан иһин анныгар олорон, өрө ыстана-ыстана, тоҥсуйан сиэн кээһэр, оттон сохсоҕо оннук буолбатах, ардыгар төһө да атаҕа быга

Скачать книгу