ТОП просматриваемых книг сайта:
Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов
Читать онлайн.Название Ийэм кэпсиир… (3 чааһа)
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3601-1
Автор произведения Семен Маисов
Издательство Айар
Кырдал тыа диэки өттө эмискэ дэхси кырыс сир буолан барар, эмиэ арыы-арыы ыркыйдаах. Үрдүк сир саалыттан көрдөххө син тэйиччи, оол курдук, бөдөҥ тыа иһигэр, саһа, кирийэ сатаабыкка дылы тыымпы көлүйэ көстөр. Мин ити көлүйэ хайаан да ааттааҕа-суоллааҕа буолуо диэн ыйытаары салгыны эҕирийэн айахпын атан эрдэхпинэ Баһылай бэйэтэ быһа түһэн:
– Оол, көлүйэ көстөр, көрөҕүн? – диир.
– Көрөн.
– Кээрэҥээ диэн көлүйэ. Тыаллаах-куустаах, ардахтаах, сипээ күн ити көлүйэҕэ кус тахсан бүгээччи. Күһүн хааман куобахтыы сылдьан өҥөйдөххө да, хойукка диэри кустаах буолааччы. Урут сылын аайы орулуос, ньырдаайы киллэрээччи, кэлин өссө сылдьыбыт да суох. Бэрэ Арыылаахха түһэр от үрэҕэ ити көлүйэни кытта ситимнээх. Көлүйэттэн тахсан барар үрэх, киһи ыстанан ааһар синньигэс эрээри, хараара чөҥөрүйэн сүрдээх дириҥ…
«Орулуос кус ити кырдал кумалааннаах тииттэригэр төрөөн баран, оҕолорун ол көлүйэҕэ киллэрэн эрдэҕэ…» диэн арааһы саныыбын.
Онон-манан абына-табына үүммүт кытыан быыһыгар ииппит Баһылай уларын туһаҕын бастакы хандаалаах тоҥуута көһүннэ. Хатыйыы тоҥуутун үс-түөрт, сороҕор икки, биир да айахтыыр эбит. Хас да тоҥууну аастыбыт, туох да иҥнибэтэх, көтөр түһэ сылдьыбатах. Салгыы хаамтыбыт. Баһылай табахтаабат онон тохтоон олоро эҥин түспэт, биир кэм бэдьэйэр…
Кырдал арыый намтаата: ото-маһа өссө тупсубукка дылы буолла, хатыҥ булкаастаах ойуурданна, аны өссө көөнньүбүккэ дылы дыргыл сыттаах сиһик үүммүт сирэ кэллэ. Тыа маһа мутукчатын, сэбирдэҕин суйдаммыт, арай, ала чуо сиһик эрэ ыыс-араҕас буола хагдарыйбыт сэбирдэхтэрин түһэрбэккэ тыаһы иһиллээбиттии саһарымтыйар.
Мин ордук биирдиилээн үүммүт модьу да модьу, бөдөҥ, суон тииттэри кэрэхсээн одуулаһабын, били, эһэм Өлөксөй оҕонньор кэпсиир остуоруйаларын дойдута бу курдук оттоох-буолуо, эчи үчүгэйин, онно сылдьыбыт киһи баар ини диэн эҥин эгэлгэни бары түөһэрбиттэн, ардыгар, бэйэм-бэйэбиттэн сонньуйан