ТОП просматриваемых книг сайта:
Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов
Читать онлайн.Название Ийэм кэпсиир… (3 чааһа)
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3601-1
Автор произведения Семен Маисов
Издательство Айар
Улахан Баһылай тииҥи таҥнары үөлэр. Баһын өрө гыннахха «маһыттан түспэт», таҥнары үөллэххэ дөбөҥнүк бултатар үһү. Кыра Баһылай ыппыт тииҥэ ыйанан хаалан бадьыыстаатаҕына дьиэтигэр кэлэн баран: «Ити хайалара тииҥин өрө хончотон үөлэн сиэбитэй, борукка, уйалаан истэхпинэ, биир тииҥ мутукка ыйанан тэйгэйэн хаалан сорбун сордоото…» – диэн дьээбэрэр.
Улахан Баһылай Арыылааҕын Бэрэтигэр тэрийбит сэптэрин көрө хаста да бара сырытта. Кураанах кэлбэт, кэм «өттүк харалаах, илии тутуурдаах буолар», куобаҕы сир харатыттан баһаан ылла, хата ол оннугар маһын көтөрө иҥнибэт, били, миигин кытары сылдьыаҕыттан элэтэ биир токутары аҕалбытынан.
Мас көтөрө күһүн сир харатыгар, эрдэ элбэх курдук этэ да, тоҕо эрэ, хаар түһээтин сүтэн-иҥэн хаалла. Кыра Баһылай: «Мас көтөрө эмискэ кэлэн ааһыа, билигин суоҕа билбэт…» – диир. Улахан Чоҥоро диэки, бэйэтэ этэринии тыатын ахтыбычча бугуһуйан, тириитин тэнитэ, санаатын дьэгдьитэ таарыйа тииҥнии бара сылдьан, үөр уларга түбэһэн – биир хараны кытары икки эрдэҕэһи ытан аҕалбыта. Баһылай, нэмин табан, саанан ытара сүрдээх быһыылаах: «Оччо хаамыылаах сиргэ олороро, бачча хаамыылаах сиргэ түспүтэ…» – диэн кэпсиир. Быыс арыт буллар эрэ, бэрт ырааҕынан тэлэһийэн эргийэ көтөн хаамара диэн кини, туох эмит кыра да сорукка ойуурга таҕыстаҕына саатын санныттан араарбат, мэлдьи сүгэ сылдьар. Ыраах ыырданан бултуу бараары сылдьар киһи сиэринэн дьиэ таһыгар убайын курдук сэп тэринэн «мачайдаммат». Аны сааскыга, дуоһуйуор диэри хара тыаны кэтэр күннэрэ иннигэр турдаҕа. Айдаҥ эргин чугаһынан олохсуйбут тииҥи, бэлиэлээҕи – түүтэ көбөөтө, ситтэ да кыра ыамайыттан саҕалаан оҕонньоругар тиийэ, сорук, дьарык оҥостон сонордоһон, чордоон бүтэрэллэр…
Бултуур дьонноох да буолан былыр-былыргыттан быйылгыга диэри саха дьоно «чыып-чаап» дэһэн олордохпут. Урукку курдук дуона суох аҥаардас хамнаска хайа эрэ сэниэ ыалга хамначчыттаан, эбэтэр билиҥҥи курдук соҕотох көлөһүн күнүнэн эрэ сылдьар киһи – киһи буолбат, кыһарҕаннаах күннэр-дьыллар ыган-тиийэн кэллилэр эрэ буруоҥ сабыллар. Баай хара тыа барахсан быйаҥа уостубат, киэҥ иһит кэһиэхтээх диэбиккэ дылы, биир булт төрүөҕэ-ууһа тахсыбакка мэлийдэҕинэ, ол оннугар атын булт ол ону солбуйан элбээбит буолар. Сэрии иннинэ табысхаан биир эмит көстөр, орохтуур эбит буоллаҕына, сэрии кэмигэр төрүөҕэ аһара тахсан бар дьону абыраата. Куобах олус элбээн, төһө да ыран, сутааран өллөр, туох эмит «ыстыырдаах» дьоҥҥо, эбии гынан айах хамсатарга бэрт ас. Оттон аҥаардас ырыган куобах этинэн киһи тук