ТОП просматриваемых книг сайта:
Өлбөт үөстэниэҕиҥ. Иннокентий Колосов
Читать онлайн.Название Өлбөт үөстэниэҕиҥ
Год выпуска 2022
isbn 978-5-7696-6610-0
Автор произведения Иннокентий Колосов
Издательство Айар
Тиийбитэ Ойуунускай хоһугар улахан мунньах буола турар эбит. Петров тыаһа-ууһа суох киирэн, кэнники ыскамыайкаҕа наркомпросс үлэһиттэрэ Михаил Константинович Артемьевы уонна Николай Егорович Афанасьевы кытта кэккэлэһэ олорунан кэбистэ.65 Мунньах бүтэн эрэр буолан, Петров Ойуунускай хаһан босхолонорун кэтэһэн олордо.
Сотору мунньах бүттэ. Дьон тарҕаһан барда. Инники ыскамыайкаттан Исидор Барахов туран, Ойуунускайдыын тугу эрэ кэпсэтэн бардылар. Сотору кабинекка Ойуунускай, Барахов уонна Петров үһүө эрэ хааллылар. Николай Васильевич: «Бу дьон өтөрүнэн бүтүө суохтар!» – дии санаата уонна көхсүн этиттэ. Дьоно кини диэки көрө түспүттэригэр:
– Суһал кэпсэтии наада буолла. Күнү-дьылы күүппэт быһыы-майгы тирээтэ. Үһүөн олорон кэпсэтиэҕиҥ, – диэтэ.
– Суһал кэпсэтии буоллаҕына, суһаллык бүтэрэр гына оҥостуоҕуҥ. Суһал быһаарыыны эрэйэр дьыала элбээтэ, – Ойуунускай сөбүлэстэ.
Үһүөн олордулар. Ойуунускайдаах Барахов, Петров тугу этэрин кэтэһэн, кинини көрөн олороллор.
– Мин бүгүн Нам туһаайыытынан эрэспиэскэҕэ баран кэллим. Бастаанньыстар суол аайы бааллар. Тоһуурга түбэһэн, чуут өлө сыстыбыт. Кыл мүччү тыыннаах ортубут… Быраан аннын диэки… Урут Төҥүлү оскуолатыгар бииргэ үөрэммит киһим хамандыырдаах түөрт уонча киһилээх этэрээт биһигини, урукку сырыыларбытынан истэн, анаан тоһуйбут. Хамандыырдара – Баишев Гавриил Васильевич диэн, суруйар идэҕэ сыстан испит, уруккута сибээс үлэһитэ киһи…
– Билэн, билэн! Оннук киһи баара! Сүрдээх туспа толкуйдаах – сахалыыны өрө туппут киһи! Киһи сирбэт өйдөөх-санаалаах ыччата эбит дии санаабытым… Ол киһи бастаанньаҕа холбоспут, өссө хамандыыр буолбут эбит дии?! – Ойуунускай соһуйда.66
– Ол этэрээт суолга иннибитин-кэннибитин бүөлээн кэбистэ. Хамандыырдара утары кэлэн кэпсэттэ: «Барыгытын тоһуйан тоһурҕаттаран кэбиһиэхпин санаан баран, бэркиһээн тохтоотум – кэпсэтэн көрөөрү», – диир. Баишевтыын биир нэһилиэк ыччаттарабыт. Мин дьонум ытыһан охтоору гыммыттарын, нэһиилэ тохтоттум. Биһигини түөрт төгүл баһыйар ахсааннаах дьон ас гыныахтара дуо?!
– Дьэ, ол Баишев туох диир эбитий? – Барахов интэриэһиргээтэ, олоппоһун иннин диэки сыҕарыс гыннарда.
– Бастаанньыстарбыт Дьокуускай куорат иһигэр туох буоларын, биһиги тугу гынарбытын барытын ааҕа-билэ сылдьаллар эбит! Дьэ, сүрдээх. Саамай кинилэри майгыларын алдьаппыт суолунан биһиги Мархаҕа концентрационнай лааҕыры тэрийэн, дьону солуок тутуубут буолар эбит. Онно харабыл буолан олорор дьону – ыраахтааҕы холуобунай сыылынайдарын Боруну уонна Глыгалоны кытта истэр-билэр эбиттэр.