Скачать книгу

лааҕырга олус элбэх киһини хаайбыттара. Кинилэри губчека этэрээттэрин дьоно харабыллыыллара. Олор истэригэр Борун уонна Глыгало диэн ыраахтааҕы саҕана Саха сиригэр көскө кэлбит бэһиэччик-холуобунай буруйдаахтар уһулуччу чорбойоллоро. Иван Федорович Борун 45 саастаах, сааһын тухары араас централга, пересыльнай түрмэ бөҕөҕө хаайыллыбыт, тас көрүҥүттэн да ханнык баҕарар киһи «һык» гына түһэр көрүҥнээх киһи этэ. Боруннаах Глыгало 1917 с. Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ саҕана Е.Ярославскай уонна Григорий Петровскай хаайыыттан босхолообут 200 холуобунай буруйдаахтартан хаалбыт дьон этэ. Баһылыктара – Янкель Герсиевич Бук ытыллыбытын кэнниттэн, Саха сиригэр хаалбыт бу дьон, хайдах эрэ быыс булан, иҥэн-саһан сылдьыбыттара.

      1920 с. губчека кэр-дьэбэр, кирдээх үлэлэргэ туттар сыалтан түбэһиэх дьону «үлэҕэ» ылаттаабыта. Ол «саҥа үлэһиттэр» хара маҥнайгыттан биллэн-көстөн барбыттара: урукку Уобалас Сэбиэтин, онтон Колчак милииссийэтин начаалынньыга Клингоф чэкиис буолаат, «Оросин саагыбара» диэн аҥаардастыы уорбалааһыҥҥа эрэ олоҕурбут дьыаланы «арыйбыта».57

      Степан Литвинов чэкиис буола сылдьан, уруккуттан өстөһөр киһитин – Елпидифор Егасовы – «Олунньутааҕы саагыбарга» сыһыаран ыттарбыта. Оттон Борун 1921 с. кыһын «Арыгы уонна пиибэ монополиятын» баһылыгын Бартели уонна урукку полицмейстер Илья Рубцову кыыллыы ытан өлөртөөбүтэ.

      1921 с. сайын Борун уонна Глыгало Илин Эҥээр улуустарынан сылдьан, элбэх бас-баттах, быдьар быһыылары оҥортообуттара. Дьону халыыллара, дьахталлары күүһүлүүллэрэ. Кинилэр ити нэгэй, чиччик быһыыларынан элбэх киһини – Сэбиэскэй былаас үлэһиттэрин – тэйиппиттэрэ. Ол курдук, «Холбос» боломуочунайа Матвей Матвеевич Сивцев-Маппыайдаан Маппый абатыттан үрүҥ бастаанньаҕа холбоспута.

      Холуобунай буруйдаахтартан үлэһиттэрдээх чэкиистэр Иркутскайдааҕы салалталарын сорудаҕын толорон – Коробейниковы, Толстоуховы, Земфировы уо.д.а. кэтээһини сатаабакка, куоттаран кэбиспиттэрэ. Дьэ, маннык «чэкиистэри» губчека бэрэссэдээтэлэ Агеев тутан олорбута. Уонна Мархаҕа тэриллибит концентрационнай лааҕырыгар харабыл оҥостубута. Губчека концентрационнай лааҕыры аспытыттан үрүҥ бастаанньа тохтооботоҕо, өссө күүһүрэн, босхо барбыт тыа баһаарын курдук, иннигэр түбэспити имири солоон, Дьокуускайга чугаһаан испитэ.

* * *

      Дьокуускай куорат иһигэр уонна кытыы сэлиэнньэлэргэ байыаннай балаһыанньа уонна комендантскай чаас олохтоммута олохтоохторго бэрт элбэх уустугу, эрэйи-кыһалҕаны аҕалыыһы: киэһэ алта чаастан сарсыарда алтаҕа диэри ким да уулуссаҕа быгыа, онно-манна кэлиэ-барыа суохтааҕа. Анал пароллаах, эбэтэр буруопустаах эрэ буоллаххына наадыйар сиргэр, дьоҥҥор барыаххын сөбө. Ол иһин киэһэ алтаҕа диэри туох баар үлэҕин-хамнаскын, араас наадаҕын бүтэрэ-түмүктүү сатыыр түбүккэ киирэҕин.

      Түүн аайы олбуордарын иһигэр суһал наадаларыгар сылдьааччы дьон уулуссаҕа: «Стой! Куда идешь»! «Пароль!», «Показывай пропуск!», «Стоять на месте!», «Немедленно стой!» – уо.д.а. хаһыылары истэллэрэ.

      Бэл,

Скачать книгу