ТОП просматриваемых книг сайта:
Өлбөт үөстэниэҕиҥ. Иннокентий Колосов
Читать онлайн.Название Өлбөт үөстэниэҕиҥ
Год выпуска 2022
isbn 978-5-7696-6610-0
Автор произведения Иннокентий Колосов
Издательство Айар
– Сэриигэ киирэн, харса суох кыргыһан охтуохтаах дьон ырыалара!
– Чахчыта, оннук быһыылаах!
– Ити саллааттар – эдэр нуучча уолаттара, араас да сирдэртэн биһиги тымныы дойдубутугар сулууспалыы, сэриилэһэ да кэллэхтэрэ. Көрөҕүн дии – бу хаарга бачыыҥканан, обумуотканан сылдьаллар! Бука, бары да, ымсыыран-баҕаран туран кэлбэтэхтэрэ чахчы!..
Куорат олохтоохторо бу күннэргэ кыһыл саллааттар стройунан иһэн ыллыыр ырыаларын элбэхтик истэллэрэ. Кыһыл саллааттар ыллыыр ырыалара бары өрөбөлүүссүйэ ырыалара: «Варшавянка», «Смело, товарищи, в ногу!», «Интернационал», «Смело в бой пойдем!..» уо.д.а. Саха эдэр ыччата бу ырыалары нойосуус билэргэ кыһанара, тэҥҥэ ыллаһара. Эдэр ыччат бу сылларга урукку куорат олохтоохторун таптаан ыллыыр ырыаларын ыллаабат буолбута: «мещанскай ырыалар» диэн. Куорат иһигэр урукку ыраахтааҕы былааһын саҕанааҕы култуурунай-сырдатар тэрилтэлэри барыларын сабан кэбиспиттэрэ.
Үрүҥ бастаанньа суоһун-суодалын кыһыллар салалталара, хара маҥнайгыттан ситэ сыаналаабатаҕын салгыы ыыта олорбута. Кыра-кыра этэрээттэри ыыталыылларын бастаанньыстар кырган иһэллэрэ. Ол этэрээттэр саалара-саадахтара бастаанньыстар илиилэригэр киирэрэ.
1922 с. саҕаланыытыгар командующай П.Ф. Савлук ыалдьан, кинини быстах кэмҥэ ревтрибунал бэрэссэдээтэлэ А.Г. Козлов солбуйан олорбута. Дьэ, ол олорон А.Г. Козлов тохсунньу 2 күнүгэр Илин Эҥээр улуустарыгар турар кыһыл этэрээттэригэр маннык бирикээһи ыыппыта:
«… отбросить всякие сентиментальности как с бандитами, так и с мирными гражданами. Бандитов, захваченных где бы то ни было, расстреливать без пощады; граждан, населяющих наш тыл, содействующих бандитам, в чем бы это содействие ни выражалось, указанием ли бандитам нашего расположения или численности, представлением ли им подвод для передвижения фуража и продуктов, или просто в том, что-то или иное селение, при посещении его бандитами, представляло им квартиру и об этом не сообщила нашему командованию, просто оставались пассивными – расстреливать каждого пятого в селении, без всякой пощады…..всякое попустительство, виной которому хотя бы была просто пассивность и запуганность, как они пытаются объяснить впредь, должна караться беспощадным образом…»60
Козлов бу бирикээһигэр маннык оруо маһы ортотунан этиилэрэ «кыһыл террорга» – «кыһыл бандьыыттааһыҥҥа» олук буолбуттара. Бу бирикээс, хомойуох иһин, үс ыйтан ордук кэмҥэ, күүһүн сүтэрбэккэ туттулла сылдьыбыта.
Кыһыллар үрдүкү командованиелара куттала суох сиргэ – ыраах тыылга олорон маннык бирикээстэри таһаарара. Кыһыллар, итинник кыырыгырыыларын аайы, саҥаттан саҥа бастаанньа этэрээттэрэ тэриллэн испиттэрэ.
Лебедев – Агеев – Козлов «триумвираттара» тыылга олорон хойгур дьаһалларыттан үрүҥ бастаанньыстар хабыр илиилэригэр түбэспит чэкиистэри, ревкомовецтары, хомуньуустары, хомсомуоллары, кыһыл армеецтары өлөртөөн барбыттара. Атыннык эттэххэ, «триумвират» бэйэтин эппиэтэ суох дьаһалымсыйыытынан элбэх көннөрү сэбиэскэй дьону