ТОП просматриваемых книг сайта:
Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт
Читать онлайн.Название Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6132-7
Автор произведения Иван Андросов-Айанньыт
Издательство Айар
– Туоҕа Боотур, айаныҥ санаатын уларыт… Хоһууммут тылын ытыгылаа… Биһиги инники дьылҕабыт эйигиттэн тутулуктанар кэмэ-кэрдииһэ кэллэ бадахтаах… Тыыннааҕын баттаһарбыт буоллар… – Тарҕаан титирэстиир куолаһын тохтото сатыырдыы, өрүтэ уһуутаталаан ылла.
– Тур, тур… Тыынна ыла түс. Аар айылҕаҕытыгар махтаныҥ! Илиигитин, атаххытын үлүппэтэххитигэр. Хайдах маннык бэлэмэ суох ыраах айаҥҥа туруммуккутуй? Бэйэҕит даҕаны, аттаргыт да бырдылара быстыбыт… – Туоҕа Боотур Тарҕааны икки санныттан өрө тардан, турарыгар көмөлөстө. – Мукучу Хоһуун ол хайдах атыттан бырахтарбытай? Дьикти эбит. Аты мииммитинэн төрөөбүт киһи буоллаҕа…
– Бэйэтэ даҕаны өйдөөбөт. Миинэн иһэн, өйүн сүтэрбит быһыылаах… Ата туохтан сиргэммитэ буолла, бырдааттаммытыгар сууллан түспүт. Улаханнык эчэйиэҕин, хаар абыраабыт, – Тарҕаан сылайан, утуктаан, олорбут сиригэр тоҥхоҥноон барбыта.
– Маны истээрибин көхсүм хараҕа тардыалаан сордообут… Тугу эрэ кэтэһиннэрэллэр дуу диэх курдук санаа охсуллан ааспыта. Сааскы тыалга-кууска балыйбытым. Мукучу Хоһуунтан илдьит кэлиэ эрэ дии санаабатаҕым… Тыйыс Кыйаар дойдута мээнэҕэ хаалларбатах киһитэ буоллаҕа. Хонноҕор-быттыгар хоннорбут, эрэйи-муҥу муннунан тыыртаран, киил мастыы сириэдиппит Хоһуунун үөн-көйүүр, көтөр-сүүрэр курдук симэлитиэ суоҕа…
Бүгүн тохтуоҕуҥ. Бу туруккутунан айанныыр кыаххыт суох. Аттар даҕаны сынньанныннар. Хайдах-туох буоларбытын сарсын торумнаһыахпыт. Туйах, таһырдьа кулуһунна отун. Батан хонуохпут суоҕа, ураһаны туруор, аттары дьаһай. Бэдэр Боотур, сырдыгы баттаһа, суолу-ииһи көр-иһит. Лэбиэрийэ Бөҕө, кэлбит сирбитин чуҥнаа, – Туоҕа Боотур харытын куйахтарын ньылбырыта тардан, сыҥаһаҕа элитэлээтэ. Таҥалай куйаҕын тиһиликтэрин сүөртэлээн, тугу эрэ тобула сатыырдыы уоту одууласта. Тарҕаан ыараханнык тыына, сыҥаһа ороҥҥо олорбутунан утуйан, түлэй-балай барбыта.
– Аал уоппун айах тутан, алгыс этэн, көрдөһөн-ааттаһан көрүүм… Чэ, күнү-дьылы ыытымаҥ, – диэбитинэн Туоҕа Боотур араан таһыгар аргынньахтыы олорунан кэбиспитэ.
Таһырдьа оттуллубут кутаа сөҕүрүйэн, унаар буруотун үрэх хаатынан ыйаан, күлүктэнэ көҕөрбүт хаардаах кытылы быһытталыы устубута. Илин саҕах, тоҥмут кылыс иэдэһинии өлбөөрүйүүтэ, саҥа туруоруллубут ураһа ураатыттан кыымнар өрө үөмэхтэнэ халлааҥҥа харбаспыттара. Тугу эрэ кэтэспиттии айылҕа иһийэ чуумпуран, сыыйа түлэй түүн суорҕанынан бүрүнэ тардыммыта.
Туйах Бэдэрдиин түүн бэйэ-бэйэлэрин солбуһа, киирэ-тахса сүгүн утуйбатахтара. Ол төрүөтүнэн Бэдэр Боотур табалаах дьон кинилэри чуҥнаан, ырааҕынан чуоҕуһан ылбыт суоллара буолбута.
Сарсыарда холомо иһэ күлүгүрэ сырдыыта, Бэлэс Боотур туран, таһырдьа чэпчэтинэн, сыыҥтаан-хаахтаан, холомо аанын тэлэччи анньан, тыастаахтык лиһирдээн киирбитэ.
– Хайа, туох диэн буоллубут? – диэн кэһиэҕирбит куолаһын чөллөрүтээри сөтөллөн хахсыйа оргууй саҥарбыта. – Туоҕа Боотур, уһуктаҕас инигин?