ТОП просматриваемых книг сайта:
Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт
Читать онлайн.Название Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6132-7
Автор произведения Иван Андросов-Айанньыт
Издательство Айар
– Айаммыт баһырхайа сүрдээх, тыынна ыла түһүөххэйиҥ. Аттар даҕаны уоскуйдуннар, – диэбитинэн Бэдэр Боотур атын хантаччы тардан, тохтотоору бэдьэҥэлэттэ.
– Хата, инньэ диэ. Эн тохтуо суох курдуккуттан саҥарбакка испитим, – Тарҕаан атыттан түһэн, атын муннун сууралаата. Туйах дьоно тохтообуттарыттан үөрэн, атын ситэ тохтоппокко ыстанан түһэн, суларыттан туппутунан тэҥҥэ сүүрсэн иһэн, хаамтаран кэллэ.
– Бэдэр Боотур, истэр былаһын тухары, эн бэргэн ытааччы аатыраҕын. Суон сураҕыҥ быыра оххунуу, Кыйаар дойдутун тилийэ көттө. Оттон мин, эйигин ыһыахха кыайбыт киһи, аатым ааттаммат. Ити хайдаҕый? – диэбитинэн Тарҕаан Бэдэргэ тугу эрэ толкуйдуурдуу, атын сиэппитинэн чугаһаан кэлбитэ.
– Һы… Ол мин ытарбын көрөн турбукка дылы… Кэпсээн оҥостубуттар дуо? Дьикти эбит, – Бэдэр үөрэ да иһиттэр, таһыгар таһаарбата. – Ыһыахха оҕум сыыһа түспэтэҕэ, арай тэбиитэ мөлтөх соҕус буолан, эн оҕуҥ аллара өттүгэр түспүтэ дии. Оо, онно ох сааҕар ымсыырдым да этэ. Мукучу Хоһуун биэрбит ох саата дьэ таһыччы. Үөрэнэммин илиим салгыыта буолла ээ.
– Чэ эрэ, кэнэҕэһин кэпсээн оҥостуохтарын, тургутуһан көрүөххэ. Туйах туоһу буолуо, – Тарҕаан сүгэ сылдьар түүлээх куонньалыгын устан, ох саатын хостоон таһаарда. Лыабатын кэтэрдэн, үөһэ-аллара сууралаамахтыы, тардыалаамахтаата.
– Буоллун даҕаны, тугу ытан быһаарсабыт? – Бэргэн сонун таһынан кэппит куйаҕын тыаһатымаары бүүрэ тардыммыт былас уһуннаах тирбэҕэтин сүөрүнэн, ыҥыырыгар бырахта. Куонньалыгыттан ох саатын сулбу таһыйан таһааран, ытыһынан имэрийэ, ыйар тарбаҕынан кирсин тардыалаан тардырҕатта. Илиитин бэгэччэгинэн эрилиҥнэтэ, ох саатын эргичиҥнэтэн ылла. Туйах Бэдэр кыайарыгар баҕара, дьоннорун аттарын тутан, туора хаамтаран таһаарда. Күн уотуттан харахтарын симириктэтэ, тугу ытыахтарын таайа сатыы турбута.
– Оол, ээйи кытыытыгар турар соҕотох уһун куранахха суор олорор, ону ытыах, – Тарҕаан кэһэҕиттэн ох сыымайдыы, ыйан көрдөрдө.
– Тыҥырахтаах көтөрү, буолаары буолан, суору ытар атынынан дьиэһийиэ суоҕа дуо? Сэттээх-сэмэлээх ойуун көтөрө дииллэр дии… Ситэн суорума суоллаарай? – Бэдэр саарбахтаабыттыы ыйытта.
– Бары-барыта суорга сыбаннаҕай?! Суору абааһы көрөбүн… Быста сыспыт кэммитигэр, көрдөрөн туран, булпутуттан