ТОП просматриваемых книг сайта:
Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт
Читать онлайн.Название Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6132-7
Автор произведения Иван Андросов-Айанньыт
Издательство Айар
Кинилэр ааспыттара балачча буолбутун кэннэ, ээй уҥуоргу өттүнэн түһэр кыараҕас үрүйэнэн үс табалаах дьон субуруһан тахсан кэлбиттэрэ. Инники киһи уучаҕын тохтотон, хаҥас атаҕын табатын үрдүнэн күөрэччи соҕус быраҕаат, хаарга тура түспүтэ. Дьоно кинини үтүктэрдии атахтара күөрэҥнээт, табаларын сиэтэн, киһилэригэр кэлбиттэрэ.
– Суол хайытааччылар аастахтара. Халтаамалаах сиргэ тохтоору тиэтэйэн истэхтэрэ. Хайыыбыт, кэнникилэри ол тумуска кирийэн, тэһитэ ытыалыырбыт дуу, түүн хоно сыттахтарына кыргабыт дуу? – бэргэһэтин иннэ төгүрүччү түү ньуолахтаах эдэр киһи саҥаран добдугураабыта.
– Ойуун үүс бэргэһэлээҕи кыанаарыҥ диэбитэ дии… Ити тумустан ол киһини сууһарыахха уонна сүтүөххэ… Халтаамалаах сиргэ, түүн даҕаны буолбутун иһин, кыайтарыахтара суоҕа. Бэйэбитин сиэхтэрэ… – дабака куйахтаах киһи дьиксиммиттии тула мэлээриҥнии, илиилэрин хоннохторун анныгар укта тэпсэҥэлээбитэ. Үһүс киһи куттаммыттыы кумуччу туттан, уучаҕын кэннигэр сыҕарыҥнаабыта.
– Куттастар… Түүн, туох даҕаны эрэйэ суох, тордоҕу уоттаах охторунан тэһитэ ытыалаан баран, ордубуттарын үҥүүнэн үөлүтэлиэ этибит буоллаҕа. Кинилэрдээҕэр буолуохтары буор сирэйдээбиппит… Ойуун: «Суор буоламмын эһигини көрө сылдьыам. Ыытар охторун туора хаһыйтыам, эһигини өлбөт үөстээтим, көмөлөһүөм…» – диэбитэ дии. Кини киһи бэйэтэ даҕаны дьаһайталыаҕын, биһигини тургутар. Үүс бэргэһэлээҕи хараҕалаатахпытына, урааҥхайдар түөлбэлэрин биһиги бас билиэхпит. Баай-дуол, дьахталлар, тимир тэриллэр барыта биһиэнэ буолуо, – Хучана бэргэһэтин кэннигэр сиэлийэ, тииһин быыһынан сыыйан саҥара, хабырынан ылбыта. – Чэ, буоллун даҕаны… Бачча чугаһатан баран дьаһайталыаҕыҥ! Ойуун биэрбит тимир төбөлөөх охторгутун түһэрбэтигит ини? Ытаргыт эрэ бэрт этэ дии, уолуктарын көрөн ытаарыҥ. Бу охтор түөстэрин куйаҕын суптурута сүүрүөхтэрэ. Мин бастаан иһээччини, Амыкча иккиһи, Куодай кэнникини… Онтон көрүөхпүт, үчүгэйдэттэхпитинэ, тутатына суол хайааччылары эккирэтиэхпит, – диэт, уучаҕа ньахчас гына түһүөр диэри олоро түһээт, атахтарын тиҥилэҕинэн тэбиэлээн күрдүргэппитэ.
Ээй кытыытынан, намыһах сэппэрээктэри тоҕута кэстэрэн, хороҕолдьутан испиттэрэ. Эмискэччи инникилээн испит киһи уучаҕа, этин таттара дьигиҥнии, тохтуу түспүтэ. Дьирэччи тэбинэн, адаар муоһунан хаары сүргэйэрдии төбөтүн хамсата, турунан кэбиспитэ. Киһи тула эргичиҥнии, үҥүүтүнэн уучаҕын үлүбээй сабырҕаппыта. Уучаҕа бүлтэччи көрө, тылын былас ыйаан, тыынан күрдүргүү, кэннинэн тэпсэҥэлээбитэ. Киһи ойон түһэн, инниттэн тардаары хааман иһэн, маҥан хаарга кыа хаан ортотугар икки оҕунан тобулута ытыллыбыт суор сахсайа сытарын көрө биэрбитэ. «Суор буоламмын, эһигини батыһа сылдьыам…» – диэн дьүккэтэ кытарбыт ойуун хараҕа көстөргө дылы гыммыта. Хучана