Скачать книгу

иһэр, идэтинэн итирик. Кыратык өйүнэн булкуллар орто саастаах маннааҕы олохтоох. Эмиэ да өйдөөх, эмиэ да акаарычаан курдук, бу диэн тугу да үлэлээбэт, наар арыгы эрэ эккирэтэр эр киһи дьэ баар. Ол иһин дэриэбинэҕэ дьон соччо аанньа ахтыбат, эдэр, оҕо өттө эбиитин дьээбэлиир, үөхсэр. Дьэ Киимчик да баҕалаах эбит, дорооболосто, итирик диэн көрбүтүм, хата киһим өйдөөх курдук.

      «Куттаныма, сотору дьонуҥ кэлэн ылыахтара, тоҕус хонуккар диэри сылдьымахтаан, кэрийбэхтээн хаал, – диэн киһини соһутта. – Мин эйигин атаарсыам, маҥнай бары куттанааччылар, соһуйааччылар, начаас ааһыа!» – диир… Эс! Тугу-тугу эмиэ кэпсээн булкуллан эрэр диэн кыыһырдым, ама өлөн баран сылдьар үһүбүн дуо?! Киһибин тиэрэ анньан бара турдум.

      Эмиэ дьиэбэр киирэн ийэбин уһугуннардым, ийэм эрэйдээх мээнэнэн уун-утары көрөн олороохтуур. Тугу да саҥарбат, ыйыта сатыыбын. Ыксаан ытаатым, ама, хайдах маннык өлөн хаалыахпыный диэн. Хоспор ыстанан киирэн кэргэммин кууһа сытан өр да өр марылаччы ытаатым…

      Сүүрэн аҕай иһэбин. Уулуссалар быыстарынан, туора суолларынан түргэн да түргэнник… Киимчиги булан ыллым, уоскуйан, маҥнай бырастыы көрдөстүм, дьэ уонна: «Тугу билэргин кэпсээ!» – диэтим. Аны киһим кыыһырбыт, итирэ охсубут. «Мэһэйдээмэҥ!» – диир. Хата, кылгастык кэпсии оҕуста:

      – Тыаҕыттан айаннаан кэлэн иһэҥҥин сүрэҕиҥ тохтообут этэ, «Бураҥҥар» соннук олорбутунан өлбүт этиҥ. Өрүскэ уу баһа киирбит дьон булбуттар этэ.

      – Тоҕо? Хайдах? Үчүгэй этим дии!

      – Мин хантан билиэхпиний, эһиги суолгутун, эһиги бириэмэҕитин, айыкка, мэһэйдээмэҥ! – орулуур.

      Суох, эппитин курдук уоскуйбатым, хайдах маннык судургу баҕайытык эмискэ өлөн хаалыахпыный? Киһи уҥуоҕар баар буола түстүм. Чахчы бүгүн сарсыарда миигин харайбыттар эбит…

      Хайыахпыный, ити кэннэ, эмиэ дьиэбэр тиийдим. Кэргэним аттыгар сытабын. Саатар сарсыарда да буолан абыраабат.

      …«Өлөн баран киһи сүрэҕэ хайдах ыалдьыай, мөхсүөй?» – диэбитинэн уһуктан кэллим, дьэ, доҕор, иэрийиэхпэр диэри ытаабыт эбиппин, тыынарым салыбыраан, долгуйан сүрдээх. Суһуктуйа сырдаан эрэр, оҕолор муннуларын тыаһа сыыгыныыр, кэргэним мип-минньигэстик утуйа сытар. Һуу, ыарахан түүл дии дьэ, уоскуйа, ырыта сыттым. Кимиэхэ да кыбыстан кэпсээбэтим, соторунан умнулунна даҕаны.

      Дэриэбинэҕэ кэлэн, нэдиэлэ сынньанан, төттөрү тыабар айаннаары хомуна сырыттым. Арай маҕаһыыҥҥа сылдьан алҕас Киимчиги уун-утары көрсө түстүм. Киһим үөннээх, дьээбэлээх баҕайытык көрөн баран: «Хайа, ыксаатыҥ дуу, үнүргү түүн, син наада эбиппин ээ…» – диэтэ. Тиэрэ баран түһэ сыстым, тута түүлбүн барытын өйдүү биэрдим. Таһырдьа сиэтэн таһааран ыйыттым, тугу билэрин. Сүгүн эппэтэ эрээри, кэпсэппиппитин барытын лоп бааччы эттэ, хата уонна арыгытыгар харчы көрдөөхтөөтө. Ыларын ылан, үөрэн-көтөн, дэриэбинэ хайа эрэ муннугар баллыгырыы-баллыгырыы киирэн түһэ турда. Дьэ, ол кэннэ олорор олохпун олох атыннык сыаналыы көрөбүн, хас эмэ төгүл сэрэхтээх буолбуппун, Киимчик курдук дьону аһына, атын харахпынан көрөбүн.

      Конец

Скачать книгу