Скачать книгу

түгэҕин көрүөхтэригэр диэри тохтуохтара баара дуо, ыксаан көмөлөспүтэ буолабын да, уйуммаппын, утуйа мээрик киһибин. Кус киирэр эрэ киирбэт, икки күн хайдах ааспыта буолла. Үһүс күн, өй-төй булан, син кустаатыбыт. Мууспут сүрдээҕин хараарбыт, сотору хамсыыһы. Киэһэлик үс киһилээх этэрээт хааман иһэрин көрдүбүт, улахан сүгэһэрдээхтэр, мууска киирбэккэ кытыл устун иһэллэр. Убайым үөнэ эмиэ хамсаата, ол дьону отой абырах курдук көрөр. Бэйэбит дьоммут эбит, биһигиттэн аҕыйах килэмиэтир тэйиччи сытар күөллээхтэр. Убайдар үөрэ-көтө көрсөөт, сакалааттаһар айдааҥҥа бардылар, ханнык кус улаханый диэн. Дьоммут кэһиилэрин санныларыгар сүгэр буолан тыыннаах испиири аҕалбыттар. Мөккүһэн кыайтаран, испиир аҥаарын хаалларан бардылар. Эмиэ икки күн ханна эрэ сүттэ. Мин баҕас олох сөп буоллум. Эмиэ бултаан бардыбыт. Кыайыы күнүгэр өрүс эһиннэ. Кус бөҕө киирдэ. Иккис күнүгэр мотордар сүүрдэн бардылар. Кус бөҕөнү эккирэтэ сылдьан ыттылар. Биһиги да күөлбүт таттарыылаах буолан бэркэ бултуйдубут. Биирдии куул буолла. Мотор кэллэ да дэриэбинэҕэ ыытыахтаахпыт. Табаарыһым киэһэлик сүүрдэн кэллэ, эмиэ кыра кэһиитин, биэрэккэ үктэнээт, былдьатта. Сарсыныгар кустарбытын тиэйэн убайым дэриэбинэлээтэ, ол күн төттөрү кэллэ.

      Дьэ, доҕоттор, уйгу-дэлэй аһылык диэн, ботуруон диэн – икки дьааһык аҕалбыт. Моонньоҕоммутун үрүксээгэр укта сылдьар. Валюта диир. Дэриэбинэ аҥаарын аймаан кэлбит ээ! Өссө да барыа эбиттэр, хайа эрэ өрүөл утуйа сыттахтарына «валюталарын» уорбут үһү. Төһөтө кырдьыга, төһөтө чахчыта: Томмот куоракка тиийэн, моонньоҕоммут моойо быстан куска маарыннаабат буолуор диэри быары-бүөрү сордообут үһү.

      Биир буулдьа

      Хара маҥнайгыттан ыарахан күһүн саҕаламмыта. Бултуур учаастакпар биэс күнү быһа айаннаабытым. Уон икки көһү, хаарын сөбүн түһэрдэҕинэ, үс хонугунан ыксаабакка тиийэр этим. Ол дьыл аанньа хаардаабакка, сотору-сотору ириэрэн, үрэхтэр муустара ууллан туоруурга моһуок бөҕө буолбута.

      Уон икки көлүүр, икки мииннэр[1] табанан, биэс көтөл таһаҕастаах, сүүрдүүлээх[2] айаннаан, дьэ дойдубар кэллим. Икки саарбаһыт ыттарым кэлин көтөлгө бааллан кэлбит буоланнар босхо бараары үр да үр, сүүрээри-көтөөрү, бултуу охсоору ойуоккалыы тураллар.

      Хас айан барыта тус-туспа кэпсээннээх, бэйэ-бэйэтигэр маарыннаабат буолаллар. Бу көһүүгэ хаста да ылах уларыттым, сыарҕалар сыҥаахтарын аһынан ыллыктыы-ыллыктыы кэллим.

      Дьүүктэкээн туорааһыныгар муус уйбакка кыратык ууга булкуллан ыллыбыт, туораан баран хонорго тиийдэхпит. Оллонгоро да үрэххэ өрөөн, титириктэри кэрдэн, чараас мууска тэлгэтэн муоста курдук мууһурдан баран биирдэ туораабыппыт.

      Бастакы сарааммар[3] кэлэн, чэпчээн, уоскуйан, булду саҕалыырга бэлэмнэнним. Быһа эттэххэ, кыһын устата мэлдьи көһө сылдьан бултуубут, биир миэстэҕэ биэс-алта күн бултаан-алтаан, кэннибититтэн тоһуур сохсолору иитэ-иитэ көһөбүт. Маҥнайгы күн үксүн балаакка туруора охсоот, өрөөн, мас мастыыгын,

Скачать книгу


<p>1</p>

Мииннэр – (түөлб.) миинэр таба.

<p>2</p>

Сүүрдүү – (түөлб.) бэриэччит табаларга көлүллэр чэпчэки сыарҕа.

<p>3</p>

Сараан – (түөлб.) көс сирэ, урут балаакка турбут сирэ.