ТОП просматриваемых книг сайта:
Байанайдыын көрсүһүү. Валерий Андросов
Читать онлайн.Название Байанайдыын көрсүһүү
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-6117-4
Автор произведения Валерий Андросов
Издательство Айар
Биһиги эдэр семинариспыт Валерий Андросов – инникилээх киһи, айар-тутар баҕалаах, олох түллэр үөһүттэн кэллэ. Идэтийбит үлэтэ даҕаны дьоһуннаах – ыксаллаах түгэннэргэ дьону өрүһүйүү (билиҥҥинэн эттэххэ МЧС үлэһитэ). Ону таһынан айылҕаттан айдарыылаах – худуоһунньук дьоҕурдаах. Аны туран ис култууралаах киһи – ону «Күннүк» ааттаан суруйбут бэлиэтээһиннэрэ да кэрэһилииллэр. Ити курдук тосхоллоон тураммын, Валерий Андросов инникитин даҕаны дьоһуннаах суруйуулары айыа диэн ис сүрэхпиттэн эрэнэбин.
Күндү ааҕааччы, бу кэпсээн кинигэтэ эдэркээн киһи бастакы саҕалааһына буоллаҕа дии. Эдэр киһини үөрэ-көтө көрсүөххэ, киниэхэ бастакы кинигэтинэн өйөбүллээх санаабытын биллэриэххэ. Ити курдук кэскиллээх өйтөн тирэнэн, Валерий Андросов бастакы кинигэтин өйөөтүм, аҕа саастаах киһи сиэринэн Алгыспын этэбин, сиэрдээх, үчүгэй айымньылары инникитин да айа-тута туруо диэн эрэнэбин!
Сэмэн Тумат,
саха норуодунай суруйааччыта
Байанайдыын көрсүһүү
Кыһын, Саҥа дьыл чугаһаата. Дьонум, Сааскалаах Нелля, ыстаадаҕа көстүлэр. Сааска, биригэдьиир сололоох киһи буолан, булчуттартан таба тутуохтаах. Мин бултуур сирбитигэр соҕотох хааллым, балаакканан олоробун. Аҕыйах көлүүр табалаахпын. Хаар халыҥаан, ытынан саарбалааһын бүттэ. Билигин хапкаан, сохсо, күлээмэ эрэ булда хаалла. Оо, бэрт да күһүн ааста, түүлээҕи бойумнук бултаатыбыт, эппитин эрэ кыайбатыбыт. Мин ол иһин кыыллаары, тайахтаары хааллым. Дэриэбинэҕэ хайдах этэ суох тиийиэхпитий? Аны туран халлааммыт тымныйдар тымныйан иһэр, наһаа чуумпу күннэр тураллар. Күн аайы хайыһарынан кыылы сонордоһобун, ол эрээри, чуумпута бэрт буолан, эрдэттэн тыаспын истэннэр ыстана тураллар, үксүн харахпар да көрбөппүн. Чугастааҕы куруҥ аллараа, үрэхпит талах толоонноругар, икки тайах киирбитин билэбин. Олор тыала-кууһа суох, чуумпу күн киһини чугаһаппаттара биллэр, ол иһин санаммаппын даҕаны. Чопчу ханан баалларын билэн, чуҥнаан баран хаһаана сылдьабын. Дьэ, оннук олордум, күнтэн күн бүттэр бүтэн истэ.
Арай биир күн бэрт киэҥ сиринэн сырыттым, кыыллар саҥа суолларыгар түбэһэн табаларбын өртөөн баран хайыһарынан батыстым. Киэһэ олох хойут, ыйдаҥа саҥа тахсан эрдэҕинэ, өртөөн хааллартаабыт табаларбар дьэ кэллим. Кыылларбын сиппэккэ быраҕан төнүннүм. Балааккабар букатын хойут кэллим. Хас чаас эбитэ буолла, рация киэһээҥҥи эфирэ бүппүт этэ. Ону-маны үссэнэ түһээт, охтон хааллым, сылайыы барбыт.
Өр утуйбатым быһыылаах, эмискэ баҕайы туохтан эрэ уһуктан кэллим. Балаакка иһэ ыйдаҥаттан сып-сырдык, уу чуумпу, оһох сойбута ырааппыт. Хос суорҕан иһигэр киириэхчэ буолан эрдэхпинэ, балаакка аана арылла түстэ. Арай кыра уҥуохтаах оҕонньор турар:
– Дорооболоруҥ! – диэтэ.
Киһилии саҥарбытыгар «Һуу» дии түстүм, соһуйбутум ааһан хаалла. Түргэн үлүгэрдик чүмэчи умата охсоот, оһохпун отуннум. Сарсыардааҥҥы оттор мас, кыспа илиим анныгар бэлэм. Оҕонньор уокка чугаһаан кэлэн тирии тэллэххэ чөкөччү олорунан кэбистэ. Дьэ, доҕоттоор, үүт-үкчү Баай Байанай эһэбит маннык буолуо диэн өйбөр оҥорон көрөр оҕонньорум илэ бэйэтинэн бу мичээрдии олорор эбит. Ханан да маҥана суох ыас хара баттахтаах, убаҕас бытыктаах, сэмэй, ис киирбэх дьүһүннээх, таҥаһа-саба даҕаны ураты. Чэпчэки быыһык саҕынньахтаах, бэдэр бэргэһэлээх, бөрө сутуруолаах, түнэ этэрбэстээх. Балаакка иһэ начаас сылыйда, таҥна охсон ас тартым, чэй сылыта уурдум. Ыалдьыппын кытта дьэ өй-төй булан билсиһээри гыммыппар: «Билэбин ээ, эйигин. Зоя уолунаҕын, Бэлиэрийгин», – диир. Аны туран бэйэтин аатын эппэтэ. «Ээ, маннааҕы оҕонньорбун» – диэн мух-мах ыытта. Маннааҕы дьону барыларын билэр курдук этим, уонна саамай чугастара, арҕаа диэки баар община дьоно, мантан биэс көс ыраахтар, атыттара өссө тэйиччилэр. Маннык кырдьаҕас оҕонньордоохторун билбэт эбиппин. Ону-маны токкоолоһо барбакка, ыалдьыппын аһатан, чэйдэтэн бардым. Оҕонньор үөр да үөр буолар, туох баар күндү диэбиппин барытын таһааран аһаттым. Ол быыһыгар таһырдьа өҥөс гыммытым, икки уучахтаах эбит. Онтукалара улахаттара диибин диэн, өссө улахан толкуйга түстүм. Киирэн хантан кэлбитин, ханна айаннаан иһэрин ыйыталастым. Онуоха оҕонньор мичээрдиир эрэ. «Таах дьаарбайа сылдьабын», – диир.
– Кырдьаҕас, сынньан, табаларгын аһылыктаах сиргэ өртүөм, – диэн баран таҕыстым.
Уучаҕын ньээмэтэ былыргылыы оҥоһуулаах, сэтии таба ындыыта ындыы курдук, кыра хааһах кэлгиллэ сылдьар. Уучахтар таба-таба курдуктар эрээри, улахаттара дьэ, сүр. Аһылыктаах сиргэ өртөөн баран киирдим. Оҕонньор үүттээх чэй иһэн сырылата олорор, мин син биир харахпын араарбакка одуулуубун да одуулуубун.
– Чэ тоойуом утуйуох, эн да сылайдаҕыҥ буолуо, – диэтэ уонна: – Ити үс кыылга арыый тиийбэккэ бырахпыккын дии, – диэн соһутта.
– Ону хантан биллиҥ? – диибин.
– Ээ, мин барытын билэбин.