ТОП просматриваемых книг сайта:
Байанайдыын көрсүһүү. Валерий Андросов
Читать онлайн.Название Байанайдыын көрсүһүү
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-6117-4
Автор произведения Валерий Андросов
Издательство Айар
Атамаан моонньоҕон
Кураанах кустартан ханныга саамай улахан эбитий? Биир саас маннык түбэлтэ буолан турар. Өрүспүт эрдэ ырбыыланан, көҕөннөрү муус устар сүүрбэтиттэн номнуо бултаан бардыбыт, бураанынан сааһыырбытыгар эрдэ көһөн кэллибит, балаакка тиирэн, бородуукта бөҕө холболоон, дугдалары сөргүтэн, олох бэлэм буоллубут. Көҕөннөр үс күн, үс түүн биллэн баран ааһан хааллылар, биир да кус көппөт кэмэ. Таах күнү-дьылы ыытымаары, сарсыарда аайы бэс тумулбутугар улардыы тахсабын. Ол саҕана үтүө сарсыарда сүүрбэччэ улар тэҥинэн охсор буолара, бииргэ эмэ үөмэн киирэн туоһапканан ытан ыларым. Оннук ыам ыйын бастакы күнэ буолла, убайым хаһаас бытыылка арыгы хостоото, кыттыгаспыт Баһылай эмиэ биири таһаарда. Балааккабыт айаҕар кыракый остуолга ас-үөл тардан, күҥҥэ сыламныы-сыламныы, аһаан-сиэн бардыбыт. Иннибитигэр өрүспүт ырбыыта номнуо кип-киэҥ байҕал буола ирбит. Үөрэ-көтө баллыгыраһа олордубут. Арай таҥнарыттан халыҥ үөр моонньоҕон сирилээн кэллэ, мэктиэтигэр остуолбут кэннигэр саспыта буоллубут. Иккитэ, үстэ эргийээт, ырбыыбытыгар кэлэн түстүлэр. Балааккабыт турар эмпэрэтэ үрдүк буолан, сыыллан киирэн одууластыбыт, сүүсчэкэ кустаах үөр. Сир-халлаан барыта моонньоҕон иһиириитинэн туола түстэ, чуумпуран турбут кытылбыт сэргэхсийэ түстэ. Дьэ, доҕоттор, хайдах гынабыт? Ырбыыбыт кэҥээбитэ сүрдээх, доруоп сааларбыт тэппэт сиригэр түһэн олороллор. Мин балааккаҕа сыыллан киирэн халампаас ылан, хас кус баарын ааҕа сыттым, убайдар тугу эрэ сибигинэһэллэр, маскхалааттары хостоотулар. Арай ол одуулаһа сытан өйдөөн көрбүтүм, биир аарыма улахан моонньоҕон атыыра уста сылдьар, үөлээннээхтэриттэн омуннаатахха үс төгүл бөдөҥ эбит. Убайдарга эппитим, халампааһы былдьаһа-былдьаһа сөҕүү бөҕө. Миигин, быһый киһини, чугас кустуур күөлбүтүгэр ыыттылар, биир дугдабытыттан туоһапкалары ыллара. Начаас эргиллэн кэллим, былаан Барбаросса, балаһыанньа байыаннай буолбут. Биһиги икки убайбынаан маскхалааттаах, туоһапкалардаах өртөөҕү талахтар быыстарынан үөмэн аллара эмпэрэ анныгар киириэхтээхпит, онон ытар дистанциябытыгар чугаһатыахтаахпыт, эбиитин кустар чугаһыы түһэллэрин көһүтүөхтээхпит. Баһылай, аптамааттаах киһи быһыытынан, эмпэрэ үрдүгэр күөрэтиигэ хаалар буолла, баҕар, үрдүнэн көтөн таҕыстахтарына диэн. Билигин сирэйдэрбит боччумун көрөр киһи күлүө эбит, саатар орто холуочук буойуттар, дьэ байыаннай садаанньабытыгар бардыбыт. Доруоптар уостарыгар хаар симиллибэт гына тирээпкэлэри анньыалаатыбыт, туоһапкаларбытын илиибитигэр туппутунан, таҥнары сыыллан киирдибит. Кустарбыт бэйэлэрин аймалҕаннарыгар буолан, кыһаллыбатылар даҕаны. Манаан, ытар сирбитигэр тиийдибит. Тиэрэ сытан хайыһан хамандыырбыт Баһылай сирэйин көрөбүт. Киһибит эрбэҕэ көстөр, былаан туолан эрэр диэн буолла. Балачча сытан баран тулуйбатыбыт, хата оруобуна атамаан моонньоҕон мууска таҕыста, атын