Скачать книгу

өр маннык буолуоҕун

      Ким дьылҕалыах муҥай!

      «Чибдэбил син сүгүн олорбот…»

      Чибдэбил син сүгүн олорбот,

      Наҕыллык кырдьыан баҕарбат:

      Тула өттүн көрүнүөн —

      Походтары оҥортуон

      Санаата кыдьыгыран барар,

      Күүһүн-уоҕун түмэр.

      «Өр-өтөр тардыллан турбакка…»

      Өр-өтөр тардыллан турбакка,

      Поход Амары4 таҥнарда.

      Бу киэҥ сир иэнигэр

      Иччитэх курдук этэ.

      Арай

      Маньчжурия диэкиттэн кэлэн

      Сүөһүлээх оронойдор

      Олохсуйбут эбиттэр.

      Кинилэр төрдүлэрэ

      Эвэскэннэр удьуордара эбит.

      Ол иһин Чибдэбил кагана

      Бэйэтигэр холбообута

      Уонна, тугу да тыыппакка

      Төннөн бардар даҕаны,

      Бу киэҥ Амар устун

      Эвэскэннэри олохсутан,

      Бултаах-астаах дойдуну

      Баһылаабытынан барбыта.

      «Чибдэбил санаата син сиппэт…»

      Чибдэбил санаата син сиппэт:

      Аны Лами5 обургу кытылын

      Өҥөйтөлүөн баҕарар;

      Маннык сүдү Ламига

      Туохтар тоҕуоруйбуттарын,

      Ойоҕостоһор ыал буолуон,

      Кимнээх баалларын билиэн

      Сүрдээҕин баҕарбыта.

      «Бу поход айана дохсуна…»

      Бу поход айана дохсуна,

      Туох баарын тоҕо үктээн

      Лами кытылын булбута.

      Онно булчут уйгурдар

      Биирдии бултана сылдьалларын

      Селенга диэки кыйдаабыта.

      Ох саа бастакы тыаһа

      Эвэскэннэргэ уйгурдар

      Үйэлээх өстөрүн тэрийтэ.

      «Чибдэбил бэйэтин дохсун күүһүгэр…»

      Чибдэбил бэйэтин дохсун күүһүгэр

      Бигэ эрэллээх буолан,

      Ол уйгур өс-сааһын

      Төрүт да билэ сатаабатаҕа.

      Кинилэр сирдэрин олоччу,

      Баай хара тыаны ботуччу

      Баһылаан ахан киирбитэ,

      Сырыыта мэнээх хаалбата±а.

      «Хас да походтар дьалхааннара…»

      Хас да походтар дьалхааннара

      Чибдэбил күүһүн ылбыттара.

      Бүтэһик походун кэнниттэн

      Улаханнык илистибитэ.

      Кырдьардыын-ыарыылыын

      Кыаҕын былдьатан испитэ.

      Каган Чибдэбил бэйэтэ,

      Кырдьар кырыыс кэлэн,

      Түҥкүрэ кырдьыбыта.

      Ол эбиитигэр ыарыыта

      Сойууһун салайар кыаҕын

      Букатыннаахтык эһэн,

      Соҕурууттан, арҕааттан

      Суоһуур өстөөх алдьархайтан

      Эвэскэн аймаҕы көмүскүүр

      Кыаҕын букатын сүтэртэ.

      «Оҕолоро алдьархай чугаһын…»

      Оҕолоро алдьархай чугаһын

      Бэркэ дьиксинэ көөртөрө:

      Каган оннугар баһылык,

      Сяньби сойууһу иилиир,

      Хоһуун оннугар хоһуун,

      Норуотун бииргэ түмэр

      Эрэллээх тойон наадата.

      Ону Чибдэбил аҕа аныыр

      Киэҥ-дэлэй былаастааҕа.

      «Бу

Скачать книгу


<p>4</p>

Амар – Амур өрүс.

<p>5</p>

Лами – сахалыы Лаамы, Охотскай муора.