ТОП просматриваемых книг сайта:
Алмаас уонна хара дьай. Рафаэль Багатаайыскай
Читать онлайн.Название Алмаас уонна хара дьай
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4558-7
Автор произведения Рафаэль Багатаайыскай
Издательство Айар
– Оонньуута суох, үлэбитигэр улаханнык сэрэннэхпитинэ сатаныыһы, – Соттинцев иһигэр сэмэлии санаата. – Аны дьиэбитигэр кистэлэҥи кэпсэтиэ суохпут. Чистяков кистээн истииттэн сэрэниҥ диэтэ. Оттон төлөпүөнүнэн сатамматын бэйэҥ бэркэ билэҕин. Уоруйахтар араас тэрилинэн хааччыммыттара чахчы. Кэпсэтиини истэр «хомурдуостары» дьиэбитигэр эбэтэр үлэлиир сирбитигэр төһөнү баҕарар кыбытыахтарын сөп.
– Дьукку кистэлэҥ сулууспаҕа эрэ баар тэриллэри кинилэр хантан булуохтарын сөбүй? – Оготоев улаханнык мунаарбыттыы, эмиэ да саарбахтаабыттыы ыйытта.
Соттинцев «итэҕэйбэт да быһыылаах, сотору кэминэн, хайдах эмэ гынан, анал кууруска үөрэтэ ыыппыт киһи?» дии санаата. Оготоевы сыныйан кэтээн баран, сыыйа кистэлэҥ үлэҕэ сыһыарбыта үһүс сыла буолла, ол тухары оннук түгэн, дьэ, көстүмээри гынна – абаккалаах!
Төһө даҕаны иһигэр кыһыйан ыллар, Соттинцев салгыы бэрт холкутук эттэ:
– Буруйу оҥорор бөлөх силиһэ-мутуга олус дириҥ уонна киэҥ сири тайаан сытар быһыылаах. Киин ИДьМ биир улахан үлэһитин ойоҕо бриллиант биһилэхтэринэн, илибирэстээх-салбырҕастаах көмүс оҥоһуктарынан киһиргэнэрин туһунан үнүр миэхэ «киин хонтуора» киһитэ кэпсээбитэ. Эн кинини билэҕин. Эһиги фабрикаҕытыгар үлэлиир үрдүк бэлэмнээх силиэсэр. Дружинин диэн.
– Бай! Дружинин эмиэ чыкаа эбит дуу?! Миэхэ дьукку тугу да биллэрбэт дии! – Оготоев соһуйбут омунугар олорор сиригэр, үөһэттэн күүскэ охсуллубут эрэһиинэ мээчик курдук, өрө тэйиэккэлээтэ. – Мин букатын даҕаны билбэппин!
– Миигин да кытта саҥардыы эрэ билистэ. Оттон манна үлэлээбитэ ыраатта. Өссө мин иннибиттэн буолуоҕа. Дьокуускайдааҕы «хонтуораттан» ананан кэлбиппин билэн сылдьар эбит. Чэ, быһата, эн биһикки аны кини салалтатынан үлэлиэхтээхпит. Эн киниэхэ урукку сыһыаҥҥын уларытыма, саллыбыт-толлубут курдук туттума, – Соттинцев, күлэн, туус маҥан тэбис-тэҥ тиистэрэ кэчигирэстилэр. – Эн киниэхэ «тойоҥҥун», кини эйиэхэ бас бэринэр «үлэһит».
– Өйдөөтүм.
– Маннааҕы уоруйахтар Сойуус атын республикаларын, холобур, Армения алмааһынан эргинээччилэрин кытта ыкса ситимнээх курдуктар. Ону арыйарга Андропов дьоно туһааннаах сирдэргэ үлэлии сылдьаллар үһү. Онон, доҕоор, үлэбит олус уустугурда.
– Биһиэхэ, кыра саха дьонугар, дьукку ыарахан сүгэһэр буолууһу, – Оготоев өрө тыынна. – Дьиҥэр, «улахаттар», биһиги да көмөтө суох, дьарыктаныахтарын сөп эбит. Онто да суох дьарыктаналлар эбит буолбат дуо?..
– Чэ-чэ… Эрдий-эрдий… – диэт, Соттинцев санныга таптайан кэбистэ. Уола Дружининтан «өһүргэммит» быһыылаах, итэҕэйбэттэр эбит диэн, ити өттүгэр кыра да энчини тулуйбат тэһии майгылаах. – Уоруйахтар «кыра» сахаларга, сэнээн, киирэн биэриэхтэрин эмиэ сөп. Самбонан сэбилэммит хапсаҕайдьыт ааттааҕа сылдьарын билбэккэлэр. Алексей, оннук түгэҥҥэ түбэһиннэрэн, балай эмэ күүһүмсүйээччи омунун уҕарыппыт буолуохтааххын? – Соттинцев тоҥолоҕунан киһитин ойоҕоһун чэпчэкитик