ТОП просматриваемых книг сайта:
Алмаас уонна хара дьай. Рафаэль Багатаайыскай
Читать онлайн.Название Алмаас уонна хара дьай
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4558-7
Автор произведения Рафаэль Багатаайыскай
Издательство Айар
– Кимий? – диэт, хоруйдуулларын да күүтэ сатаабакка, ааны аһа баттаата.
Онуоха Венера киирэн кэлэр. Быакаҕар биилигэр лып курдук олоро сылдьар хоҥордуҥу тирии пиджактаах, нүөл эттээх самыытын-буутун чыаппаччы тута сылдьар джинсылаах, санныгар диэри түһэ сылдьар мап-маҥан долгуннура өрүкүйбүт баттахтаах.
– Үтүө киэһэнэн!
– Үтүө эрэ буолуо дуо, чахчыта, ааттаах улуу киэһэ үүннэ эбээт! – Шахно күлүм аллайда. – Суумкаҕын, пиджаккын итиннэ ыйаа. Үлэҕэр маннык таҥнан тиийдэххинэ, эр дьон бары эн сыдьаайыҥ анныгар төкүнүйэ сытыах эбиттэр, – диэн илэ-сала түстэ, онтон дьыбааны ыйа-ыйа эттэ. – Итиннэ олоро түс. Төлөпүөҥҥэ саҥаҕынан тута билбитим. Эн саҥаҕын адьас өйдөөн хаалбыт эбиппин. Саҥаҥ кэрэ даҕаны!
– Уулуссаттан төлөпүөннээтим. Аптамааттан.
– Мала-дьыас! Аны дьиэтиттэн эрийбитэ буолуо диэммин сэрэхэдийдим ээ. Өйдөөххүн даҕаны!
– Эс, оннук судургуну оскуола оҕото да өйдүүр ини, – Венера кынтас гыммытыгар тэрэгэр түөстэрэ туналы маҥан дириҥ оҥуулаах куоптатын тиирэ тэбэн кэбиһиэхтии долгулдьуйан ыллылар. – Миигин, кэмитиэт приёмнайыгар үлэлиир киһини, иһиллээһиҥҥэ ылбыттара чахчы. Тутаах тэрилтэлэр приёмнайдарыгар үлэлээччилэр уонна тойоттор-хотуттар суоппардара агент буолалларын дьоннор кинигэттэн-киинэттэн билбиттэрэ ыраатта. Быһата, ити билигин кимиэхэ даҕаны кистэлэҥ буолбатах! – Венера оҥосто-оҥосто күлэн лыҥкынатта.
– Чэ, барыта өйдөннө. Оҕуһу тута муоһуттан харбыыр куолута! Бастаан, көрсүһүүнү бэлиэтиэххэ, – остуол аттынааҕы олоппоһу ыйар. – Баһаалыста, олорон кэбис, – хобулуктарын охсуһуннаран таһырҕатар.
– Бу төһө эрэллээх дьиэний? – Венера, сото кэбиһэн баран, унаарыччы көрөр.
– Эркин курдук эрэн. Мин чугас аймаҕым дьиэтэ. Көннөрү үлэһит. Онон, ханнык да иһиллиир тэрил суоҕа чахчы, – арыгы кутар. – Молдованнар ханньаактарын амсайыахха. «Белый аист». Биэс сулустаах. Миэхэ холооно суох. Мин биир эрэ сулустаахпын.
Венера күлэр.
– Олус кэриэлийимэ, майор! – үөһэ тыынар. – Һуу, чэпчии түстүм дии. Долгуйбутум, дьэ, ааста.
Шахно үрүүмкэтин күөрэччи көтөҕөр:
– Эрэллээх көрсүһүү туһугар! Барыта тып курдук буоллун!
Лыҥкыначчы охсуһуннаран иһэллэр.
– Аны маны амсай, – Венера тэриэлкэтигэр ас уурар.
– Мерси! Эн «оҕус» туһунан үчүгэй баҕайытык эттиҥ дии. Онон, көрсүһүүбүт сүнньүгэр киириэххэ. Туохха ыҥырдыҥ, табаарыс майор?
– Бу күннэргэ Соттинцев Чистяковка сырытта дуо?
– Сылдьан.
– Тугу кэпсэппиттэрин кистээн иһиттиҥ ини?
– Истэн.
– Биһиэхэ, севернэйдэргэ, сыһыаннааҕы хобугунастылар дуо?
– Сибигинэстилэр, санааларыгар… – Венера хараҕынан оонньоон ылла.
– Сүрүн ис хоһоонун иһитиннэр эрэ.
– Алмааһы кимнээх уоралларын туһунан санааларын үллэһиннилэр. Онно күтүрүүр дьоннорун ортотугар Мациев, Шагалов ааттара иһилиннилэр… Уонна Шахно, – дьахтар уп-уһун тыҥырахтаах сөмүйэтинэн эр киһини