Скачать книгу

күөллэр тумуһахтарыгар, арыыларга, күөллэр биэрэктэрин бата атыыр кураанах кустар мончууктарын тарҕаччы уурдахха, атыыр кустар ыраахтан саҥарбытынан, боотурҕаабытынан тайааран кэлэн түһэллэр. Сороҕор үөрдүспүт атыыр кустар саҥа-иҥэ буоланнар субуруспутунан биэрэктэн тэйэ олорор буолаллар.

      Сара 24

      Сорсулаабыт, ол аата үөрдүспүт атыыр кустар, күүс-сэниэ ыла мусталлар, онтон тыатын саҕатыттан халыҥ куталаах, угуттаабыт күөллэргэ сааскы түүлэрин үргэнэн аны сараллар. Сара – сиикэй кынаттаах бэйэ кус. Сарбыт куһу ытынан бултуур ордук хотоойу. Кус этэ сара кэмигэр ордук минньийэр.

      Көччөх 25

      Көччөх – саҥа көппүт күһүҥҥү кус оҕото. Ылдьыын таҥара, ол аата атырдьах ыйын иккис күнүттэн күһүҥҥү кустааһын саҕаланар кэмигэр бултууллар.

      Нэмэнэ

      Нэмэнэ – систэн киирэр күһүҥҥү айан куһа.

      Куһу ытыы албастара

      Куһу мончуукка түһэрэн, холбоон ытыы. Холбоон ытыы – булчуту тулуурдаах буолууга, саахыматчыт курдук түргэнник толкуйдуурга, ырааҕы-чугаһы холуу көрөргө үөрэтэр ньыма.

      Куһу мончуукка тартаран салгыҥҥа күөрэтэн ытыы. Мончуукка элиэтиир кус көтүүтэ бытаан уонна түһээри уутун көрүнэр буолан сэрэҕин сүтэрэн, иһин салыбыратан эйэҥэлиирэ саа сыалыгар көстүмтүөтүнэн уратылаах.

      Куһу олоххо ытан баран, көтүүгэ ытыы. Мончуукка түспүт куһу саа ылар холунан олорор кустартан холбоон ытан баран, көтүүгэ сэһээккэттэн чугаһын күөрэтэр албас.

      Куһу көтүтэн ытыы. Кэрийэ сырыттахха, от быыһыгар түспүт куһу саа ытар холугар киирэн туран, соруйан тыаһаан, көтүтэн ытыы.

      Үөмэн ытыы. Кытыылаан тиксэ сытар кустары окко, дулҕаҕа хаххаланан, үөмэн киирэн, холбоон ытыы.

      Кэрийэн ытыы. Ходуһа ууларынан кэрийэн, куска чугаһаан ытыы ньымата.

      Тыынан уста сылдьан, көтүтэн ытыы. Куталаах күөлү кытыылаан, кутаҕа саһан олорор кустары көтүтэн, дайдаран тыыттан ытыы.

      Быыралаан ытыы. Куһу умуһуннара сылдьан, тыынан эккирэтэн ытыы.

      Күөл тумуһахтарыгар тоһуйан ытыы. Кустар күөлү эргийэ көтөр үгэстээхтэр. Тумуһахтыы өтөн киирбит сирдэри кустар быһыта көтөллөр. Итинник сиргэ саһан олорон ааһар кустары халбыйан26 ытыы албаһа.

      Ытынан ирдэтэн, көтүтэн ытыы. Ардахтаах күҥҥэ кус от быыһыгар хорҕойор. Онно ытынан көтүтэн бултааһын.

      Уу ньарыктаабыт от быыһын уутугар түһэ кэлбит куһу тоһуйан ытыы. Бу ньыма күһүҥҥү куска ордук. Кус аһаары күөл кытыытынааҕы ходуһаны ылбыт ньамах уулаах сирдэргэ түһэн аһыырын, тоһуйан27 ытар ньыма.

      Ырбыы кыарыыр сиригэр саһан олорон, ырбыыны бата көтөр куһу халбыйан ытыы. Сааскы кус ырбыылаан турар күөлгэ ырбыыны бата эргийэ көтөр үгэстээх. Олору мончуугунан тартаран эбэтэр ааһан истэхтэринэ иннилэрин күөйэн ытар албас.

      Сырыһыннаран Скачать книгу


<p>24</p>

Сара – сайын түүлээн, көппөт буолан биир сиргэ сылдьар кустар.

<p>25</p>

Көччөх – саҥа көппүт күһүҥҥү кус оҕото.

<p>26</p>

Халбыйан ытыы – кус иннин күөйэ көрөн ытыы.

<p>27</p>

Тоһуйар – үөһэттэн иһин ыһыктынан, эйэҥэлээн түһэн эрэр куһу утары тоһуйан тумсун кыһарыйа ытыы.