Скачать книгу

сандаархай күннээх Саарбалаах буоллун бу улуу алаас», – диэбит. Ол кэннэ баттаҕыттан ат тарааҕы ылан: «Айгырыы хамсыыр аар хатыҥ буол. Ыһыах эйиэхэ ыһылыннын, көр эйиэхэ көрүлэннин!» – диэн баран сурдун оннугар батары анньан кэбиспит. Ол тарааҕы онтон ким да ылбатах. Сарсыныгар кэлэн көрбүттэрэ тараах суох үһү. Ол курдук ааспыт. Эһиилиттэн кини тарааҕа хаалбыт сиригэр хатыҥ чараҥ – бу биһиги хатыҥ чараҥмыт үүммүт. Бу кэнникигэ диэри улуус-улуус ыһыаҕа манна, бу хатыҥ чараҥ тэллэҕэр буолара. Эн ити хатыҥ чараҥы мээнэ алдьаппат буол. Бэйэтэ даҕаны бу кэнники сылларга ииннэ-хатта. Кини буолан тулуһан турар, – диэбитэ.

      Мин онтон ыла алааһым хатыҥ чараҥын атыннык көрөр буолтум. Түүн түһээн ол толуу дьахтары, үтүө санаалаах хотун хааны, көрөрүм. Кини хатыҥнар тастарыгар үүт кэрэ аттаах сылдьар буолар. Ол ат сиэл кутуруга хатыҥ лабаатын курдук буолара. Дьахтар дьикти ыраас харахтааҕа, уһун суһуохтааҕа. Мин кинини сороҕор үүт кэрэ атын хатыҥ сэбирдэҕэ сиэлин имэрийэ-имэрийэ ытыы олорорун көрөрүм. Ол кэннэ хатыҥ чараҥмын санаабытынан уһуктарым. Сайыҥҥы күн тахсыыта сытар хоспохпуттан атах сыгынньаҕын тахсан, сарсыардааҥҥы сииги кэспитинэн, ытыы олорор үүт кэрэ аттаах дьахтары көрөөрү, хатыҥ чараҥҥа тиийэрим. Кини суох буолара. Мин сэбирдэх уутунан дуоһуйуохпар дылы суунарым.

      – Дьикти буолар ээ, кырдьык. Миигин дьонум «хатыҥы алдьаппат буол» диэччилэр. Бу барахсаттар иччилээхтэрэ буолуо дуо? Суох ини. Көннөрү кэрэтин иһин харыстыыллар, – диэбитинэн Тамара олоро түспүтэ. Кини нарын илиилэрэ, суһуоҕа хойуу сэбирдэхтээх хатыҥ лабаата буолан көстүбүтэ. Мин соһуйбутум. Харахпын быһыта симмэхтээн ылбытым. Тамара бэйэтэ-бэйэтинэн сырдык туостаах эдэр хатыҥ анныгар өссө тупсан-кэрэтийэн, хатыҥы кытта хатыҥ, сири кытта сир буолан олороро.

      Быйыл саас Саарбалаахха сырыттым. Мааны бэйэлээх хатыҥ чараҥым уостан бүппүт. Бэрт аҕыйах, ону даҕаны тостубут хатыҥнар хаалбыттар. Мин онно буруйдаахпын. Тамараны маҥнай таптыы көрдөҕүм сайын дойдубар тахса сылдьан, алааһым биир маанылаах хатыҥар «Тома» диэн быһаҕынан тэһэ быһан суруйбутум. Ол хатыҥ эрдэ хагдарыйбат этэ. Билигин төҥүргэһэ эрэ турар. Ийэм тылын, үүт кэрэ аттаах дьахтар хараҕын уутун умнубут этим.

      Хатыҥнар, сахам хатыҥнара, эһигини ааһар тыал да тумнан аастын. Дьон дьолугар, куурары-хатары билбэккэ, лабааҕытын намылытан, сэбирдэххитин силигирэтэн өрүү үүнэ туруҥ! «Кинилэр ырыалара элбэх. Ону сатаан истэр, өйдүүр киһи бу сири дьиҥнээхтик таптыахтаах» диэн Тамара саамай сөпкө эппитэ.

      АРДАХ ТҮҺЭР

      Сааскы Сэргэлээх кэрэ да буоллаҕа. Күнү быһа күөрэгэй ыллыыр. Кэҕэ этэр. Биһиги күөх мутукча дэйбиирдээх аа-дьуо хаамсан иһэбит. Бырдах олус элбэх. Бүгүн бэйэтэ да харааннаабыт быһыылаах. Тамара сыгынньах сотолорун тула эргийэллэр. Ону ол диэбэккэ күөх тыаҕа дьикти дыргыл сытынан тыына сылдьабыт. Кини сарсын дойдулуур. Мин эмиэ дойдубар тахсабын. Быйылгы курдук үтүө, саас сайына да үчүгэй буолара эрэбил. Онон оттуом. Ийэм икки

Скачать книгу