ТОП просматриваемых книг сайта:
Эн онно хайаан да тиий. Николай Босиков
Читать онлайн.Название Эн онно хайаан да тиий
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6125-9
Автор произведения Николай Босиков
Издательство Айар
Мин ол түүн, бу биэрэккэ, оргуйар омуннаах олохторо ууллан бүгэн, Лена эбэ хотун кур күүһүгэр кыаттаран, эмиэ бу курдук хабырына, хайа баран лып-лыҥкынас, сып-сырдык утахтарын мүччү тутан, күөх далайга куоттара иһэр муустары көрөн, киһи дьылҕатын онно дьүөрэлии санаан, саныы түһэн олорбутум. Кырдьык да, оннукка дылы эбээт! Чэгиэн бэйэлээх күһүҥҥү муус, син биир киһи курдук, олох ыарын, кыһын кыыдаанын, эриирин-мускуурун уйан, халыҥаан, баараҕадыйан, сааска тиийэн, син биир кырдьыбыт киһи курдук, муударай, холку буола муостуйан баран, дьэ кэлэр кэлбитинии, утах утаҕа, үүдэһин үүдэһинэ, ити лыҥкыныы тохтон, ити күүркэнньик буолан, ууну кытта ууга кубулуйан, салгыны кытта салгыҥҥа симэлийэн эрдэҕэ. Кини олорон ааспыт бэлиэтэ – ити лыҥкынас дорҕоон, ити бэйэ-бэйэтин кытта аалсыһар, хабырыйсар нүһэр ырыа дуу, түгэҕэ суох, бүппэт кэпсээн дуу буоллаҕа.
– Муус саҥатын истэҕин дуо?
Мин төбөбүн өндөтөн, чуор, чэбдик, лыҥкынас саҥа диэки көрө түспүтүм. Тэһитэ кэйии сүүтүк ойуута ойуулаах чараас сиидэс ырбаахылаах, хап-харанан көрбүт, хатыҥыр студентка наһаа холкутук быар куустан, миигин үрдүбүнэн үөскэ үөмэхтэһэр муустары, Лена уҥуоргу иирэлэрин көрө сатыы турара.
– Мууһу көрөбүн, эн муус саҥатын истэҕин дуо? Туох дииллэрий? – диэбитинэн мин кырдьаҕас иирэм төрдүттэн туран кэлбитим.
– Истиминэ… Быдан дьылларга быраһаайдарыҥ! Биһиги эһигинниин аны көрсүөхпүт суоҕа дииллэр, эн истибэккин дуо? – диэбитэ кыысчаан, биллэ-биллибэттик өрө тыынан кэбиһэн баран. Хараҕын саппыт чараас халтаһалара, уһун кыламаннара, субу көтөн тахсыахха айылаах хаастара, көбүс-көнө, эттээх бөтөҕөлөөх атахтара, санныгар бырахпыт суһуоҕа – бука барыта, сааскы түүнү курдат сайара.
– Мин эмиэ итини саныы, эн истибиккин истэ олорбутум ээ, – диэтим.
– Кырдьык дуо? Кырдьык оннук! – диэн үөрэ түспүтэ кини. Биһиги билсибиппит. Кини Тома диэн этэ. Мин санаам сырдыы, уларыйа түспүтэ. Бэйэ-бэйэлэрин сүксүһэр, хабырыйсар сааскы көмүөл мууһа ыраатан бэйэлэрин тиһэх эрээри көҥүл ырыаларын ыллаан дьалкылла, эҥсиллэ турбуттара. Манна Лена үрдүгэр, күөх биэрэккэ, Тома уонна мин туран хаалбыппыт. Биһиги таспытыгар ким да суох: бу орто дойдуга иккиэйэх эрэ этибит. Оо, ол оннук мүнүүтэ ураты да кэрэ буоллаҕа. Кимиэхэ да, хаһан да ол түгэн умнуллубатын!
Мин бүгүн муустары уратытык көрөбүн. Сорохторо бөдөҥнөр, сорохторо кыралар. Бөдөҥ муустар, кыра муустары хампы анньан, тоҕо үтүрүйэн ааһаллар. Ол хайдах эрэ ыарыылаахха дылы. Кинилэр быыстарыгар эдэр, кырдьаҕас муустар бааллар эбээт! Кырдьаҕас муус хараарбыт, олох туох баар тымныытын, итиитин, кирин-хаҕын иҥэриммит курдук хара, дьэбир, тыйыс. Эдэр муус сырдык – мин оччотооҕуга, эдэр эрдэхпинэ көрсүбүт эдэркээн кыыспын – Томаны санатар.
Муустар, Лена муустара, ааһа, саҥаттан саҥаны бар дьоҥҥо кэпсии туруҥ!
НЬУРГУҺУН ЫРЫАТА
Биһиги тыаҕа, сааскы тыаҕа, сылдьабыт. Көҕөрөн эрэр мутукча, мыраан сирэйин толору үүммүт ньургуһун – көрүөхтэн кэрэ. Ким барыта сүүрүөн-көтүөн, ыллыан-туойуон курдук. Бу чэбдигин, бу салгына ырааһын! Туох барыта лыҥкынаан, чаҕылыйан олорор. Ньургуһун ыллыыр. Хаһан иһиттим этэй мин бу сааскы ньургуһун ырыатын? Ол саас Чочур Мыраан тэллэҕэр истибитим. «Ол саас» диэн ити мин Тамараны көрсүбүт, кини саҥатын аан маҥнай истибит сааспын ааттыыбын. Биһиги онно саас, экзамен саҕана, учууталлар сынньанар дьиэлэригэр олорбуппут. Биһигини кытта Петя диэн хоту дойду уола, быһыта баттаан, хайдах эрэ тыгыалатан саҥарар уол баара. Көнө, ураты, муҥутах, тугу эт – барытын кырдьыктанан иһэр үгэстээҕэ. Оччолорго оонньооботох, күлбэтэх кэлиэ дуо? Ол ахсын киһи көнөтө Петя түбэһэрэ. Мин билигин да үчүгэйдик өйдүүбүн:
Үөлгэ-дьүөлгэ,
Түүҥҥү бүккэ,
Уолбут Бүөккэ
Кимниин бүктэ?
– диэн, ким эрэ, хоһоону, көрү таптыыр, бэйиэтимсийэр студент суруйан кэбиспит строкаларын. Ити кыһыылаах строканы аахтахха Петя чахчы ыксыыра. Кини кыыстыын кэпсэппитэ, тугу эмэ ыйыппыта күлүү буолан иһэрэ. Ол аны санаатахха төһө да олуона курдугун иһин, сүрдээх үчүгэй, сэргэх, эдэр саас тыыннаах өйдөбүлэ буолар ураты күүстээх эбиттэр.
Биирдэ биһиги тыаҕа тахсыбыппыт. Кыргыттары кытта Тома кэлсибитэ. Кини биһиги икки ардыбытыгар, били сааскы Лена биэрэгэр көрсүһүөхпүтүттэн, туох эрэ сатаан этиллибэт, сатаан өйдөнүллүбэт уустук сыһыан баар буолан хаалбыт. Сороҕор олус тоҥуйдук, хаһан да кэпсэппэтэх, эн-мин дэспэтэх дьон курдук, сороҕор төһө да ырааҕын, атын дьоҥҥо биллибэтэҕин иһин истиҥник, төннүбэттик көрсүһэрбит. Кини ол күн, биһиги тыаҕа таҕыстахпыт күн, ордук кэрэтийбит этэ. Биһиги бары Чочур Мырааны дабайбыппыт. Мин мэлдьи инники этим. Ким кыайан тахсыбатахха, халты тэбиммиккэ, ыксаабыкка илиибин биэрэн көмөлөһөрүм. Ол сырыттахпына, дьолго, Тома түбэспитэ. Биһиги хайа үрдүгэр дылы сиэттиһэн тахсыбыппыт. Кини илиитин сылааһа миэхэ биллэрэ. Үөрбүтүм. Дьолломмутум. Этэргэ дылы, «сүрэҕим тэбиитэ – сүүрүк ат битиитэ» буолбута. Күн ордук ырааһырбыта.