Скачать книгу

тэйдэр тэйэрин.

      Сэбирдэх бүрүйүө сайыҥҥы

      Быстах тылларбыт күннэрин,

      Эйигин ахтылҕантан арааран

      Эһиилгэ диэри күрэтиэ.

      Күһүҥҥү түүн

      Саас күнүс кэлэр буоллаҕына,

      Күһүн түүн үөмэр идэлээх.

      Барыны бары дьон көрбөтүгэр

      Силигин ситэрэр дьиэктээх.

      Эн күһүн тыынын санатаҕын,

      Тымныы көрүүгүнэн абылыыгын,

      Аттыбар хаһан да суоххун эрээри,

      Кэлэн ааспыккын өрүү билэбин.

      Эйигинниин сүрэҕим сорҕото

      Сэбирдэх ардаҕыныы тохтор

      Уонна эн курус тыалгар олорсон

      Сулус куйаарыгар айанныыр.

      Саас күнүс кэлэр буоллаҕына,

      Күһүн түүн үөмэр идэлээх.

      Поэт сүрэҕин дьон көрбөтүгэр

      Сэбирдэх оҥорон көтүтэр күүстээх.

      Күһүн күөһэ

      Үүнэр түүн күлүгэр сөрөнө

      Көй күһүн тоҥ күөһүн өрүнэр,

      Тула күөх отуорун хамсата

      Үөр сулус кыымнарын күөдьүтэр.

      Эн эмиэ иччилээх түүллэриҥ

      Бу туому батыһа көстөллөр,

      Аан дойду ханнык да муннугар

      Чаҕылхай сулустуу күндүлэр.

      Күн тахсар туомугар умнуллар

      Кистэлэҥ күһүҥҥү күөстэнии,

      Аан дойду көмүстээх күөнүгэр

      Бэриннэ түүҥҥү ыраланыы…

      Күһүҥҥү ньургуһун

      Тоҕо тылынныҥ, күһүҥҥү ньургуһун,

      Оспут сааскыбын «хастыы»,

      Түүҥҥү хаһыҥныын далла мэндэһэ,

      Олох дуоҕатын дьыбарга күөрэтэ?

      Күүппэтэҕим бу көрсүһүүттэн

      Санаа күүстээх долгуннарын,

      Сүрэҕи дүҥүр оҥостон кыырар

      Күһүҥҥү иэйии кутуруутун.

      Тоҕо тылынныҥ, соҕотох ньургуһун,

      Бүппүт сааскыны хос эргитэ,

      Дүҥүр сүрэхпин ытата-ыллата,

      Орто Дойду олоҕуттан аралдьыта?

      Күһүҥҥү илдьит

      Дьокуускай. Күһүҥҥү уулусса.

      Сэбирдэх долгуна ытыллар.

      Дьыбардаах. Тулаайах сарсыарда.

      Күн ньулуун уотунан ыллаһар.

      Ахтылҕан. Күһүҥҥү былыттар.

      Баар бары соҕуруу хайыһар.

      Кынат суох, сайыһа хаалабын,

      Доҕорбор илдьиппин ыытабын:

      Сулустаах халлааҥҥа ити мин —

      Эн түүлгүн абылыы сырдыыбын.

      Сарсыарда дьыбарга ити мин —

      Эн суолгун көрөөрү хатыыбын.

      Маҥнайгы хаар кэлиитэ

      Хас ойуур күөҕүнэн көрүлүү,

      Хас халлаан уутунан сайҕана —

      Күһүн ыҥырар маҥнайгы хаарын,

      Хара сиргэ үктэммэт хотунун.

      Кини сүүс эгэлгэ илдьитэ,

      Айанын аартыгын талыныыта —

      Үөр сулус ахсынан уларыйар,

      Бит-билгэ тылыгар кубулуйар.

      Кини хайдах киирэн кэлэриттэн,

      Санаабар, эн эмиэ долгуйаҕын,

      Сүрэҕиҥ этитэр чараас илдьитин

      Күһүннүүн кыттыһан хоту ыытаҕын.

      Таҥнарыахсыт сулус

      Күһүн, сулус үөрдүһэ сүүрэр

      Күлүмүрдэс үөһүттэн

      Сулус суулларын көрөбүн,

      Ырабын саныы охсобун.

      Билбэт

Скачать книгу